Ил Дархан дуоһунаһыгар аҕыс хандьыдаат турбутуттан, түөрдэ эрэ хаалла
Бэҕэһээ, от ыйын 26 күнүгэр киэһэ 18.00 ч. Ил Дархан дуоһунаһыгар туруоруммут хандьыдааттартан докумуоннары ылыы түмүктэннэ. Санатар буоллахха, барыта 8 хандьыдаат турбута.
Онтон дьокутааттартан уонна муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарыттан илии баттааһыннаах ирдэниллэр толору докумуоннары 4 эрэ хандьыдаат туттарда: «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан Айсен Николаев, ЛДПР-н Гаврил Парахин, КПРФ-н Виктор Губарев уонна «Арассыыйа хомуньуустара» баартыйаттан Игорь Борисов.
Бу туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.
Бүгүҥҥү, от ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, биир хандьыдаат эрэ регистрацияны баран турар, үс хандьыдаат докумуона бэрэбиэркэлэнэ сылдьар.
СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа бу күннэргэ бэрэбиэркэ түмүгүнэн регистрациялыырын дуу, аккаастыырын дуу туһунан быһаарыныы ылыныа.
Бүгүн, от ыйын 27 күнүгэр, Докумуоннары тутар уонна бэрэбиэркэлиир оробуочай бөлөх бэйэтин мунньаҕар быһааран, СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар Ил Дархан дуоһунаһыгар туруоруммут хандьыдааттар: «Гражданскай платформа» баартыйаттан Юрий Пшенников, «Родина» баартыйаттан Олег Маклашов, СӨ Биэнсийэлээхтэрин баартыйаларыттан Владимир Тимофеев, «Зеленые» баартыйаттан Александр Вакарь статустарын сүтэрбиттэринэн ааҕар туһунан билинэргэ этии киллэрдэ.
Бу хандьыдааттар сокуонунан олохтоммут болдьох кэмигэр регистрацияҕа докумуоннарын туттарбатахтар, ол иһигэр муниципальнай тэрээһиннэр баһылыктарыттан, дьокутааттартан сөптөөх илии баттааһыны хомуйбатахтар.
Бу боппуруоһу СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата сарсын, от ыйын 28 күнүгэр, уочараттаах мунньаҕар көрүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: