Салгыы
Ил Дархан «Көдьүүстээх тырааныспар тиһигэ» хайысхаҕа кытынна

Ил Дархан «Көдьүүстээх тырааныспар тиһигэ» хайысхаҕа кытынна

Ааптар:
20.11.2024, 20:43
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Ил Дархан РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин мунньаҕар «Көдьүүстээх тырааныспар тиһигэ» хайысхаҕа кытынна.

Москваҕа бу күннэргэ буола турар «Тырааныспар нэдиэлэтин» иитинэн, сэтинньи 20 күнүгэр, «Көдьүүстээх тырааныспар тиһигэ» РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин мунньаҕа буолла.

Дьүүллэһии сүрүн тиэмэтинэн Арассыыйа тырааныспарын салаатын сайыннарыы, тырааныспар эйгэтигэр эрэгийиэн бастыҥ бырайыактарын олоххо киллэрии быраактыката, уо.д.а. буоллулар.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ «Магистральнай инфраструктураны модернизациялааһын уонна кэҥэтии кэлим былаана» бырайыагынан «Эрэгийиэн аэропортарын сайыннарыы»  бырайыагы олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ. 2019 сылтан 2023 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 10 аэропорду — Дьокуускай, Черскэй, Эдьигээн, Хаандыга, Белай Гора, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Депутатскай, Сангаар, Нерюнгри реконструкциялааһын үлэлэрэ түмүктэммиттэрэ. 2024 сыл сэтинньитигэр Уус Ньара аэропордугар салгын аала көтөр-түһэр балаһатын саҥалыы уларытан оҥоруу үлэтин түмүктүүрү былаанныыллар.

«Биллэн турар, Саха сиригэр бу тырааныспар инфраструктуратын тупсарыыга улахан оруоллаах. Маныаха дойду Бырабыыталыстыбатыгар «магистральнай инфраструктураны модернизациялааһын уонна кэҥэтии кэлим былаана» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии иһин махтаныахпын баҕарабын», — диир Айсен Николаев.

Кини Өлүөхүмэ, Полярнай уонна Мииринэй аэропортарын саҥардан оҥоруу тэрээһинэ 2025-2026 сс. былааннаммытын бэлиэтиир.

Маны таһынан, 2026 сылтан 2029 сылга диэри Маҕан, Ньурба, Зырянка, Полярнай аэропортарын саҥардан оҥоруу көрүллэр.

Айсен Николаев маны сэргэ дьоҕус  аэропортары, уопсайынан «Аэропорты Севера» федеральнай казеннай тэрилтэни өйүүр наадалааҕын бэлиэтээтэ.

«Улахан аэропортары сэргэ дойдубутугар дьоҕус аэропортар эмиэ элбэхтэр, олор казеннай тэрилтэнэн түмүллэллэр. Биһиги онон аэропортар ситимнэрин тутан олоробут, олор хайдахтаах да ыарахаттар баалларын иһин, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар авиация сырыытынан нэһилиэнньэни хааччыйаллар», — диэн кини эбэн эттэ.

Этиини РФ Бэрэсидьиэнин сүбэһитэ, тырааныспар эйгэтигэр норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин анал бэрэстэбиитэлэ Игорь Левитин өйүүрүн биллэрдэ. Бэйэтин кэмигэр кини кыттыытынан «Аэропорты Севера» ФКП тэрийии туһунан быһаарыы ылыллан турар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: