Ил Дархан киинэ устааччылары наҕараадалаата
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр “Үлэ кыбаартала” кластерга киинэни устааччылар аан бастакы кэмпириэнсийэлэригэр муһуннулар. Арассыыйатааҕы киинэ күнүн көрсө Айсен Николаев киинэни устааччылары наҕараадалаата уонна саҥа тахсыбыт киинэлэрин тарҕаталларыгар анаан харчылаах сэртипикээттэри туттартаата.
Ол курдук, «Хапсыһыы» киинэ режиссера Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор, «Лоокуут уонна Ньургуһун» режиссера Константин Тимофеев, «Тимир» режиссера Николай Корякин, «Эт» режиссера Степан Бурнашев, Дмитрий Давыдов, «Спид Стар» режиссера Степан Порядин 300-түү тыһ. солк. туттулар.
— Биһиги устуоруйа суруллар бэлиэ кэмигэр олоробут. Биһиэхэ Арассыыйа киинэ индустриятын үс кииниттэн биирэ тэриллэн эрэр. Москваны, Санкт-Петербуру сэргэ Дьокуускайга тэриллэр. Бу бэрэсидьиэн ыам ыйын 30 күнүнээҕи быһаарыытын кэнниттэн олоххо киирэн эрэр. Бу улахан ситиһии, онон эһиэхэ хас биирдиигитигэр махтанабын! Аҕыйах сыллааҕыта маннык буолуо диэн ким да итэҕэйбэт этэ. Бэйэм көрөөччү быһыытынан биһиги киинэбит дойдуга бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьарын мэктиэлиибин, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Владимир Путин Дьокуускайга элбэх дьайыылаах киинэ павильонун тутарга уонна кыра сэлиэнньэлэргэ “Экстра Синема” хампаанньа платформаларын туһанан, киинэ саалаларын арыйарга сорудахтаабыта.
Бу элбэх дьайыылаах киинэ павильона Уһук Илиҥҥэ толору кыамталаах соҕотох кинотехнологическай киин буолуоҕа. Манна устуу павильоннара, тыаһы-ууһу устуу, таҥыы устуудьуйалара, көстүүмнэри, реквизиттэри харайар, оҥорор мастарыскыайдар, гримернай хостор, о.д.а. баар буолуохтара. Киинэ павильона 2026 сылга тутуллан киириэхтээх.
— Аны 5 сылынан саха киинэтэ Арассыыйаҕа бастыҥ аатыран, дойду уонна аан дойду ырыынактарыгар эрэллээхтик тахсарын ситиһиэхтээхпит. Бу биһиги сорукпут. Ону хайдах ситиһэрбит туһунан ырытыһыахпыт, — диэтэ Айсен Николаев.
Маны тэҥэ, кини өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит, киинэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: