Ил Дархан Хаҥалас улууһун аграрниктарын кытары көрүстэ

Share

Бэс ыйын 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Хаҥалас улууһугар сылдьан аграрниктары кытары көрүстэ. Ил Дархан кинилэри үгүстэрин билэрин эттэ – кинилэр туруу үлэһит дьон, бэйэлэрин дойдуларын патриоттара.

Көрсүһүүгэ граннартан, өйүүр дьаһаллартан саҕалаан оҥорон таһаарыыны батарыы курдук, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын сүрүн боппуруостарын дьүүллэстилэр.

«Хачыкаат» СХПК салайааччыта Роман Куприянов кэпсээбитинэн, кини хаһаайыстыбата федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи өйөбүлүнэн сайдар, кэҥиир. Ол курдук, кини быйыл бааһынаҕа үлэлиир улахан кыамталаах тыраахтыры ылбыт. Онон комплекс үлэһиттэрэ үөрүүлэрэ үгүс.

Ил Дархан Айсен Николаев  Роман Куприяновы кытары саҥа тыраахтырга олорон, бааһынаҕа үлэлээн көрдүлэр. Кырдьык, тиэхиньикэ кыахтааҕын көрдөрдө, бүүс-бүтүннүү автоматизированнай, тэҥинэн хас даҕаны үлэни толорор, өссө кондиционердаах, цифровой дисплейдээх, инньэ гынан үлэлииргэ усулуобуйа барыта оҥоһуллубут.

«Кооператив ыччаты тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыарара хайҕаллаах суол. Хас сыл аайы Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара көмөлөһө кэлэллэр эбит. Ыччат уопут ыларыгар бу олус үчүгэй. Эрэнэбин, үүнэн иһэр көлүөнэ дьоһуннаах солбук буолуоҕа», — диэн Айсен Николаев санаатын үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

17 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago