Ил Дархан Михаил Николаевы эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах Михаил Ефимович!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан 85 сааскын туолар ытык-мааны күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Быйыл Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир кэрдиис кэммитигэр өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын төрүттээбит, бөҕөргөппүт салайааччыларбыт аатын үрдүктүк тутаммыт, дириҥ ытыктабылбытын, сүгүрүйүүбүтүн биллэрэбит. Сахабыт сирин инникитигэр бигэ акылааты уурбут, норуот дьылҕатыгар улахан эппиэтинэһи сүкпүт уһулуччулаах салайааччыларбыт кэккэлэригэр Эйигин, бастакы Президеммитин, биһиги киэн тутта ааттыыбыт.
Уларыта тутуу тыҥааһыннаах сылларыгар Ийэ айылҕаттан бэриллибит модун санааҕынан, мындыр өйгүнэн саҥа үйэҕэ сайдар суолбутун түстээбитиҥ, киэҥ аартыктары дабайарга кыаҕы арыйбытыҥ. Эн быһаччы салайыыгынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация, Төрүт Сокуоммут ылыныллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ тэтимнээхтик сайдарыгар экономическай, социальнай тирэҕин тобулан, киһи туһугар хайысхалаабытыҥ. Далааһыннаах саҕалааһыннар дьон-сэргэ өйүн-санаатын уһугуннарбыттара, күүһүгэр күүс эппиттэрэ. Олохпут укулаатын чиҥэтиигэ, төрүт дьарыгы харыстааһыҥҥа, дьиэ кэргэн уйгутун тупсарыыга, нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутугар балысхан үлэ барбыта. Ол түмүгэр тыа сиригэр биир даҕаны саха дьоно уутуйан олорор дэриэбинэтэ симэлийбэтэҕэ.
Өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэспитин, сиэрбитин-туоммутун сөргүтүүгэ, ийэ тылбытын, култуурабытын өрө көтөҕүүгэ, удьуорбут утума чөл туруктаныытыгар үтүө уларыйыылар тахсыбыттара. Бу кэмнэргэ баараҕай тутуулар дьэндэйбиттэрэ, бырамыысалыннас аныгы ырыынак ирдэбилинэн киэҥ ыырга тахсыбыта. Үөрэх эйгэтигэр, наукаҕа, каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар ойуччу болҕомто ууруллубута, кэскиллээх бырайыактар олоххо киирбиттэрэ. Ыччаппыт, үүнэр көлүөнэбит дэгиттэр кыахтаах, эргиччи талааннаах, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолуутун өйөөһүҥҥэ, аан дойду ааттаахтарын кытта алтыһыытыгар сырдык суол тэлэллибитэ.
Регионнар ортолоругар биллэр-көстөр оруоллаах салайааччы, ыйааһыннаах политик быһыытынан судаарыстыба федеративнай тутулун бөҕөргөтүүгэ, биир сомоҕо буолуутугар бэйэҥ кылааккын киллэрбитиҥ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Арассыыйа биир кыахтаах субъега буоларын аан дойдуга тиийэ билиммиттэрэ. Федерация Сэбиэтигэр, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа норуот аатыттан талыллаҥҥын, хоту сир кыһалҕатын быһаарыыга, Арктиканы сайыннарыыга үгүс сыраҕын биэрбитиҥ.
Михаил Ефимович, Эн ырааҕы өтө көрөр көҕүлээһиннэриҥ, кэмигэр уталыппакка ылыммыт быһаарыыларыҥ суолталара үрдүгүн күн-дьыл хаамыыта итэҕэтиилээхтик көрдөрөр. История чахчыларын туруулаһыыга, норуоппут бас-көс дьонун ааттарын үйэтитиигэ, кинилэр кэс тылларын кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ ахсаабат кыһамньыгын уураҕын.
Салайааччыга үлэтин муҥутуур үрдүк сыанабылын — норуот тапталын, итэҕэлин ылыыны Эн холобургар көрөбүт. Бастакы Президеммитигэр Сахабыт сирин олохтоохторо өйөбүллэрин, махталларын мэлдьи иһирэхтик этэ туруохтара.
Ытыктабыллаах Михаил Ефимович! Инникигэ кынаттыыр дириҥ толкуйгунан, киэҥ-куоҥ майгыгынан бар дьоҥҥун араҥаччылыы, алгыс тылгын тиэрдэ сырыт! Өрөгөйдөөх күҥҥэр Ытык киһибитигэр үтүө тыл кэрэтин, баҕа санаа бастыҥын аныыбын!
Эйиэхэ, Эн дьиэ кэргэҥҥэр чэгиэн-чэбдик туругу, уйгулаах-быйаҥнаах олоҕу, дьолу, уһун үйэни баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: