Ил Дархан култуура диэйэтэллэрин кытта көрүстэ

Share

Атырдьах ыйын 28 күнүгэр Айсен Николаев култуура диэйэтэллэрин кытта көрүстэ. Кинилэр Ил Дархан «О стратегических приоритетах сохранения и укрепления традиционных духовно-нравственных ценностей в Республике Саха (Якутия)» ыйааҕын бырайыагар бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Айсен Николаев бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата. М.Е. Николаев төрөөбүт күнүгэр – сэтинньи 13 күнүгэр кини аатын үйэтитии туһунан ыйаах тахсыаҕа диэн иһитиннэрдэ.

Ону тэҥэ, 2025 сылга Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыһа” айымньытын суруйбута 125 сыла туоларын туһунан эттэ. Бу 1900 сылтан, бу айымньыттан саха суругунан литературата саҕаламмыта. Онон саха суругунан литературатын 125 сылыгар тэрээһиннэри үрдүк таһымҥа ыытар туһунан Ил Дархан уураах таһаарбыт.

Күн бүгүн дойдубут Илин диэки хайыһан олорор. Азия дойдуларыгар, Арассыыйаны, кини култууратын таптыыр миллиардынан дьоҥҥо биһиги көрдөрөрбүт, билиһиннэрэрбит элбэх. Саха сирэ ураты култууратынан, үгүс эйгэлэргэ ситиһиитинэн Арктикаҕа да, Азияҕа да култуура сайдыытын инники күөнүгэр сылдьар кыахтаах. Чугастааҕы сылларга ити биир сорукпут буолар, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Көрсүһүү кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэҕэ култуура сайдыытыгар сыаллаах-соруктаах үлэ ыытылларын бэлиэтээтилэр, бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Ил Дархаҥҥа Тойон кыыл, хотой куорсунун “ыраахха, үрдүккэ көтөн күпсүйэ тур” диэн суолталаан, бэлэхтээтилэр.

Саха сирин норуоттарын ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов:

Өрөспүүбүлүкэҕэ духуобунас, сиэр-майгы сыаннастарын, төрүт үгэстэри харыстыыруонна бөҕөргөтөр туһунан ыйаах тахсара уолдьаста. Бу бүтүн уопсастыба, биһиги уопсай үлэбит хайысхата, соруга буолуохтаах, — диэн эттэ.

Саха сиригэр 2019 сылтан дьон култуура тэрилтэлэригэр сылдьыыта 1,6 төгүл элбээтэ. Онон 2022 сылга 19,5 мөлүйүөннэ сылдьыбыттар. Бу хаһааҥҥытааҕар да элбэх. Ону тэҥэ, Russian Creative Awards диэн Арассыыйатааҕы национальнай бириэмийэ Саха сирин бастыҥ креативнай эрэгийиэн быһыытынан сыаналаабыта.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago