Хаартыска sakha.gov.ru
Өрөспүүбүлүкэҕэ Доруобуйа национальнай күнэ 2000 сылтан бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.
-Хоту сир олохтоохторун доруобуйаларын араҥаччылааһын, харыстааһын судаарыстыбаннай бэлиитикэ биир тумус туттар боппуруоһунан буолар. Саха сиригэр номнуо иккис сылын доруобуйа харыстабылын сайыннарыыга уонна доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ ыйаах үлэлиир. Ыйаах иитинэн 2021-2030 сыллар Доруобуйа уон сылынан биллэриллибиттэрэ. Ый анараа өттүгэр Арктическай зонаҕа анал медиссиинискэй көмөнү оҥорууга саҥа пилотнай бырайыак үлэтин саҕалаабыта.Оттон бэҕэһээ Бүлүүгэ балыыһа улахан комплекса үлэҕэ киирдэ. Маны таһынан саҥа балыыһалар Уус Маайаҕа, Чурапчыга, Хонууга тутуллаллар. Ытык Күөлгэ саҥа поликлиника дьиэтэ тутулла турар. Федеральнай бүддьүөттэн доруобуйа харыстабылын салаатыгар үбүлээһин кээмэйэ үрдээһинин ситистибит, — диэн эҕэрдэ тылыгар Айсен Николаев эттэ.
Ыам ыйыгар оҕуруот үүнээйитигэр ый халандаарынан (лунный календарь) саамай табыгастаах күннэрин таһаарабыт. Быйыл ыам ыйыгар…
«Алдан» патриотическай драма - байыаннай дьайыы дьоруойдарын хорсун быһыыларын туһунан кэпсиир уус-уран киинэ дойдуга бастакы…
Ыам ыйын 9 күнүгэр Зярынка олохтоохторо икки сүүнэ улахан хотой миитиҥ кэмигэр элиэтии көтөллөрүн видеоҕа…
Чугастааҕы сууккаҕа, ыам ыйын 11 күнүгэр, Таатта, Чурапчы, Амма, Уус Маайа, Кэбээйи оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-20…
Бүгүн, ыам ыйын 10 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыыга аналлаах түргэн саахымакка…
Бэс ыйын 12 күнэ – Арассыыйа күнэ. Манан сибээстээн дойду олохтоохторун бэс ыйыгар түөрт күннээх…