Салгыы
Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев ааспыт нэдиэлэҕэ үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев ааспыт нэдиэлэҕэ үлэтин сүрүн түгэннэрэ

26.07.2023, 09:00
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

От ыйын 17 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салалтатыгар, бырабыыталыстыба чилиэннэригэр нэдиэлэтээҕи соруктары туруорда. Кини иһитиннэрбитинэн, РФ бырабыыталыстыбата ипотека төлүүр элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ бу сылга эбии 15 млрд солк. көрбүт. Бырагыраама 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн үһүс оҕолорун төрөппүт дьиэ кэргэҥҥэ тарҕанар. Ил Дархан бу сонуну нэһилиэнньэҕэ тиэрдэргэ сорудахтаата.

Дойду бэрэсидьиэнэ социальнай эйгэҕэ биир кэлим кииннэммит сыыппара платформатын тэрийэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыт, сокуон 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киириэҕэ. Бу федеральнай саҥа тиһик социальнай эйгэҕэ баар бары иһитиннэрэр тиһиги түмүөҕэ. Платформа көмөтүнэн нэһилиэнньэҕэ оҥоһуллар социальнай көмө миэрэлэрин бэрээдэгэ автоматизацияланар. Бастаан федеральнай, онтон кэлэр өттүгэр эрэгийиэн миэрэлэрэ холбонуохтара. Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа, үлэ, социальнай өйөбүл министиэристибэтигэр саҥа платформаны киллэриигэ бэлэмнэнии үлэтин ыыталларыгар соруйда.

Дойду аҕа баһылыга ирбэт тоҥ туругун судаарыстыба өттүттэн кэтээн көрүү туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыт. Айсен Сергеевич этэринэн, ирбэт тоҥноох сиргэ олорор дьоҥҥо бу сокуон улахан суолталаах, онон саҥа сокуон олоххо киириитигэр бырабыыталыстыба уонна экология министиэристибэтэ көхтөөх кыттыыны ылыахтаах.

Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга социальнай эбийиэктэри, олорор дьиэни тутууну, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини, хоту таһаҕаһы тиэрдиини күннэтэ ураты хонтуруолга тутары эттэ.

От ыйын 17 күнэ. Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыыга хамыыһыйа мунньаҕар Айсен Николаев Халыма улуустарыгар ойуур баһаарын умуруорууга күүһү улаатыннарарга соруйда. Үөһээ Халыма оройуонугар ардах суоҕуттан уонна тыалтан ойуур баһаара эбиллибит. Күн саҕаланыыта онно 12 ойуур баһаара бэлиэтэммит. Уоту 103 киһи умуруорар. Орто Халымаҕа үс ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Итиннэ биир ойуур баһаара 90 тыһ. га иэннээх сиринэн тайаабыт. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан баһаар буолар. Баһаары умуруорууга 6 киһи үлэлиир. Ил Дархан сорудаҕынан бу икки оройуоҥҥа ойуур баһаарын умуруорууга эбии күүстэр ыытыллаллар.

Бу күҥҥэ Саха сиригэр 121 ойуур баһаара уонна 1 ландшафтнай баһаар бэлиэтэнэр. Хонтуруолланар сиргэ-уокка бааллар, үксэ хайаларга. Баһаар этиҥтэн буолара ыйыллар. Элбэх ойуур баһаара Алдан оройуонугар – 37, Уус Маайаҕа — 27, Нерюнгри оройуонугар — 23 тахсыбыт. Уоту умуруорууга уопсайа 960 киһи, ол иһигэр авиационнай баһаарынай сулууспа 606 үлэһитэ, 153 – ойуур баһаарын умуруорааччы, 116 РФ ЫБМ үлэһитэ уонна олохтоох дьонтон 85 киһи үлэлиир. Атын эрэгийиэннэртэн, ону таһынан «Авиалесоохрана» үлэһиттэрэ көмөҕө салгыы кэлэллэр. Архангельскайтан көмөҕө 50 киһи кэлбит.

От ыйын 17 күнэ. Мииринэйгэ сир аннынааҕы саҥа руднигы тутуу былаанын Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөтө. АЛРОСА «Мир-глубокий» киэҥ хабааннаах инвест-бырайыагы олоххо  киллэриини быйылгыттан саҕалыаҕа. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев АЛРОСА кэлэктиибин уонна Мииринэй улууһун олохтоохторун кытары видео-сибээһинэн көрсүһүүгэ иһитиннэрдэ. Эрэгийиэн баһылыга эппитинэн, «Мир» рудник бырайыагын олоххо киллэрии Мииринэй куорат сайдыытын боппуруостарын хас эмэ көлүөнэҕэ быһаарыаҕа.
Рудникка алмааһы хостооһун 2032 сылтан саҕаланара сабаҕаланар. Эбийиэги тутуу кэмигэр үлэһит ахсаана 450-ча киһиэхэ тиийиэҕэ, ону таһынан 3 №-дээх байытар фабрика сылы быһа үлэлиир эрэһиимҥэ киириэн сөп, оччотугар дражнай комплекска 250-тан тахса сезонунан үлэлиир оробуочай миэстэ таһаарыллыаҕа. Рудник сылга 2 мөл. туонна руданы уонна 3 мөл. алмаас каратын оҥоруоҕа.

От ыйын 17 күнэ. Ил Дархан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.  Тэрээһин саҕаланыытыгар Аҕа дойдуларын туһугар олохторун толук уурбут буойуннары саҥата суох туран кэриэстээтилэр.
«Эһиги хас биирдии түгэҥҥэ бэйэҕит олоххутун, доруобуйаҕытын толук ууран туран, санааҕыт күүһүн, хорсун быһыыгытын көрдөрдүгүт.  Мин байыаннай дьайыы буолар сиригэр да сылдьан, манна Дьокуускайга даҕаны үрдүкү байыаннай салалтаттан Саха сирин байыастара хорсуннарын, кыахтарын, толкуйдарын туһунан махтал тылы истэрбинэн киэн туттабын», — диэн аҕа баһылык бэлиэтээтэ.
Байыаннай дьайыыга хорсуннук дьоруойдуу охтубут  рядовой, гранатометчик Ньургун Мочкин «Эр санаа» уордьанынан наҕараадаланна. Ил Дархан наҕарааданы байыас кэргэнэ  Анна Степановнаҕа, ийэтэ Екатерина Егоровнаҕа туттарда. «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» II истиэпэннээх уордьан мэтээлинэн 13 байыас наҕараадаланна. «Хорсунун иһин» мэтээли  10 байыаннай сулууспалаах, «Өлүүттэн быһааһын иһин» мэтээли Анатолий Арбыкин,  Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ  «Хорсунун иһин» мэтээли Олег Копылов туттулар.
Наҕараадаламмыттар ааттарыттан «Эр санаа» уордьан кавалера,  «Барс-2» этэрээт батальонун хамандыыра Василий Егоров Ил Дархаҥҥа Саха сириттэн тиийбит байыастарга көмөтүн, өйөбүлүн иһин, байыастарга бойобуой бэлэмнэрин иһин махтанна.

От ыйын 18 күнэ. Ил Дархан бу күн Эдьигээҥҥэ үлэлээтэ. Улууска тиийээт, эргиэн-логистика киинин тутуутун көрдө. Кини эбийиэги болдьоммут кэмигэр, сэтинньи бүтүүтүгэр үлэҕэ киллэрэр соругу туруорда.

«Якутоптторг» АУо бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, эргиэн-логистика киинин биир ыскылаата бэлэм, онно 165 туонна социальнай суолталаах ас-үөл баар. Ону таһынан атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар табаар кэлиэхтээх.

Тутуу уопсай иэнэ —  578 кв. м. Манна атыы-тутуу саалата, оҕуруот аһын хаһаанар сир, аһы сойутар, тоҥорор камералар, сылаас, тымныы  ыскылааттар баар буолуохтаахтар. Билигин тымныы ыскылааты тутар-таҥар үлэ бүтэн эрэр, киин муостатын бетоннууллар, ититии ситимин сыбааркалыыллар.

Санатан эттэххэ, Айсен Николаев сорудаҕынан 2025 сылга диэри 13 арктическай улуус эргиэн-логистика кииннэниэхтээх. Билиҥҥитэ Абыйга, Усуйаанаҕа, Аллараа Халымаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Анаабырга үлэлииллэр.

От ыйын 18 күнэ. Айсен Николаев Эдьигээн национальнай оройуоҥугар сырыытын кэмигэр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Николай Шемяков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. Быйылгы 2023 сыл Эдьигээн оройуонугар Николай Шемяков төрөөбүтэ 110  сылыгар ананар. Кини хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктартан биир биллэр-көстөр судаарыстыбанай диэйэтэл, Эдьигээҥҥэ стахановскай хамсааһыны көҕүлээччи, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин икки ыҥырыыга дьокутаата. Николай Васильевич 1913 сыллаахха Эдьигээн оройуонугар төрөөбүтэ. 1930 сыллаахха биир бастакынан холкуоска киирбитэ. Үлэтигэр үрдүк ситиһиилэрин иһин 1932 сыллаахха  үлэ удаарынньыга ааты сүкпүтэ. 1935 сыллаахха бултааһыҥҥа стахановец аатын сүкпүтэ. 1939 сыллаахха Эдьигээн оройуонун исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. 1953-1954 сылларга Николай Васильевич оройуон тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта этэ. Салгыы 1955-1957 сылларга Саккырыыр оройуонун «Коммунизм» холкуоһугар бэрэссэдээтэллээбитэ. Кини «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьанынан уонна «Бочуоттаах полярник» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

От ыйын 18 күнэ. 2024 сылга Саха сириттэн бастакы олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылын туолуоҕа. Төрөөбүт дойдутугар үбүлүөйдээх сылга кини аатын сүгэр спортивнай саала үлэҕэ кириэҕэ. Тутуу хаамыытын Ил Дархан Эдьигээҥҥэ сырыытыгар бэрэбиэркэлээтэ. Үлэ кыраапык быһыытынан барар, тутуу матырыйаалларын тиэйэллэр, эбийиэк сыбаайалара түспүттэрэ. Спорткомплекс 1 тыһ. тахса кв.м. иэннээх, Быйыл 136 мөл.солк. суумалаах үбүлээһин көрүллүбүт. Тутуу РФ Арктическай зонатын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын судаарыстыбаннай бырагырааматынан ыытыллар. Икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ улахан саала, ону сэргэ тренажернай уонна тустар саалалар баар буолуохтара.

От ыйын 18 күнэ. Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ өссө биир эбийиэги – «Эйгэ» этнокултуура киинин тутуутун көрдө уонна үлэһит ахсаанын элбэтэн, 60 киһиэхэ тиэрдэргэ, тутуу тэтимин түргэтэтэргэ, тэрилинэн хааччыйарга сорудахтаата. Саҥа киин быйыл ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх.

Санатар буоллахха, 2019 сыллааха Ил Дархан Эдьигээн улууһугар сырыытын кэмигэр култуура киинин тутар туһунан быһаарыы ылыммыта. Билиҥҥи сырыытыгар тутууну хонтуруоллуур уопсастыбаннай сэбиэт чилиэннэрин кытта кэпсэттэ.

Саҥа дьиэ 1,6 тыһ. кв.м. тахса иэннээх, өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан тутуллар. Билигин эбийиэккэ ититии систиэмэтин таҥаллар, штукатурка, шпаклевка оҥороллор. Көрөөччү олороругар 232 миэстэлээх саала баар буолуоҕа, итиэннэ сиэр-туом ыытарга туспа саалаланыаҕа.

От ыйын 18 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Эдьигээн национальанй улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар мунньах ыытта. Киири тылыгар кини кэлиҥҥи сылларга улууска сайдыы барарын, улуус киинигэр уонна нэһилиэктэргэ эбийиэктэр тутуллалларын, соторутааҕыта Кыстатыамҥа оскуола киирбитин, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан олорор дьиэлэр тутуллалларын бэлиэтээтэ. Ол эрээри абилигин төрүт салаалары сайыннарыыттан саҕалаан, Арктика сиригэр-уотугар бырамыысыланнаһы баһылааһын боппуруоһугар тиийэ тирээн турар сорук элбэҕин ыйда. Сотору кэминэн эргиэн-логистика киинэ үлэҕэ киирдэҕинэ, ас-үөл арааһа эбиллиэҕэ, сыаната намтыаҕа, бородууктаны харайыы хаачыстыбата тупсуоҕа.
Мунньахха улуус баһылыга Василий Сорокин сиһилии иһитиннэрии оҥордо, салгыы министиэристибэлэр кыттыылаах биирдиилээн хайысхалары дьүүллэстилэр. Эдьигээҥҥэ ааспыт сылга элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ дьону хаарбах дьиэлэртэн көһөрбүттэр, быйыл элбэх кыбартыыралаах дьиэ Кыстатыамҥа тутуллар.
Табаны иитиигэ, балыктааһыҥҥа кадырдары бэлэмниир «Арктика» киин үөрэнэр куорпуһугар уонна уопсайыгар хочуолунай боппуруоһун быһаарарга сорудах бэрилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр улууска табаны иитиигэ ойуччу болҕомтону уурарыгар сорук туруорулунна. Тырааныспар министиэристибэтигэр Эдьигээҥҥэ уу ааллара тиксэр сирдэрин тутар, Стрекаловка өрүскэ устугас муостаны өрөмүөннээһин боппуруостарын көрөргө сорудах бэрилиннэ.
Быйыл сыл бүтүүтэ Эдьигээҥҥэ оптоволокно ситимэ – түргэн интернет кэлэрэ күүтүллэр, Бүлүү Кировотыттан Эдьигээҥҥэ диэри линия тардыллар үлэтэ барар. Маны сэргэ арктическай туризмы, геологияҕа чинчийэр үлэлэр барыыларын, онуоха экология, олохтоох омуктар төрүт дьарыктанар сирдэрин боппуруоһун учуоттаан кэлимник ыытыыны уо.д.а. көрдүлэр. Түмүккэ Ил Дархан улууска тутулла турар бары эбийиэктэр олохтоммут болдьохторугар киирэллэрин ситиһэр, ханнык да тардыллыы тахсыа суохтааҕын туһунан чиҥэтэн эттэ.

От ыйын 18 күнэ. Ил Дархан Эдьигээҥҥэ командировкатын кэмигэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр сырытта, байыас ийэтин, кэргэнин уонна оҕолорун кытары көрүстэ. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга былырыын алтынньыга хомуурга барбыт. Оттон быйыл сайын кини быраата хантараагынан сулууспалыы тиийбит. Дьиэ кэргэн ийэтэ кэпсээбитинэн, кэргэнэ бэбиэскэни тутаат, саараҥнаабакка, барарга быһаарыммыт. Ыал икки уоллаах. Улаханнара радиомеханик идэтин ылбыт, кыралара быйыл оскуоланы саҥа бүтэрбит уонна коммунальнай-тутуу тиэхиньикумугар үөрэнэр баҕалаах.
Аҕалара муус устарга кылгас уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыт. Билигин эчэйии ылан госпитальга сытар. Дьиэ кэргэҥҥэ нэһилиэк, улуус дьаһалтата, олохтоохтор, кэллиэгэлэр, тэрилтэлэрэ өйөбүл буолаллар. Судаарыстыба көмөтүнэн, өйөбүлүнэн дьиэ кэргэн туһанар. Кыһын #МЫВМЕСТЕ хамсааһын волонтердара муус ылан биэрбиттэр.

Көрсүһүү күнүгэр байыас кыра уола 18 сааһын туолла. Ил Дархан уолу төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна  байыастар оҕолоро үрдүк, орто анал үөрэххэ киирэллэригэр чэпчэтиинэн туһаналларын эттэ.

От ыйын 19 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга «Прометей» түөлбэҕэ тутуллубут Николай Иванович Шарин аатынан 39 №-дээх саҥа оскуолаҕа киин куорат педагогическай уопсастыбаннаһын кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ 172 киһи кытынна. Уһуйааннар, оскуолалар дириэктэрдэрэ, учууталлар санааларын үллэһиннилэр, кинилэри долгутар ыйытыылары биэрдилэр. Дьокуускай куорат 13 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Галина Васильева оскуолалара туризм хайысхатын тутуһарын, сотору Байкалга айанныахтаахтарын сырдатта. Ону сэргэ оскуола оҕолорун туризма уһуйуу — оҕо төрөөбүт дойдутугар харыстабыллаах, бэриниилээх сыһыаннаах буоларыгар көмөлөһөрүн бэлиэтээтэ. «Звездочка» уһуйаантан Елена Горбунова билигин даҕаны уһуйааннарга улахан уочарат баарын, иитэр үлэһит хамнас кыратыттан тиийбэтин  эттэ. Евдокия Коркина, Ларионов аатынан физико-техническэй лиссиэйгэ нуучча тылын учуутала, быйыл үөрэппит оҕото БКЭ-ҕэ 100 баалы ылбыта. Кини сыл ахсын элбэх оҕону Наука дьоҕус академиятыгар дьарыктыырга, ону сэргэ эбии үөрэх быһыытынан олимпиадаларга ситиһиилээх оҕолору бэлэмниир оскуоланы туруоруста. Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Георгий Афонскай БКЭ, ГИА түмүктэрин көрдөрөр хомуурунньуктар кэлин тахсыбат буолбуттарын эттэ. Ити учууталларга олус наадалааҕын ыйда.

