От ыйын 10 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев “Якутия” Урутаан сайдыы территориятыгар ХИФУ тургутар полигонугар тиийэ сырытта. Полигонҥа ыраахтан салаллар көтөр тэриллэр оператордара “БАС” саҥа дроннар кыахтарын салгыҥҥа көтүтэн көрдөрдүлэр.
Бу судаарыстыба кыттыылаах тэрилтэни Национальнай технологическай инициатива пуондата Судаарыстыбыннай лизинговай хампаанньаны (ГТЛК) кытта тэрийбиттэрэ.
Саха сирин Бырабыытылыстыбата өйүүр пилотнай бырайыагын чэрчитинэн хампаанньа ыраахтан саллаллар көтөр аппараттары ордук туһалаахтык туттуу ньымаларын чинчийэр. “БАС” хампаанньа Саха сиригэр суһал быһыы-майгы үөскээһинин кэтээн көрүүнэн дьарыктаныаҕа.
“Экстремальнай килиимэккэ дроннар хайдах үлэлииллэрин тургутуу ыытыллыахтаах. Ыраахтан салаллар көтөр аппарааттар үлэлэрин көрөн, бастыҥнарын талыахпыт. Биһигини баһаар турбут сирин кэтээһиҥҥэ ордук туһалаах буолуон сөптөөх дроннар интириэһиргэтэллэр”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, ПМЭФ-2023 пуорум үлэтин кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна ГТЛК генеральнай дириэктэрэ Евгений Дитрих ыраахтан салаллар авиация эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттара.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…