Ил Дархан Гаврил Курилов-Улуро Адо аймахтарыгар кутурҕанын биллэрдэ

Share

Дьүкээгир суруйааччыта, филологическай билим дуоктара, Саха сирин бочуоттаах гражданина Гаврил Курилов- Улуро Адо 86 сааһыгар олохтон барбыта.

Ил Дархан Айсен Николаев чугас дьонугар уонна аймахтарыгар кутурҕанын биллэрдэ. «Гаврил Николаевиһы  тус бэйэм сирэй көрсөн билсибит дьоллоохпун. Кини бырааттарын кытта олоҕун бүтүннүүтүн бэйэтин норуотугар анаабыта. Куриловтар бырааттыылар көмөлөрүнэн Саха сирин дьүкээгир норуота бэйэтин тылын, суругун уонна литэрэтиирэтин харыстаата», — диэн ТГ-ханаалга Айсен Николаев суруйар. Ил Дархан Айсен Николаев Улуро Адо бэйэтин норуотун мэлдьи истиҥник таптыырын, сырдык кэскилллээҕин итэҕэйэрин бэлиэтээтэ. Төһө да көрбөт буолбутун иһин, учуонай-лингвист бэйэтин дьыалатыгар тиһэҕэр диэри бэриниилээхтик сыһыаннаспыта.

«Гаврил Николаевич бэйэтин аатын устуоруйаҕа талааннаах бэйиэт, ураты суруйааччы, талааннаах учуонай, фольклорист быһыытынан суруйан хаалларда. Олох тургутууларын аспытын үрдүнэн, кини хаһан да бэйэтин күүһүн, олоххо тардыһыытын сүтэрбэтэҕэ. Дьүкээгир норуотун Улуу уола Гаврил Николаевич Куриловы билэр дьонугар, аймахтарыгар уонна чугас дьонугар кутурҕаммын тиэрдэбин. Кини туһунан сырдык өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр өрүү хаалыаҕа», — диэн эбэн суруйар Айсен Николаев.

Гаврил Курилов-Улуро Адо 1938 сыллаахха муус устар 30 күнүгэр  Саха АССР Аллараа Халыма Өлүөхүмэ Олеринскай туундаратыгар төрөөбүтэ. Кини олоҕун дьүкээгир тылларын  үөрэтиигэ уонна академическай тиһигэр киллэриигэ анаабыта, тылдьыты, азбуканы уонна учуобунньуктары суруйбута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдүөҕэ

2025 сылга "Дьиэ кэргэн" өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдээн, 316 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн СӨ…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гуманитарнай чинчийии института уонна Эдьигээн оройуонун дьаһалтата бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабарга илии баттастылар

Эдьигээн Саха сирин биир баай устуоруйалаах, ураты олохтоох оройуона буолар. Манна бастакы остуруогу нуучча хаһаактара…

30 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Билбэт нүөмэргититтэн эрийдэхтэринэ ылымаҥ”

Бэҕэһээ Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр бэрт сэргэх уонна туһалаах тэрээһин буолбут. Ол курдук, Биэнсийэлээхтэр  сэбиэттэрин…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьон федеральнай бүддьүөттэн эбии көмөнү ылыахтара

Быйыл ыам ыйыгар Өлүөнэ, Бүлүү уонна Анаабыр өрүстэр халааннарыттан эмсэҕэлээбит Саха сирин олохтоохторугар эбии харчынан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Владивостокка Дьоруой Дмитрий Егоров өйдөбүнньүгүн туруордулар

Сэтинньи 27 күнүгэр, Муора пехотатын күнүгэр, Владивосток куоракка Дьоруойдар аллеяларыгар Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров-Сунтаар бюһа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сириттэн Монголияҕа ыҥыыр атынан тиийбит айанньыттары кытта көрсүһүү

Убаастабыллаах суруналыыстар, куорат олохтоохторо! sakha-sire.ru саайт сэтинньи 28 күнүгэр, күнүс 2 чаастан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ (Орджоникидзе…

2 часа ago