Ил Дархан Кытай уонна Арассыыйа сыһыаннарын туһунан санаатын үллэһиннэ

Share

2013 сыллаахха Кытай салалтата “Ии уонна суол” ( «Пояс и путь») диэн ааттаан көтөхпүт көҕүлээһинэ Евразийскай континент тырааныспарынан силбэһиитин тупсарар тутаах оруоллаах. Бу туһунан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ПМЭФ-2023 кэмигэр биэрбит интервьютугар этэн аһарда.

“Кытай өрөспүүбүлүкэтин салайааччыта Евразия сүүнэ иэннээх сирдэрин суолунан холбооһун кыһалҕатын быһаарыыга ыытар үлэтин биһиги үрдүктүк сыаналыыбыт. Билигин Арассыыйаҕа, чуолаан Саха сиригэр, бу чэрчитинэн элбэх бырайыактар үлэҕэ сылдьаллар», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Холобур быһыытынан Ил Дархан Хотугу муоранан суол сайдыытын эттэ. “Бу суол улахан аҥара Саха сирин кытылынан Хотугу Муустаах байҕалынан ааһар. Биллэн турар, бу Азия уонна Чуумпу Байҕал эрэгийиэннэрин, ол иһигэр Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин, Арассыыйа уонна Арҕаа дойдулар ырыынактарын кытта холбуур сүдү суолталаах бырайыак төһө кыалларынан түргэнник сайдарыгар биһиги тус интириэстээхпит” – диэн кини бэлиэтээтэ.

Өссө биир улахан суолталаах туһаайыы – тимир суол сайдыыта. Билигин Амурскай уобаласка «Джалинда — Мохэ» туһаайыыга тимир суолу тутуу туһунан бырайыак ырытыыга сылдьар. “Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ Саха сириттэн Кытай Хэйлунцзян провинциятыгар табаар тиксэриитэ биллэрдик түргэтиэҕэ. Бастатан туран, бу таас чоҕу тиэйиигэ сыһыаннаах”, — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан этэринэн бу бырайыактары ситиһиилээхтик олоххо киллэриини Кытай уонна Арассыыйа икки ардыгар, чуолаан дойдуларбыт салайааччылара доҕордуу сыһыаннара мэктиэлиир:  “Ии уонна суол” бырайыак биһиги дойдуларбытыгар эрэ буолбакка, аан дойду сайдыытыгар улахан суолталаах. Хомойуох иһин, арҕаа дойдулар аан дойдуну холбуу сатыыр көҕүлээһиннэри атахтыы сатыыллар”.

“Ии уонна суол” көҕүлээһин чэрчитинэн сайдар бырайыактар аан дойду экэниэмикэтэ сайдарыгар күүстээх дьайыыны биэрэр кыахтаахтар диэн Ил Дархан бигэ эрэнэрин эттэ. Аҥардас Кытай уонна Арассыыйа эргиэнэ бу сылга 200 млрд дуоллартан тахса буолара билгэлэнэр.

«Кытай уонна Арассыыйа доҕордоһуута экэниэмикэ эрэ эйгэтигэр буолбакка, култуура өттүгэр алтыһыы сайдарыгар эмиэ олус улахан оруоллаах. Ол курдук, 1996 сылтан ыытыллар “Азия оҕолоро” успуорт оонньуулара кэлэр сылга 40 дойду оҕолорун Саха сиригэр түмүөҕэ. Кытайтан кытта кэлэр оҕолор үрдүк көрдөрүүлэри элбэх көрүҥҥэ ситиһиэхтэрэ диэн эрэнэбин”, — диэтэ Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

1 час ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ОЛОХ ОЧУРДАРА: Саҥа дьыл түүн

Саҥа дьыл тыына салгынныын ураты. Дьон үксэ туох эрэ үчүгэйи күүтэр. Арай түөрт уон сааһын…

4 часа ago