Ил Дархан Мииринэйгэ Саина Онуфриева дьиэ кэргэнигэр ыалдьыттаата

Share

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Мииринэй куоракка оробуочай сырыытын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун  мөлүйүөн ахсааҥҥа тириэрдибит  биэс ыйдаах Саина дьиэ кэргэнигэр сырытта.

Кини дьиэлээхтэри кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ уонна кырачаан Саинаҕа, ийэтигэр Аринаҕа, аҕатыгар Гаврилга, эдьиийигэр Валерияҕа дьолу, нус-хас олоҕу, үтүө санааны баҕарда. Онуфриевтар дьиэ кэргэттэригэр Саҥа дьыллааҕы оонньуурдары —  Тымныы оҕонньору, Хаарчаананы, кэлэн иһэр сыл бэлиэтин Дракону, күн харысхалын бэлэхтээтэ уонна харысхал кинилэри араҥаччылыырыгар, ситиһиини аҕаларыгар баҕарда.

Мөлүйүөн ахсааны толорбут кыысчаан Саина 2023 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Мэдиссиинэ национальнай киинигэр төрөөбүт кыысчаан 4 кг 100 г ыйааһыннааҕа уонна 56 см уһуннааҕа.

«Саха сиригэр мөлүйүөн ахсааны толоруу   – өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһуннаах бэлиэ. Бу Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ  Михаил Николаев дьиэ кэргэни, ийэни уонна оҕо аймаҕы харыстааһыҥҥа саҕалаабыт  үлэтин түмүгэ. Бу хайысханы биһиги кэнники кэмҥэ күүскэ өйүүбүт. Демографияҕа  өрөспүүбүлүкэ  бэйэтин көрдөрүүтүн куруук тупсарар. Биһиги сылтан сыл аайы элбээн иһэбит. Эһиил, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар оҕо аймах ахсаана өссө элбииригэр саҥа быһаарыылар федеральнай таһымҥа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ элбиэхтэригэр эрэнэбин”, — диэтэ Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах харыстабылыгар федеральнай дьаһаллартан ураты, эрэгийиэннээҕи кэккэ чэпчэтиилэр уонна төлөбүрдэр оҥоһуллаллар.

Ол курдук, 2022 сылга Ийэ сылын чэрчитинэн,  үбүлүөйдээх сылга төрөөбүт кырачааннарга “Үйэ оҕолоро” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи тус сыаллаах хапытаал олохтоммута. Маннык хапытаалы биэрии өссө 5 сылга, 2027 сыл бүтүөр диэри уһатылынна.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 3-с уонна онтон кэлэр оҕоҕо төлөнөр “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаал кээмэйэ 2 төгүл улаатан, 300 тыһыынчаҕа тиийиэҕэ. 25-гэр диэри саастаах аан бастаан ыал буолар эдэр дьон 50 тыһыынча суумалаах эбии өйөбүлүнэн туһаныахтара. Ону таһынан, демография уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин эйгэтигэр үчүгэй түмүктэри ситиспит муниципалитеттарга Ил Дархан 10 мөлүйүөн суумалаах Грана олохтонно.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан

What’s your Reaction?
+1
1
+1
3
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

21 минута ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

49 минут ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

2 часа ago