Айсен Николаев 2018 сылтан киин куоракка 15 уһуйаан, 17 оскуола саҥа дьиэлэрэ тутуллубуттарын санатта. Ол эрээри Ил Дархан биир сытыы кыһалҕаҕа болҕомтону туһаайда. Ол курдук куоракка БКЭ уонна олимпиадаларга кыттыы түмүгэ мөлтөөн иһэрин, Алдан, Нерюнгри, Мирнэй хаачыстыба өттүнэн  көрдөрүүтэ быдан үрдүгүн бэлиэтээтэ. Биир кэлим эксээмэҥҥэ 12 предметтэн 5-гэр Дьокуускай үрдүнэн орто көрдөрүү өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүттэн намыһах. Онон үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга улахан үлэ барара ирдэнэр. Киин куорат үөрэххэ баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылыахтаах, саҥа методикалары, технологиялары туһаныахтаах. Ол инниттэн ИТ-инфраструктураны, научнай тэрилтэлэри, креативнай кластеры, түмэллэри, бибилэтиэкэлэри, экэниэмикэ секторын кытта хардарыта үлэлэһиэхтээх.

От ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уопсастыбаннай приемнайыгар биирдиилээн дьону кытта көрсүһүүгэ «Саха сирин бойобуой шелкопрядтара» хамсааһыҥҥа көмө оҥорор туһунан иһитиннэрдэ. Көрсүһүү кэмигэр байыннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр туһунан боппуруостар киирдилэр.
«Билигин Саха сирэ саллааттарбытын өйүүргэ биир сомоҕо буолбута киһини үөрдэр. Тыһыынчаттан тахса киһи, волонтер күннэтэ байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр», — диэтэ кини.
«Саха сирин бойобуой шелкопрядтара» хамсааһын байыаннай сулууспалаахтарга улахан көмөнү оҥорор. Волонтердар хаххалыыр сиэккэлэри оҥорорго матырыйаалларга наадыйаллар. Ил Дархан хамсааһыҥҥа көмөнү оҥорор туһунан баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар уонна исполкомҥа сорудах биэрдэ.

От ыйын 19 күнэ. Дьокуускайга Ленин болуоссатыгар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга диэри төһө бириэмэ хаалбытын ааҕар чаһылаах таблону арыйдылар. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев, Азия Олимпийскай сэбиэтин толоруулаах кэмитиэтин чилиэнэ Наталья Сипович итиэннэ оонньууларга кэлиэхтээх араас дойдулар дэлэгээссийэлэрин салайааччылара кыттыыны ыллылар. Айсен Сергеевич «Азия оҕолоро» бу аҥардас бөдөҥ турнир эрэ буолбакка, аан дойдутааҕы успуорт хамсааһыныгар Саха сирин кыттыытын, оруолун кэрэһилиир саҥа түһүмэх саҕаланыыта буоларын эттэ. Оонньууларга кэлэр дэлэгээссийэлэргэ анаан ыытыллыбыт сэминээр көрдөрбүтүнэн, Дьокуускай маннык улахан түһүлгэни ыытарга бэлэм. «Азия оҕолоро» аан дойдуга оҕолор успуортарыгар анаммыт соҕотох бөдөҥ бырайыак буолар. Санатар буоллахха, «Азия оҕолоро» 2024 сыл бэс ыйын 24 күнүттэн от ыйын 7 күннэригэр диэри ыытыллыахтара, онуоха диэри 343 күн хаалла.

От ыйын 19 күнэ. Дьокуускайга бу күн эһиилги «Азия оҕолоро» оонньууларга кытта кэлиэхтээх дойдулар дэлэгээссийэлэрин салаайаччыйалара – Арменияттан, Белоруссияттан, Кыргызстантан, Узбекистантан, Мальдивыттан, Филиппиныттан, Палестинаттан, Пакистантан, Шри-Ланкаттан, Таиландтан, Монголияттан, Москваттан, Свердловскай уобаластан кэлэн сэминээргэ кытыннылар.
Успуорт дэлэгээссийэлэрин Ил Дархан эҕэрдэлээтэ. Кини бу оонньуулар олимпийскай хамсааһын идиэйэлэрин тарҕаталларын, оҕо успуордун сайыннаралларын, аан дойду таһымыгар успуортка бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтөргө аналлааҕын санатта. Сыллата кыттааччы ахсаана эбиллэрин, ол аата дойдулар бу оҕолор үрдүкү успуорка бэлэмнэниилэригэр хардыы быһыытынан көрөллөрүн этэр. Урукку оонньуулар кыттыылаахтарыттан олимпийскай чөмпүйүөннэр, призердэр, аан дойду, Азия, Европа чөмпүйүөннэрэ үүнэн тахсыбыттара.
РФ бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан оонньууларга бэлэмнэниигэ федеральнай кэмитиэт тэриллибитэ. Кэмитиэти Юрий Трутнев салайар. Күрэхтэһии кэмигэр 16 успуорт эбийиэгэ туһаныллыаҕа, билигин өрөмүөн үлэтэ ыытыллар, эһиил аан дойду ирдэбилигэр эппиэттиир буолуохтара. Айсен Николаев эһиилги оонньуулар үрдүк таһымнаахтык ыытыллыыларын мэктиэлиибит диэн биллэрдэ. Ол быһыытынан Арассыыйаҕа успуорт эйгэтигэр 2024 сылга саамай улахан түһүлгэнэн буолуоҕа.

От ыйын 19 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар быһа эпииргэ тахсан, быйылгы от хампаанньатын туһунан кэпсээтэ. Аны атын эрэгийиэнтэн оту атыылаһыы суох буолуоҕа диэн кини бэлиэтээн эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ 450-н тахса туонна оту бэлэмниир былааннаахпыт. Үгүс улууска от үүнүүтэ үчүгэй. Арай ходуһалара ууга баран, кыһалҕалаах Горнай, Бүлүү бөлөх, Эбээн Бытантай, Кэбээйи улуустарыгар ыраата барбакка, бэйэлэрин истэригэр мобильнай биригээдэлэри тэрийэн оттотуохпут. Онно сөптөөх үп быйыл көрүлүннэ. Атын эрэгийиэнтэн урукку курдук оту атыылаһан тарҕатыы суох буолуоҕа, үлэ былаан быһыытынан барыаҕа», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Быйыл тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ элбэх тиэхиньикэ тарҕанна диэн Ил Дархан этиитин түмүктээтэ.

От ыйын 20 күнэ. Айсен Николаев Марха микрооройуонугар сырыытын кадеттар оскуолаларыттан саҕалаата. Манна «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан оскуола саҥа дьиэтэ 2022 сыл ахсынньытыттан тутуллар. Айсен Сергеевич бэлиэтииринэн, кадеттар оскуолалара биһиги инники көмүскээччилэрбитин бэлэмниир, сүрүн болҕомто патриотическай иитиигэ ууруллар. Оскуола Донбасс Кировскай оскуолатын кытта шефтэһэр. Урукку эргэ мас куорпустар оннуларыгар үс мэндиэмэннээх, 6 тыһ. тахса кв. м. иэннээх саҥа дьиэ икки блоктан туруоҕа – 200 миэстэлээх үөрэх куорпуһа уонна 125 миэстэлээх интэринээт. Тутуу быйыл түмүктэнэн, 2024 сылтан үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Үлэ кыраапык быһыытынан барар.

Салгыы Ил Дархан Можайскай уулуссаны саҥардыыны көрдө. Пилоттар уулуссаларыттан Мархаҕа киирии стелатыгар диэри учаастагы өрөмүөннүүллэр. Пилоттар уулуссаларыттан «Сулус» спорткомпекска диэри суолу быйыл кэҥэтэн аспааллыахтара, уулусса уотун-күөһүн тупсарыахтара, тротуардары оҥоруохтара. Уулуссаны толору саҥардар үлэ кэлэр сыл күһүнүгэр түмүктэниэҕэ.

