Ил Дархан Граныгар эспиэрдэр 442 бырайыагы көрүөхтэрэ
Бу күннэргэ гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга Ил Дархан граныгар куонкуруска киирбит сайаапкалары үөрэтии түмүктэннэ.
Грант ыларга уопсайа 474 сайаапка суруллубут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 60 сайаапканан элбэх киирбит. Куонкурус түмүгэ бэс ыйын 20 күнүгэр тахсыаҕа.
Ордук элбэх сайаапка Өлүөнэ өрүс уҥуоргу улуустартан киирбит (Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан, Таатта) – 90, Арктика улуустарыттан — 12, киин улуустартан — 79, бырамыысыланнай улуустартан – 29 уонна Бүлүү бөлөх улуустарыттан — 86 бырайыак. Дьокуускай уонна Жатай куорат уокуруктарыттан 172 бырайыак регистрацияламмыт.
Маны сэргэ ордук элбэх сайаапка бу хайысхаларга киирбит: култуура, духуобунас – 77 (16,24%), патриотическай иитии – 69 (14,56%), чөл олоҕу тутуһуу уонна тарҕатыы – 61 (12.87%).
СӨ Ил Дарханын Гранын координационнай хамыыйата гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга киирбит сайаапкалары эспэртииһэҕэ ыытарга бигэргэтии үлэтин түмүктээтэ. Куонкуруска барыта 458 сайаапкаттан 16-та ирдэбилгэ сөп түбэспэтэ чуолкайданна. Сүрүн биричиинэтэ — кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр Саха сиригэр регистрациялара суохтара уонна үлэтин тохтотон эрэр түһүмэххэ сылдьаллара быһаарылынна. Эспэртииһэҕэ ааспыт сайаапкалары барыта 45 эспиэр сыаналыаҕа. Кинилэр 2 нэдиэлэ устата 900 бырайыагы көрүөхтэрэ.
«Биһиги хотугу улуустарга ураты болҕомтону уурар уонна туһааннаах көмөнү оҥорор соруктаахпыт. Биллэн турар, бу хайысхаҕа үлэни күүһүрдүөхпүт. Ресурснай киин үлэһиттэрин кытта бу кыһалҕаны быһаарыахпыт дии саныыбыт», — диэн СӨ Ыччат уонна социальнай коммуникацияларын дьыалаларыгар миниистирэ Петр Шамаев бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: