Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйыыга суһал ыстаап президиумун мунньаҕын ыытта
Бүгүн, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйыыга суһал ыстаабын президиумун мунньаҕын ыытта диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Мунньахха судаарыстыбаннай хантараактар усулуобуйаларыгар уларытыылары киллэрии уонна бүддьүөт көрүллүүтүн көһөрүү итиэннэ үбүлээһин эбэһээтэлистибэтин лимиитин туһунан боппуруостары көрдүлэр.
Чуолаан СӨ инвестиционнай бырагырааматын олоххо киллэрии чэрчитинэн, СӨ Тутуутун министиэристибэтин 2024 сыллааҕы бүддьүөтүгэр эбэһээтэлистибэлэрин үбүлээһинигэр уонна лимииттэригэр итиэннэ былааннаах 2025 сылга тутуллар кэккэ эбийиэктэригэр быһаарыы ылылынна.
«2019-2025 сылларга хаарбах дьиэ пуондатыттан дьону көһөрүү» бырагырааматын олоххо киллэрии чэрчитинэн олорор дьиэни атыылаһыыга судаарыстыбаннай хантараактар испииһэктэрэ быһаарылынна, онно олоҕуран судаарыстыбаннай дуогабардар усулуобуйалара уларыйда.
Санатан эттэххэ, кэнники 6 сылга Саха сиригэр 329 социальнай эбийиэк тутулунна, ол иһигэр национальнай бырайыактарынан – 134. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ 57 эбийиэк үлэҕэ киирбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: