Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыгын кытта көрүстэ
Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьевтыын көрсөн, Саха сирин киин куоратын сайыннарыы туһунан кэпсэттэ. Кэпсэтии сүрүннээн тутуу саҥа сезонугар бэлэмнэнии уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэрии туһунан буолла.
“Сотору тутуу кэмэ саҕаланар. Бу үлэҕэ бэлэмнэнии төһө сөптөөхтүк бара турарын чопчу өйдүүр улахан суолталаах. Туох баар былааннаммыт тутуулар анаммыт болдьохторугар үлэҕэ киириэхтээхтэр. Ол эрээри, тиэтэйииттэн сылтаан хаачыстыбаны мөлтөтүү суох буолуохтаах. Бу суолу тутууга ордук сыһыаннаах”, — диэн эттэ Ил Дархан.
Евгений Григорьев үлэ хаамыытын сүрүн балаһыанньаларын таарыйан дакылааттаата, кэлэр кэмҥэ ханнык бырайыактар бастакы уочарат олоххо киириэхтээхтэрин туһунан быһаарда. 2023 сылга Дьокуускайга хаарбах туруктаах 79 дьиэ көтүрүллүөхтээх. 2,4 тыһыынча кэриҥэ куорат олохтооҕо саҥа дьиэлэниэхтэрэ. “Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн, киин проспект өрөмүөнэ салгыы ыытыллыаҕа. Барыта 21 килэмиэтир уһуннаах уулусса саҥардын оҥоһуллуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: