Ил Дархан Харыйата кыттааччыларын күүтэр

Share

Кыралыын-улаханныын бары күүтэр-кэтэһэр Саҥа сыл уонна Ороһуоспа бырааһынньыктара чугаһаатылар. Бу бырааһынньыктар оҕо аймах кыттыыта, харыйата суох ааспаттар. Номнуо бу нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ улахан кылааһын үөрэнээччилэригэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин ыытыллыаҕа – СӨ Ил Дарханын Харыйата.

Ил Дархан Харыйатыгар киэҥ нэлэмэн Сахабыт сириттэн 700 оҕо мустуоҕа. Бу – үөрэхтэригэр туйгуннар, оскуола тэрээһиннэрин көхтөөх кыттааччылара, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар, бэстибээллэр, күрэхтэһиилэр, олимпиадалар кыайыылаахтара, миэстэлээхтэрэ уонна бастыҥ спортсменнар.

Үөрэх уонна билим миниистирэ Ирина Любимова салайааччылаах тэрийээччилэр  кыттааччыларга киэҥ бырагырааманы бэлэмнээтилэр. Кэлбит оҕолору барыларын араас тэрээһиннэргэ хабан кытыннарыахтара. Ол курдук, Саҥа сыллааҕы эҕэрдэни эрэ туппакка, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсиэхтэрэ. “Биһиги — Арассыыйа кэскиллэрэбит” оҕо гражданскай пуорумугар, “Мин – Арассыыйа кэскилэбин” кэпсэтиигэ, “Тыа сирин сайыннарыы”, “Саха сирин тыатын кэскилэ” лиэксийэҕэ, “Кэлэр кэм идэлэрэ” уонна “Идэ калейдоскоба” квест-оонньууга кыттыахтара. Култуура тэрээһиннэриттэн “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар экскурсияҕа сылдыахтара, онно “Саҥа сыллааҕы остуоруйа” диэн Саха сирин судаарыстыбаннай филармониятын оркестрын истиэхтэрэ.

Итилэри тэҥэ, оҕолор түспүт сирдэригэр сэргэх киэһээҥҥи тэрээһиннэр былааннаналлар, биллилээх блогердары, бэлиитиктэри, урбаанньыттары кытта көрсүөхтэрэ.

Бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэри түмүктүүр Саҥа сыллааҕы саамай сүрүн тэрээһин ахсынньы 24 күнүгэр Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Судаарыстыбаннай Цииркэҕэ буолуо. Үгэс быһыытынан Ил Дархан Айсен Николаев РФ бэрэсидьиэнэ талааннаах ыччаты өйүүр бириэмийэтин лауреаттарыгар дипломнары туттарыаҕа.

СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мас ууһун идэтин баһылаабыт уол олоҕор толору бэлэмнээх буолар

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

3 часа ago