Салгыы
Ил Дархан Майаҕа «Тумул» кэпэрэтиип салайааччыта Таисия Десяткинаны кытта көрүстэ

Ил Дархан Майаҕа «Тумул» кэпэрэтиип салайааччыта Таисия Десяткинаны кытта көрүстэ

21.06.2023, 21:22
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Учуутал  уонна уһуйааччы, өрөспүүбүлүкэҕэ — Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр — Тыа хаһаайыстыбатын сылларынан «Үлэ-үөрүү, үлэ  дьол, үлэ үүнэр-сайдар суол» улуустааҕы ыһыах ыһылынна.

Үлэ дьонун чиэстиир ыһыахха Ил Дархан Айсен Николаев  кыттыыны ылла. Анал быыстапкаҕа Айсен Сергеевич «Тумул» кэпэрэтиип салайааччыта Таисия Десяткинаны көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттэ. Тыа сирин сайдыытыгар олоҕун анаабыт уопуттаах салайааччы өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгар бэйэтин сэлиэһинэй бурдугунан астаабыт алаадьытын, лэппиэскэтин, сылгы этин уонна хаттатын амсатта.  «Тумул» кэпирэтиип оҥорон таһаарар бородууксуйатынан толору астаах сандалытын тардан баран, Таисия Васильевна Ил Дарханы кытта   чэйдии олорон, хаһаайыстыбатын, нэһилиэгин үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.

Салгыы Таисия Васильевна оттуур сир тиийбэтиттэн ыччаттар «сир түүлэһэн» атын улуустарга оттуулларын кэпсээтэ, онтон да атын көстөр уустуктары бэлиэтээтэ.

Ил Дархан ити курдук мэхэсиньээтэрдэри, агрооскуола оҕолорун кытта сирэй көрсөн, санааларын иһиттэ, үлэни-хамнаһы билистэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: