Ил Дархан эҕэрдэтэ

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Россия Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Судаарыстыбаннай былаах – биһиги улуу дойдубут устуоруйатын, элбэх омуктаах норуотун култууратын, сүҥкэн ситиһиилэрин символларыттан биирдэстэрэ. Биһиги үс өҥнөөх былаахпыт Росcия норуоттарын сомоҕолоһууларын, модун кыахтарын, көҥүлгэ, тутулуга суох буолууга, сайдыыга дьулуһууларын туоһутунан буолар. Бу былааҕы күөрэччи тутан Россия норуота үгүс ахсааннаах албан ааттаах кыайыылары аҕалбыта.

Россия үс өҥнөөх былааҕа номнуо 30 тахса сыл Россия Федерациятын киэҥ нэлэмэн сирин-уотун үрдүнэн тэлээрэр. Устуоруйаҕа киирбит бу былаах РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин 1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи уурааҕынан Россия Федерациятын Национальнай былааҕынан биллэриллибитэ, уопсай сыаннастарбыт уонна идеалларбыт тула барыбытын түмэн саҥа Россияны кэрэһилээбитэ. Бу бырааһынньык биһиги култуурабыт уонна устуоруйабыт үйэлээх баайын оннунан хаалларар, харыстыыр уонна ытыктыыр хайдахтаах курдук дьоһун суолталааҕын өссө төгүл бигэргэтэр.

Саха сирэ түөрт үйэ кэриҥэ Россия судаарыстыбатын сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрэн кэллэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду хотугулуу-илин өттүн туһаҕа таһаарыы уонна сайыннарыы киининэн, экэниэмикэни сайыннарыы бөҕө тирэҕинэн, дойдубут эрэллээх эркининэн буолар.

Бүгүн Саха сирин уолаттара Россия былааҕын күөрэччи тутан Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга кытталлар. Биһиги үгүс биир дойдулаахпыт Аҕа дойду, эйэлээх олох көмүскэлигэр, кырдьыгы туруулаһааччылар кэккэлэригэр баҕа өттүлэринэн барбыттара. Бүгүн Россия былааҕын аннынан байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сылдьар уолаттарбытынан, биһиги геройдарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр, Кыайыыны уһансар хас биирдии киһинэн ис сүрэхпиттэн киэн туттабын!

Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕа эйэлээх халлааны, дойдубут бигэ туруктаах, чэлгийэ сайдыбыт олоҕун кэрэһилии, Россия саргылаах сарсыҥҥытын туһугар эппитинэспитин мэлдьи саната туруохтун.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бу бэлиэ күн эһиэхэ эйэлээх олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, дьолу-соргуну баҕарабын! Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар ситиһиини уонна этэҥҥэ буолууну!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана         Айсен Николаев

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ийэҕэ сүгүрүйэн, махтанан

"Ыал - ийэтинэн" сэргэх тэрээһини "Мичээр" СК уонна Суотту модельнай бибилэтиэкэтэ тэрийдилэр, нэһилиэк ийэлэрин бибилэтиэкэҕэ…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Оҕо ускуустубатын оскуолата саҥа тэрилинэн хааччылынна

Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо оҕо ускуустубатын оскуолата "Дьиэ кэргэн" национальнай бырайыак көмөтүнэн саҥа тэрилинэн хааччылынна.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: алтынньы 22  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин, илин уонна соҕуруу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөнэ күргэтин бастакы тирэҕин туруордулар

Бүгүн Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Өлүөнэ күргэтин бастакы тирэҕэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруорар тэрээһин…

12 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куорат олохтооҕо дьиэ уопсай көрүдүөрүттэн былдьаспыт

2024 сыл от ыйыгар Дьокуускай куорат биир саҥа тутуутугар нус-хас олох тохтообута. Сэттис мэндиэмэҥҥэ олорор…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Оҕуруот аһыттан күһүҥҥү пюре

Хортуоскаттан эрэ буолбакка, атын оҕуруот аһыттан минньигэс, туһалаах пюре оҥоһулларын билэҕит дуо? Бу маннык илдьиритиллибит…

14 часов ago