Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин ийэлэрин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Үйэттэн үйэҕэ дьиэ кэргэни араҥаччылыыр күн күбэй Ийэни хоһооммутугар хоһуйабыт, ырыабытыгар ыллыыбыт. Саамай чугас уонна күндү киһибитигэр ытыктабылбыт уонна махталбыт туоһута буолан, Ийэ күнэ норуоппут биир кэрэхсэнэр бырааһынньыгынан буолар. Уопсастыба бигэ туруктаах буолуута, киһи олоҕор сөптөөх суолу тобулуута, хас биирдии ыал духуобунаһа Ийэттэн тутулуктаах.
Таптал уонна аһыныгас буолуу курдук истиҥ иэйии, дьиэ кэргэн олоҕун туһугар эппиэтинэс, оҕону иитии айылҕа дьахтарга биэрбит анала. Өрөспүүбүлүкэ ийэлэрэ биһиги кыһамньыбытын уонна өйөбүлбүтүн толору билэллэригэр бары сырабытын уурабыт. Кэлиҥҥи сылларга ийэ буолуу-
ну уонна оҕо сааһы өйөөһүнү үбүлээһин кээмэйэ улаатан, бүгүн 23 млрд кэриҥэ солкуобайга тэҥнэстэ. Оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ билигин да бастаан иһэбит.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 34 тыһ. тахса элбэх оҕолоох ыал баар. Биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин быһаарыытынан, элбэх оҕолоох ыал статуһа болдьоҕо суох кэмҥэ бэриллэр буолбута барыбытын үөрдэр. Маннык быһаарыы Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар дьоһун суолталаах.
Дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо сааһы көмүскүүргэ улахан үлэ ыытыллар, демографическай балаһыанньаны тупсарарга саҥа дьаһаллар ылыллаллар. Ол курдук, элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро 18 саастарын туолуохтарыгар диэри хомунаалынай өҥөлөрү төлүүллэригэр 30% чэпчэтии, 1–11 кылаас үөрэнээччилэригэр босхо аһылык уонна уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айан көрүллэр. Бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро өрөспүүбүлүкэ наадыйар
идэлэригэр орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр киирдэхтэринэ, 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүрү ылаллар.
Бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастаан эр-ойох буолбут эдэр ыалга 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. 110 тыһыынча солкуобайтан тахса кээмэйдээх “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо
2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаата.
Аҕа дойду көмүскээччилэрин, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэригэр кытаанах санааҕыт уонна тулуургут, ийэлии истиҥ тапталгыт, Аҕа дойдуларын таптыыр, ытыктыыр уолаттары иитэн таһаарбыккыт иһин, эрэллээх тирэх буоларгыт иһин ураты истиҥ эҕэрдэ уонна махтал тылларын тиэрдэбин.
Күндү ийэлэрбит! Эһиги дьиэҕит оҕо саҥатынан, дьолунан, чугас дьоҥҥут тапталларынан туоллун. Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…