Ил Дархан Дьоруой чугас дьонун кытта көрүстэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев алтынньы 9 күнүгэр Ийэ дойдутун туһугар хорсуннук сэриилэһэ сылдьан олоҕун толук уурбут Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров чугас дьонун кытта көрүстэ.

Ил Дархан Саха сирин бары олохтоохторун аатыттан дьоруой аҕатыгар Николай Алексеевич Егоровка, чугас дьонугар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ: «Эн уолуҥ уонна эһиги бырааккыт байыаннай иэһин толоро сылдьан,  хорсун быһыы холобурун көрдөрдө. Тэҥэ суох киирсиигэ кини дьоруойдуу олоҕун толук уурда. Дмитрий Николаевич сырдык аатын үйэтитэргэ туһааннаах үлэни ыытыахпыт, кини хорсун быһыыта умнуллуо суоҕа», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев көрсүһүү кэмигэр.

Рядовой Дмитрий Николаевич Егоров («Сунтар») Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ Новомайорскай нэһилиэнньэлээх пуунун аттыгар буолбут байыаннай дьайыыга хорсуннук киирсэ сылдьан, ыараханнык бааһыран сырдык тыына быстыбыта.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин б.дь. алтынньы  9 күнүнээҕи 763  №-дээх Ыйааҕынан рядовой Дмитрий Егоровка байыаннай иэһин  толоро сылдьан дьоруойдуу быһыытын иһин өлбүтүн кэннэ Российскай Федерация Дьоруойун  аатын иҥэрдэ.

Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүҥҥү туругунан Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр 7000 кэриҥэ киһи кытынна

Кириһиэнньэ сөтүөтүн кэмигэр дьоҥҥо куттал суох буолуутун 630-тан тахса киһи уонна 140 тиэхиньикэ хааччыйда. Онно…

2 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Загранпааспарга оҕо уол, кыыс буоларын булкуйбуттар

Суут ИДЬМ-тан табыллыбатах уоппуска иһин хоромньуну төлөттө. Дьокуускай куораттааҕы суукка куорат олохтооҕо СӨ Ис дьыала…

34 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кириһиэнньэ: Сэрэбиэйдэһэбит дуо?

Сэрэбиэй көрүҥэ элбэх, биһиги олортон, сэрэбиэйдэниэх тустааххыт диэбэтэрбит даҕаны, быһа тардан билиһиннэрэбит. Атах таҥаһынан сэрэбиэйдэнии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суоппар быраабын МАХ нөҥүө көрдөрөрү көҥүллүөхтэрин сөп

РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕын бырайыагар олоҕуран, суоппардар массыыналарын  регистрационнай докумуоннарын уонна суоппар быраабын дастабырыанньатын  МАХ нөҥүө…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуумаҕа «Үлэ бэтэрээнэ» ааты ылар төрүөтү кэҥэтэр туһунан этии киирдэ

Үлэ, социальнай бэлиитикэ, бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ярослав Нилов, наҕараада ылбатах эрээри ирдэнэр болдьохтон биэс…

3 часа ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин салҕанар

Саха сиригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдээһин үлэтэ салҕанар. Ахсынньы 16 күнүнээҕи…

3 часа ago