Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын дуоһунаһыгар Дмитрий Садовников кандидатуратын киллэрдэ
Ил Дархан А.С.Николаев ыйааҕынан Дмитрий Дмитриевич Садовников Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын эбээһинэһин толорооччунан ананна.
Кини бырабыыталыстыбаҕа инфраструктураны сайыннарыы, олоххо куттал суох буолуутун, тупсаҕай эйгэ боппуруоһун сүрүннүө:
— ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтэ;
— Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ;
— Тутуу министиэристибэтэ;
— Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыы министиэристибэтэ;
— Архитектура уонна куораты тутуу управлениета.
Ыспыраапка:
Садовников Дмитрий Дмитриевич 2002 с. М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын «история» исписээлинэһин, 2015 сылга –РФ Бэрэсидьиэнини иһинэн Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын академиятын «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салалта» бүтэрбитэ.
Үлэлээбит сыллара:
1989 – «Алазейскай» сопхуоз оробуочайа;
1989-1992 – Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспа;
1992-1997 – Сыбаатай учаастактааҕы балыыһа, интэринээт хачыгаара;
1997-2001 – М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын устудьуона, 12-с №-дээх уопсай дьиэ тиэргэнин ыраастааччы;
2001-2002 – М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университет Үөрэтэр-методическай управлениетын 1 категориялаах методиһа;
2002-2003 – СГУ студкуоратын дириэктэрин солбуйааччы;
2003-2005 – Дьокуускай куорат «Ыччат үлэтин биржата» ГУП дириэктэрэ;
2005-2006 – «Дьокуускай куорат» КУо Ыччат бэлиитикэтигэр, физическэй култуураҕа уонна успуорка, туризмҥа управлениетын начаалынньыга;
2006-2012 – «Дьокуускай куорат» КУо Сайсаардааҕы уокуругун управатын салайааччыта;
2012-2018 – «Дьокуускай куорат» КУо баһылыгын бастакы солбуйааччыта;
2018-2021 – СӨ олох-дьаһах хаһаайыстыбатын уонна энэргиэтикэ миниистирэ;
СӨ Ил Дарханын 14.04.2021с. 1791 №-дээх ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччынан анаммыта;
14.04.2021-28.09.2023 – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Даврханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: