Ил Дархан Хабаровскайга Кытай Генеральнай консулун кытта көрүстэ

Share

Ил Дархан Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Хабаровскайга Генеральнай консулун Цзян Сяояны кытта көрүстэ. Өрүттэр бииргэ үлэлээһин тула кэпсэттилэр.

Айсен Николаев Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Саха сирин экэниэмикэҕэ тас партнерун быһыытынан стратегическай суолтатын бэлиэтээтэ.

“Быйыл Саха сирэ уонна Хэйлунцзян провинцияны кытта илии баттаһыы 20 сыла буолла. Биһиги сүрүн хайысхаларынан Кытайы кытта сибээһи сайыннарыыга болҕомтобутун уурабыт. Саха сирин уонна Кытай   икки ардыларынаҕы тас эргиэн эргиирин кээмэйэ 2019 сылтан биэс төгүл үрдээтэ. Биһиги салгыы сибээспитин бөҕөргөтүөхпүт”, — диэтэ Айсен Николаев. Цзян Сяоян Саха сирэ Арассыыйа-Кытай сыһыаннаһыыларыгар улахан оруолун бэлиэтээтэ.

«Бэрэссэдээтэл Си Цзиньпин уонна Бэрэсидьиэн Владимира Путин стратегическай салалталарынан Кытай-Арассыыйа сыһыаннаһыыта хаһааҥҥытааҕар да тубуста. Арассыыйа Уһук Илин эрэгийиэннэрэ Кытай провинцияларын кытта ыкса сибээһи олохтууллар. Бу үлэҕэ Саха сирэ оруола олус улахан. 20 сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ Хэйлунцзян провинциятын кытта бигэ сибээһи олохтообута, оттон бүгүн Цзянси провинцияны киллэрэн туран, атыттары кытта үлэлэһэр.  Саха сирэ уонна Кытай провинциялара эргиэни уонна экэниэмикэни сэргэ гуманитарнай эйгэҕэ, култуураҕа, искусствоҕа, үөрэххэ, успуорка сибээстэрин сайыннараллар», – диэтэ Цзян Сяоян.

Көрсүһүүгэ Саха сирин уонна Кытай провинцияларын икки ардыларыгар табаар эргиирин сайдыытын дьүүллэстилэр. Ону тэҥэ Джалинда – Мохэ кыраныыссаны туорааһын бырайыагын олоххо киллэриини. Өрөспүүбүлүкэ Амур уобалаһын уонна Хэйлунцзян  провинциялыын бу бырайыакка  үлэлэһэллэр. “Амур нөҥүө мууһунан уонна паромунан туорааһыны туһаныы 3-5 мөл туонна таһаҕаһы тиэйиини хааччыйарыгар эрэнэбит, Хэйлунцзян провинциятын наадыйыытыгар туох-ханнык иннинэ таас чоҕу тиэйиини. Чуумпу акыйааннааҕы тимир суолу киллэрии Саха сириттэн Кытайга таас чоҕу тиэйиигэ саҥа кыахтары арыйар”, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

8 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

27 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

47 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

57 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннарын күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтэ

Оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннарын күнэ — сылын ахсын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Оҕолор уопсастыбаннай…

2 часа ago