Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитинэн Валентина Кириллина санаатын үллэһиннэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев сарсын, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиилээх тахсыаҕа. СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валентина Кириллина маныаха тус санаатын үллэһиннэ:  

— Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана сыллата туһаайыытын, былааннарын Ил Түмэҥҥэ, нэһилиэнньэҕэ тириэрдиитэ олус улахан суолталаах уонна хас биирдии кэлэр сылга сүрүн болҕомто ханнык хайысхаҕа ууруллуоҕун Сыл быһыытынан биллэрэр. Биһиги 2024 сылы Оҕо саас, ааспыт 2023 сылы Үлэ сыллара биллэриллибиттэринэн үлэлээн-хамсаан кэллибит. Ил Дархан Айсен Сергеевич быйылгы этиитигэр бу икки боппуруоска эмиэ чопчу болҕомтотун ууруо дии саныыбын.

Ол курдук, үлэ боппуруостарын ылан көрдөххө, төһө да үлэтэ суох нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаан испитин иһин, үлэлээх буолуу боппуруостара, мин санаабар, син сытыытык тураллар. Үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын да хайысхаларыгар үгүс улуустарга сөптөөх исписэлиистэр тиийбэттэрин билэбит. Онон ити курдук биирдиилээн тиийбэт идэлээх исписэлиистэр миэстэтигэр баралларыгар усулуобуйаны тэрийиигэ уонна былаас өттүттэн араас эбии миэрэлэри ылыыга чопчу этиилэр баар буолуохтара дии саныыбын.

Оҕо саас боппуруостарын ылан көрдөххө, Арассыыйаҕа Оҕо саас уон сыла биллэриллибитэ. Бу 2024 сыл устата кэккэ кэскиллээх боппуруостар быһаарылыннылар. Тустаах хайысханы салгыы хайдах сайыннаран, оҕолорбут, ыччаттарбыт төрөөбүт дойдуларыгар, дьиэ кэргэттэригэр эппиэтинэстээх, бэриниилээх буола улааталларыгар, анал байыаннай дьайыы ыытылла турар кэмигэр патриотическай иитии боппуруостарыгар былаас эрэ хамсаныытын кэтэспэккэ, былаас, уопсастыба уонна биисинэс санаабытын, күүспүтүн бары түмэн бииргэ үлэлээтэхпитинэ өссө таһаарыылаах буолуо этэ дии саныыбын.

Маны тэҥэ, тыа сирин олохтоохторугар туһаайар этии ирдэнэр. Кэлин төһө даҕаны нэһилиэнньэ тыа сиригэр олохсуйуута кэҥээн испитин иһин, үлэтэ суох буолуу боппуруостара күөрэйтэлээн ылаллар. Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар, дьон үлэлииригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ туһаайыы этиллэрэ буоллар диэн санаалаахпын. Холобур, оробуочай исписээлинэстэр экэниэмикэ бары хайысхатыгар ирдэнэллэр. Онон орто үөрэхтээһин боппуруоһугар этии оҥордор бэрт этэ.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Ольга Балабкина: «Биһиги Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыччаты патриотическай иитиигэ бэлиитикэтин өйдүүбүт»

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии саҕаланна. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солуйааччы Ольга Балабкина «Путь…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Петр Шамаев: «Күрэхтэһиигэ күүс-күдэх эрэ буолбакка, өй-санаа, билии-көрүү, үөрүйэх элбэҕи быһаарыа»

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии аһылынна. Күрэхтэһиигэ Арассыыйа түөрт эрэгийиэниттэн: Хабаровскай кыраайтан, Волгоградскай…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Путь воина» күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна

Бүгүн «Энергетик» оҕо лааҕырын баазатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Күрэхтэһии…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Наушник уорбут эдэр киһи икки сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускайдааҕы полиция 2-с №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар көмпүүтэрдиир кулууп бэрэстэбиитэлэ наушник уоруллубутун туһунан иһитиннэрбит. Бу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа кыайыыта хаһааҥҥытааҕар да итэҕэтиилээх буолла

Сорох социальнай ситимҥэ "Биир ньыгыл Арассыыйа" бэлитиичэскэй баартыйа балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи быыбарга бэйэтигэр ылыммыт…

4 часа ago
  • Уопсастыба

Үөрэнээччи күҥҥэ хайдах аһыахтааҕый?

Оҕо ыалдьыбатын уонна уруоктар кэннилэриттэн сылайбатын туһуттан сөпкө аһыы-сии сылдьыахтаах. Үөрэнээччи күннээҕи аһылыгын рационун туһунан…

5 часов ago