Ил Дархан Дьоруой Игорь Юргин аҕатыгар ыалдьыттаата

Ил Дархан Дьоруой Игорь Юргин аҕатыгар ыалдьыттаата

07.03.2024, 14:03
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Алдан оройуонугар Аллараа Кураанахха оробуочай сырыытыгар бара сылдьан, Арассыыйа Дьоруойа, майор Игорь Юргин аҕата Василий Алексеевич Юргиҥҥа ыалдьыттаата. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата

Аллараа Кураанах олохтооҕо майор Игорь Юргин — Саха сириттэн бэһис Дьоруой. Киниэхэ Дьоруой аатын иҥэрэр туһунан 114 № ыйаахха бэрэсидьиэн олунньу 15 күнүгэр баттаабыта.

Айсен Николаев дьиҥнээх дьоруойу, Аҕа дойдуну көмүскээччини иитэн таһаарбытын иһин аҕатыгар махтанна.

— Саамай сүрүнэ, уолаттарбыт кыайыы көтөллөөх эргилинниннэр. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын, олохтоохторун ааттарыттан улахан эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Игорь Васильевич 28 сааһыгар майор буолбут, инникитин генераль да буолуон сөп, — диэн Ил Дархан эттэ.

Юргиннар аҕалара таһаҕас массыынатын суоппара, ийэлэрэ — кран машиниһа. Игорь оҕо сылдьан единоборство көрүҥүнэн дьарыктаммыта, Аллараа Кураанах гимназиятын бүтэрэн баран, Благовещенскайга Уһук Илиннээҕи үрдүкү байыаннай хамаанда училищетыгар үөрэммитэ.

— Уолбут соторутааҕыта эрийэ сылдьыбыта. Бойобуой дьайыыларыттан бакаа туораттылар, баҕар, сааһыары кэлиэм диэбитэ. Кыһын икки нэдиэлэ устата кэлэ сылдьыбыта. Кыра эрдэҕиттэн самбонан, паркурунан дьарыктаммыта. Байыаннай хайысханы бэйэтэ талбыта. Биһиги уолаттарбытыгар болҕомтоҕут иһин, махтанабын! — диэн Василий Юргин кэпсээтэ.

Байыаннай училищены бүтэрэн баран, лейтенант Игорь Юргин разведка взводун хамандыырынан, снайпердар роталарын хамандыырынан сулууспалаабыта.

Майор Юргин анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн кытта сылдьар. Кини икки Эр санаа уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата

+1
9
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: