Ил Дархан доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин, бэтэрээннэри Мэдиссиинэ үлэһитин күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев  доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин, бэтэрээннэри Мэдиссиинэ үлэһитин күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ улахан үлэ ыытыллар. Ол курдук Уһук Илиҥҥэ саамай улахан  Кардиососудистай  диспансер аһыллан, сыл иһигэр үлэтэ номнуо үтүө түмүктэрдээх буолла.  Бу сылга Онкологическай киин саҥа дьиэтин аһыахпыт. Бу киин аан дойду таһымыгар эппиэттиир, — диэн эҕэрдэ тылыгар Ил Дархан эттэ.

Итиэннэ Арктика олохтоохторун ааттарыттан арктическай мэдиссиинэ саҥа моделын олоххо киллэриилэрин иһин миэдиктэргэ махтанна. Ол курдук «Мобильнай дуоктардар»  Арктика оройуоннарыгар балтараа тыһыынча кэриҥэ улахан дьону уонна оҕолору көрдүлэр.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ быраастара байыаннай дьайыыга кыайыы иһин тус кылааттарын киллэрэ сылдьаллар. Биһиги эмчиттэрбит байыаннай госпиталларга үлэлииллэр.  Кинилэр эпэрээссийэ оҥороллорун, сүбэ-ама биэрэллэрин таһынан, байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөллөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago