Ил Дархан ийэ тыл боппуруоһугар болҕомтону туһаайда

Share

“Бүгүҥҥү күҥҥэ сахалыы саҥарбат оҕо элбээн иһэрэ кистэл буолбатах. Бу урукку курдук Дьокуускай куорат эрэ кыһалҕата буолбатах, бу кыһалҕа сэлиэнньэлэргэ быһаччы көстөр. Оннооҕор өссө аҕыйах оҕо төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын билэр. Нуучча тылын чаҕылхайдык билэллэр диир эмиэ кыаллыбат, ордук кырамаатыка өртүгэр” – диэн Ил Дархан эттэ.

Бастакы көрүүгэ көрдөрүү куһаҕана суох курдук, сахалыы кылаас эбиллэрин, үөрэх босуобуйалара тахсалларын, үөрэх платформата оҥоһуллубутун иһитиннэрдэ. “Ол эрээри, бу ылыллыбыт ситиһиинэн хаалан хаалар хайдах да табыллыбат” – диэн эттэ.

Ыам ыйын 17 күнүгэр Бырабыыталыстыба саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин бигэргэппитин санатта. “Кэнсиэпсийэ саҥа көрүүлэрэ статистика, отчуот эрэ туһугар толоруллуо суохтаах. Уһуйааннарга, оскуолаларга этнокултуурунай эйгэни тэрийиини, төрөөбүт тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтиллиитин өйүөхтээхпит. Үөрэх эйгэтэ төрөөбүт тылларынан креативнай контент сакаасчытынан буолуохтаах” – диэн ыйда. Бу инниттэн литератордары, театр, киинэ холбоһуктарын, о.д.а. кытта ыкса үлэлэһэр ирдэнэрин эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьулустаан Борисов: «Ил Дархан стратегическай соруктары туруорда»

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дьулустаан Борисов Ил Дархан Анал этиитин туһунан санаатын үллэһиннэ. -- Быйылгы…

3 минуты ago
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Өйөбүл саҥа демографическай миэрэтэ кэмигэр таҕыста»

Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев Анал этиитин туһунан өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэр сыл – Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла

Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

6 минут ago
  • Сонуннар

Сергей Сивцев: «Саха тылын сайдыытыгар ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат»

Норуот дьокутаата, «Арктика суоллара» эксплуатацияҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Сергей Сивцев Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

13 минут ago
  • Оҕо саас сыла

Дьокуускайдааҕы «Василек» уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Дьокуускай куорат 19-c №-дээх "Василек" уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Уһуйаан 1978 сыллаахха ахсынньы аам-даам…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыыны хайдах биэриэххэ?

Ахсынньы 19 күнүгэр Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чааска (Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 18 чааска) бэрэсидьиэн Владимир…

36 минут ago