Бэҕэһээ, бэс ыйын 12 күнүгэр – Арассыыйа күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Нам улууһугар үлэлээтэ.
Нам сэлиэнньэтигэр 450 миэстэлээх саҥа оскуола тутуута саҕаланна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев кытынна.
«Улуу дойдубут – Арассыыйа күнүгэр саҕаламмыт тутуу этэҥҥэ түмүктэнэн, киэҥ уораҕай үгүс элбэх оҕону үөрэххэ-билиигэ кынаттыа диэн эрэнэбин!», – диэн кини эттэ.
Ил Дархан салгыы Нам улууһун оҕолоро аан бастаан Арассыыйа гражданнара буолалларын туоһулуур паспоры ылар үөрүүлээх тэрээһиннэригэр кытынна.
«Бу күн оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар өйдөбүнньүк буолан хаалыаҕа. Патриотизм, Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу – бу буолар бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн суолталааҕа, эрэнэбин Саха сирин эдэр көлүөнэтэ итинник бастыҥ хаачыстыбаны ылынарыгар. Арассыыйа гражданнарын аатын сүкпүт оҕолорбутугар итии-истиҥ эҕэрдэ! Хаһан даҕаны, туох даҕаны иһин улуу дойду олохтоохторо буоларгытын умнумаҥ, бүгүн сүкпүт ааккытын чиэстээхтик, киэн тутта илдьэ сылдьыҥ! Аҕа дойдуга уруй-айхал! Туругурдун биһиги дойдубут – Улуу Арассыыйа!», – диэн эҕэрдэлээтэ Айсен Николаев.
Киэһэтин Ил Дархан Нам сэлиэнньэтигэр тутулла турар кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт дьиэлэрин тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. «Демография» нацбырайыагынан тутуллар «Аҕа сааастаах көлүөнэ» бырайыак бу тутуутун уопсай иэнэ 4800 кв.м. Тутуу аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир буолуохтаах, манна сытар дьон дьиэтээҕи эйгэни билиэхтээхтэр.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн кыраапыктан хаалыы суох, тутуу былаан быһыытынан кэмигэр баран иһэр. Айсен Николаев эбийиэги эрдэ үлэҕэ киллэрэр курдук, үлэ тэтимин түргэтэтии барарыгар соруйда.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…