Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Ил Дархан Айсен Николаев ДНӨ үлэтинэн сылдьан Саха сирин быраастарын көрүстэ. Кинилэр онно Докучаевскай куораттааҕы балыыһатыгар үлэлии сылдьаллар.
Ил Дархан үлэлэрин-хамнастарын билистэ уонна олохтоох дьоҥҥо көмөлөрүн иһин махтанна. Быраастар биригээдэлэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа, онкология диспансерын уонна 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа исписэлиистэрэ бааллар.
«Элбэх киһи биһиги быраастарбытыгар киирээри олорор. Холобур, биһиги офтальмологтарбыт аҥаардас Докучаевскайга 200-тэн тахса эпэрээссийэни оҥорор былааннаахтар. Олохтоохтор биһиги быраастарбытыгар наһаа махтаналлар. Мин Дьокуускайга олорбут Владимир Петровиһы көрүстүм. Саха сиригэр олорбут кэмин олус истиҥник ахтар-саныыр. Дьон доруобуйатын харыстабылыгар үлэлиир быраастарга махтал», — диэн кини ТГ-ханаалыгар суруйар.
Манна даҕатан эттэххэ, бу үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар.
«Мин катаракталаах этим. Бэҕэһээ хаҥас харахпын эпэрээссийэлээтилэр, бүгүн уҥабын оҥороллор. Саха сирин быраастарыгар, ону сэргэ бэйэбит олохтоох быраастарбытыгар махтанабын. Наһаа истиҥ сыһыаннаахтар, болҕомтолоохтор«, — диэн Докучаевскай куорат олохтооҕо Нина Кашапова санаатын үллэстэр.
ДНӨ Айсен Николаев Саха сириттэн сылдьар байыастары көрүстэ. Тирэх пууҥҥа Ил Дархан тиэхиньикэлэр баартыйаларын туттарда. Саха сириттэн сулууспалыыр байыастар байыаннай чаастара «Патриотическая» ТОР резиденигэр «Якт-Сокол» ХЭУо бэлэмнээбит сэттэ вездеходун сэртипикээтин туттулар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
80 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 9, 10 күннэригэр, “Кыым” хаһыакка тугу суруйбуттарай? Бу суруйуулары…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…
Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…