Салгыы
Ил Дархан: «Элбэх оҕолоох ыаллар дьадайыыларын тохтотуохпут»

Ил Дархан: «Элбэх оҕолоох ыаллар дьадайыыларын тохтотуохпут»

25.04.2024, 21:05
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирин кэмигэр Тааттаттан элбэх оҕолоох ийэ эрийэн кэлэн, өр кэмҥэ үлэ көрдүүрүн туһунан эттэ, туох көмө баарын ыйытта. 

— Мин Ил Дархан дуоһунаһыгар киирээт да, бастакы таһаарбыт ыйааҕым — дьадайыыны утары охсуһуу туһунан этэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһымын икки төгүл, элбэх оҕолоох ыалларга 3-3,5 төгүл кыччатар сорук турар. Бу хайысханан, үлэҕэ ылыы инники күөҥҥэ турар. Дьарыктаах буолуу кииннэригэр тустаах сорудах бэриллибитэ. Онон элбэх оҕолоох ыаллар дьадайыыларын тохтотуохпут. Бу боппуруоскун тус хонтуруолбар ыллым, — диэн Айсен Николаев хоруйдаата.

Дьадайыыны утары охсуһуу туһунан ыйаах чэрчитинэн, «Женщина села. Время действовать» пилотнай бырайыак үлэлиир. 8 улууска:  Чурапчыга, Дьааҥыга, Намҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка Дьарыктаах буолуу киинэрин иһинэн дьахталлар кулууптара тэриллибиттэрэ.

Бу кулууптарга дьахталлар саҥа идэлэргэ үөрэнэллэр, дьарыктаах буолаллар. Ол түмүгэр, 146 дьахтар үлэ булла, кинилэртэн 8 дьахтар бэйэ дьыалатын арыйдылар. Оттон бэйэ дьыалатын арыныахтарын баҕарар дьоҥҥо социальнай хантараак улахан төһүү күүс буолар.

Маны тэҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн кииннэрэ арыллан эрэллэр. Манна дьиэ кэргэн элбэх боппуруоска хоруйу ылан, араас кыһалҕаларын быһаартарыан сөп.

Маннык кииннэр Чурапчыга, Намҥа аһыллан үлэлии тураллар. Дьиэ кэргэн сылыгар Дьокуускайга элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинэ аһыллыаҕа.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: