Ил Дархан эҕэрдэтэ

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Россия Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Судаарыстыбаннай былаах – биһиги улуу дойдубут устуоруйатын, элбэх омуктаах норуотун култууратын, сүҥкэн ситиһиилэрин символларыттан биирдэстэрэ. Биһиги үс өҥнөөх былаахпыт Росcия норуоттарын сомоҕолоһууларын, модун кыахтарын, көҥүлгэ, тутулуга суох буолууга, сайдыыга дьулуһууларын туоһутунан буолар. Бу былааҕы күөрэччи тутан Россия норуота үгүс ахсааннаах албан ааттаах кыайыылары аҕалбыта.

Россия үс өҥнөөх былааҕа номнуо 30 тахса сыл Россия Федерациятын киэҥ нэлэмэн сирин-уотун үрдүнэн тэлээрэр. Устуоруйаҕа киирбит бу былаах РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин 1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи уурааҕынан Россия Федерациятын Национальнай былааҕынан биллэриллибитэ, уопсай сыаннастарбыт уонна идеалларбыт тула барыбытын түмэн саҥа Россияны кэрэһилээбитэ. Бу бырааһынньык биһиги култуурабыт уонна устуоруйабыт үйэлээх баайын оннунан хаалларар, харыстыыр уонна ытыктыыр хайдахтаах курдук дьоһун суолталааҕын өссө төгүл бигэргэтэр.

Саха сирэ түөрт үйэ кэриҥэ Россия судаарыстыбатын сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрэн кэллэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду хотугулуу-илин өттүн туһаҕа таһаарыы уонна сайыннарыы киининэн, экэниэмикэни сайыннарыы бөҕө тирэҕинэн, дойдубут эрэллээх эркининэн буолар.

Бүгүн Саха сирин уолаттара Россия былааҕын күөрэччи тутан Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга кытталлар. Биһиги үгүс биир дойдулаахпыт Аҕа дойду, эйэлээх олох көмүскэлигэр, кырдьыгы туруулаһааччылар кэккэлэригэр баҕа өттүлэринэн барбыттара. Бүгүн Россия былааҕын аннынан байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сылдьар уолаттарбытынан, биһиги геройдарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр, Кыайыыны уһансар хас биирдии киһинэн ис сүрэхпиттэн киэн туттабын!

Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕа эйэлээх халлааны, дойдубут бигэ туруктаах, чэлгийэ сайдыбыт олоҕун кэрэһилии, Россия саргылаах сарсыҥҥытын туһугар эппитинэспитин мэлдьи саната туруохтун.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бу бэлиэ күн эһиэхэ эйэлээх олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, дьолу-соргуну баҕарабын! Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар ситиһиини уонна этэҥҥэ буолууну!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана         Айсен Николаев

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2026 сылга балтараа тыһыынчаттан аҕыйаҕа суох дьиэҕэ гаас киллэриллиэхтээх

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл түмүгүнэн эрэгийиэннээҕи валовой бородуукта ааспыт сылааҕы көрдөрүүтүн аһарыаҕа

Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аҕа көлүөнэ хорсун быһыытын байыаннай дьайыы буойуттара салгыыллар

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна

Саха сиригэр 2026 сыл  тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан 2026 сылы Култуура сылынан биллэрдэ

Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр тутууга саҥа рекорд олохтонуо

Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…

1 час ago