Ил Дархан Дьокуускайга суол оҥоһуутун үлэтин бэрэбиэркэлээтэ
Бүгүн, от ыйын 10 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев «Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырйыагынан Дьокуускайга Бабушкин уулуссатыгар үлэ-хамнас хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Үлэ былырыын күһүн олохтоохтор туруорсууларынан саҕаламмыта. Ил Дархан бу уулусса өрөмүөнүн кыраапыгынан быйыл балаҕан ыйыгар диэри түмүктүүллэригэр сыал-сорук туруорда. Учаастак уһуна Советскай Армия 50 сыла уулуссаттан Очиченкоҕа диэри 2 км ордук. Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, инженернэй коммуникацияны, уу турбатын уларытыы сыралаах үлэлэрэ толоруллубуттар.
Бэдэрээччит «Дороги Саха» аспаллааһын үлэтигэр киирбит. Үлэҕэ кыраапыктан хаалыы суох. Аспааллааһын үлэтин атырдьах ыйын бүтэһигэр диэри бүтэрэр уонна балаҕан ыйын саҥатыгар тырааныспардар сылдьалларын курдук оҥорор былааннаах.
Санатан эттэххэ, быйыл Саха сиригэр «Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыагынан 274,7 км айан суола киллэриллиэ, итинтэн 244,8 км эрэгийиэн суолталаах, 29,9 км — Дьокуускайга. Бу сыалга 8,5 млрд солк. көрүллүбүт, итинтэн 4,8 млрд — федеральнайтан. СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев национальнай бырайыагынан ыытыллар үлэ Дьокуускайга кыраапык быһыытынан баран иһэрин бэлиэтээтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: