Ытыктабыллаах тыа сирин үлэһиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрэ!
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини барыгытын Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр промышленность үлэһиттэрин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Тыа сирин үлэһиттэрэ, сиргэ чугас дьон, биһиги өрөспүүбүлэкибитигэр мэлдьи ытыктаналлар. Тыа хаһаайыстыбата – судаарыстыбаны аһынан-үөлүнэн хааччыйар тутаах салаа.
Бүгүн бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыы боппуруоһа дойдуга тутаах суолталаммыт, тыа хаһаайыстыбатын экология өттүнэн ыраас олохтоох бородууксуйата хаһааҥҥытааҕар да үрдүктүк сыаналанар буолбут кэмигэр бу стратегическай суолталаах соругу быһаарыыга эһиги сүрүн күүс буолаҕыт.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга дьоһун болҕомтотун уурар. Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар үбү көрүүнү 12,5 млрд солкуобайга диэри муҥутуурдук үрдэттибит. Эти, оҕуруот аһын, хортуоппуйу, туорахтаах бурдугу соҕотуопкалааһыҥҥа саҥа субсидиялары киллэрдибит. Тыа хаһаайыстыбатын предприятиеларыгар, арктическай уонна промышленнай оройуоннар бааһынай хаһаайыстыбаларыгар ынах сүөһү төбөтүгэр субсидия кээмэйэ улаатта. Ити үп быһаччы аграрийдарга тиийэр, кинилэр дохуоттарын хаҥатар.
2019-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чэрчитинэн үлэлэрин саҥа саҕалаабыт фермердэргэ уопсайа 390 мөл. солкуобай суумалаах “Агростартап” 131 грана бэрилиннэ, ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр сүөһү турар хотоннорун тутууга, атын үлэлэрин-хамнастарын өйүүр сыаллаах 64 грант ананна.
Биһиги тыйыс айылҕалаах хотугу дойдубутугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар судургу буолбатах, ол эрээри эһиги таһаарыылаах үлэҕитинэн биһигини мэлдьи үөрдэҕит. Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит Россия субъектарын ортотугар сылгыны үөрдээн иитиигэ инники күөҥҥэ сылдьар. 2018-2021 сылларга сылгы 160 баазата тутулунна. 5 сыл устатыгар сылгыбыт ахсаана 178,2 тыһыынчаттан 182,1 тыһыынчаҕа тиийдэ. Амма улууһун И.Строд аатынан тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибигэр “Саха сылгытын иитэр собуот” диэн федеральнай статус иҥэриллибитэ өрөспүүбүлүкэ сылгыны үөрдээн иитэр салаатын быйылгы улахан ситиһиитинэн буолар.
Табаны иитиигэ Саха сирэ Россияҕа үс бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр сылдьар. Хотугу дьиэ табатын ахсаана 146,6 тыһыынчаттан 162,2 тыһыынчаҕа тиийдэ.
Ытыктабыллаах тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар!
Өрөспүүбүлүкэбит тыатын хаһаайыстыбата сайдар, иннин диэки хардыылыыр. Онуоха эһиги – тыа сирин үлэһиттэрэ – улахан кылааккытын киллэрэҕит. Өссө төгүл идэлээх бырааһынньыккытынан бука барыгытын эҕэрдэлиибин. Өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут туһугар сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…