Ил Дархан истипиэндьийэлэрин туттардылар
Сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр, Ил Дархан анал истипиэндьийэлэрин Туоһу суруктарын туттарыы үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла.
Саалаҕа сахалыы таҥастаах дьон тоҕуоруһа муһунна.
— Хас биирдиигитигэр норуоппут култууратын сайыннара сылдьаргытыгар махтанабын. 3 сыл иһигэр барыта 81 киһи истипиэндьийэни ылла. Олоҥхоһуттар, оһуохайдьыттар, уустар, норуот маастардара, эһиги хас биирдиигит бэйэҕит хайысхаҕытынан бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаҕыт, онуоха махтанабын. Ийэ култуурабыт биһиги барҕа баайбыт буолар, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Оһуохайдьыттарга — Владимир Даниловка, Сусанна Лазареваҕа, Любовь Иннокентьеваҕа, Гаврил Спиридоновка, Мария Стручковаҕа, Цой Людмилаҕа туттардылар.
Оһуохайдьыттарга — Ирина Абрамоваҕа, Александра Артемьеваҕа, Лариса Ивановаҕа, Руф Гаврильевка, Афанасий Поповка, Мария Чокуроваҕа биэрдилэр.
Тимир уустара Леонид Говоров, Роман Готовцев, Василий Попов, Илларион Попов, Николай Потапов, Семен Томскай туттулар.
Норуот маастардара Николай Баишев, Александр Гоголев, Татьяна Карамзина, Надежда Колодезникова, Афанасий Лопатин, Мария Петрова, Анна Семенова истипиэндьийэлэри туттулар.
Александра Артемьева харда тыл эттэ:
— Улуукан, улаҕалаах, уһулуччулаах Олоҥхобут күнүнэн эҕэрдэ! Олоҥхобут аан дойду сэдэх айымньытынан ааттаныан ааттанна. Олоҥхо, Оһуохай күннэрэ баар буоллулар. Саамай үөрэрбит — үгэһи удьуордуур ыччат баар буолла. Кинилэри уһуйа, такайа сылдьар дьон буолаҕыт. Норуот барҕа баайын энчирэппэккэ тиэрдэ сылдьаҕыт. Ил Дархан бу үйэлээх үлэҕитин сыаналаан, анал истипиэндьийэлэри анаабыта махталлаах дьыала, — диэн эттэ уонна үөрүүтүн үллэстэн, туойан доллоһутта. Амма туойуттан оҥоһуллубут чороону Ил Дархаҥҥа бэлэхтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: