Ил Дархан нацбырайыактар олоххо киириилэрин хонтуруолун күүһүрдэргэ сорудахтаата

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев атырдьах ыйын 14 күнүгэр национальнай бырайыактар олоххо киириилэригэр анаммыт мунньаҕы ыытта.
Ил Дархан бырайыактар толоруллууларын хонтуруолун күүһүрдэргэ сорудахтаата уонна сүрүннүүр салайааччылар тус эппиэтинэстээхтэрин санатта.
«Мунньах көрдөрбүтүнэн, сорох сорудахтар билиҥҥэ диэри толоруллубатахтар. Сорохтор дуогабар түһэрсиитин уһаталлар, бырайыактааһыны уонна тутууну бытаардаллар. Ардыгар балаһыанньаны көннөрө сатааһын да суох курдук. Бу сатаммат. Кылгас кэм иһигэр хаалыыны туоратар уонна үлэни тиһэҕэр тиэрдэр соругу туруордум. Хонтуруол күн аайы буолуоҕа. Балаһыанньаны көннөрбөт салайааччылар тус эппиэтинэһи сүгүөхтэрэ», – диэн Саха сирин баһылыга мунньах түмүгүнэн бэлиэтээтэ.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 18 үөрэх эбийиэгэ — оскуолалар, оҕо уһуйааннара уонна интэринээттэр хапытаалынай өрөмүөннэрэ түмүктэниэҕэ. Бүгүҥҥү туругунан, хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ 18 эбийиэктэн 11-гэр үлэ бэлэмэ 90%-тан намыһах. Өссө биир суолталаах боппуруос — саахалланар туруктаах дьиэттэн-уоттан дьону көһөрөргө аналлаах элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу.
«Хас биирдии эбийиэги кэмигэр уонна үрдүк хаачыстыбалаахтык түмүктүөххэ наада», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн саҥардыллыбыт национальнай бырайыактар быйыл тохсунньу ыйтан саҕаламмыттара. Нацбырайыактар дойду сайдыытын 2030 сылга диэри, оттон сорох хайысхаларынан — 2036 сылга диэри туһуланаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: