Ил Дархан харыйата хаһан буолара билиннэ

Share

Үөрэх миниистирэ Ньургууна Соколова үөрэх управлениелара кыттыылаах мунньаҕы ыытта. Мунньахха үөрэх дьылын сүрүн боппуруостарын көрдүлэр.

2019-2024 сылларга туһуламмыт национальнай бырайыактар үлэлэрэ түмүктэнэр. 2025 сылтан саҥа национальнай бырайыактар үлэлэрэ саҕаланыаҕа.

2025 сылтан 402 оскуолаҕа үлэ уруогар уонна «ОБЗР» уруогар кэбиниэттэри тэрийиигэ уонна анал тэриллэринэн хааччыйыыга федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин көрүллүөҕэ.

2025 сылга 38 үөрэх тэрилтэтэ саҥа оптуобустарынан хааччыллыахтаах.

Дьокуускайга 200 миэстэлээх «Спутник» лааҕыр дьиэтэ тутулла турар. Маны тэҥэ, 2027 сылга диэри Амма, Горнай улуустарыгар 100-түү миэстэлээх лааҕырдар тутуллуохтара.

Ил Дархан харыйатын болдьоҕо билиннэ — Дьокуускайга ахсынньы 20-21 күннэригэр ыытыллыаҕа.

«Мин бастакы идэм» бырайыак 617 үөрэнээччитэ анал сэртипикээттэри тутта.

Бу нэдиэлэттэн Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын муниципальнай түһүмэҕэ саҕаланна.

Бу чиэппэргэ түмүктүүр өйтөн суруйуу ахсынньы 4 күнүгэр буолуоҕа. Эбии болдьох ананна: олунньу 5 күнүгэр уонна муус устар 9 күнүгэр.

Бу уонна мантан атын боппуруостары мунньахха ырыттылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

2 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр

Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…

46 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ

Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Таатта оройуонугар хачыгаар уокка сиэппит

Таатта улууһугар хочуолунай үлэһитэ эчэйии ылбытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин…

2 часа ago