Эрэгийиэн баһылыга Маҕан трагар элбэх кыбартыыралаах үс олорор дьиэ тиэргэнигэр тупсарыы үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Олохтоохтор этэллэринэн, тиэргэннэрин саҥардалларын элбэх сыл кэтэспиттэр. Билиҥҥи үлэни кинилэр санааларын учуотаан оҥороллор, оҕолор оонньуур зоналарын сэргэ тренажердары олохтуохтара, ыскамыайкалары туруоруохтара, массыына парковкатын оҥоруохтара. Олохтоохтор маны таһынан рейсовай оптуобус ахсаанын эбэр, түүннэри арыгыны атыылыыр маҕаһыыннары саптарарга этии киллэрдилэр. Дьиэлэр тулаларын аспааллыахтара, мастары олордуохтара. Үлэ бу күһүн түмүктэниэҕэ.

От ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев Чурапчы улууһугар үлэлээтэ. Маҕаайы алааһыгар Айсен Сергеевич «Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини өйөөһүн» бырагырааманан бааһынай хаһаайыстыбаларга 15 саҥа тиэхиньикэ, ол иһигэр үс «Беларусь» МТЗ 82 тыраахтар күлүүһүн туттарда. «Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын историятыгар чахчы бэлиэ күн. Саҥа тиэхиньикэ салааны салгыы сайыннарарыгар эрэллээхпин», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан Чурапчыттан Хатылы нэһилиэгэр диэри тардыллар «Чурапча – Харбала-1» гаас ситимин тутуу үлэтин кытары билистэ. Бу ситими тардыыга Саха сирин инвестиционнай бырагырааматынан 45 мөл. солк. тахса үп көрүллүбүт. Ситим устата 7 км кэриҥэ, 2 км траншея хаһыллыбыт, 6,8 км турба сыбааркаламмыт. Ирдэнэр тэрил барыта миэстигэр тиэйиллибит.
«Тыа сирин гаастааһын үлэтин тэтими ыһыктыбакка салгыахтаахпыт. Дьон баҕатын учуоттаан, былааны элбэтии өттүгэр уларытан, гааска холбоммут дьиэ хаһаайыстыбаларын элбэтэн иһиэхтээхпит», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Бу сылга Чурапчы улууһун гаастааһыҥҥа уопсайа 130 мөл. солк. көрүллүбүт. Ил Дархан сорудаҕынан кэлэр сылга диэри Чурапчы нэһилиэгин олоччу гааска холбуур былааннаахтар.
Салгыы Ил Дархан «Чурапчы» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин үлэтин кытары билистэ. Билигин ТХПК үүттэн 7 көрүҥ аһы, эттэн 8 көрүҥ аһы оҥорон таһаарар, ону таһынан ыраас иһэр ууну тарҕатар. Кэпэрэтиипкэ 140 киһи үлэлиир. Ааспыт сыл «Чурапчы» ТХПК 4,6 туонна үүтү тутан ас-үөл оҥорбута.
«Чурапчы» ТХПК өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар тэрилтэлэриттэн биир бастыҥнара. Тэрилтэ иннигэр салгыы сайдар, оҥорор бородууксуйаны элбэтэр сорук туруорурулунна. Бу туһугар түһүмэхтэринэн араарыллыбыт сөптөөх былаан уонна хонтуруол ирдэнэр”, — диэн эттэ Ил Дархан.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн сүүс миэстэлээх П.Н.Сокольников аатынан балыыһа комплексын тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Билиҥҥитэ эбийиэк 71% бэлэм. Тутааччылар комплекс ис үлэтин оҥоро сылдьаллар. Ил Дархан эбийиэги кэмигэр тутан, ахсынньыга бүтэрэргэ, чугастыы сытар тэлгэһэни тупсарарга уонна каадырдары бэлэмнээһин боппуруостарын хонтуруолга тутарга сорудахтаата.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Чурапчы сэлиэнньэтигэр А.К Софронов аатынан саҥа култуура уонна успуорт комплексын тутуутун көрдө. Комплекс «Саха сиригэр физическэй култуура уонна успуорт сайдыыта» судаарыстыбыннай бырагыраама чэрчитинэн тутуллар. Икки мэндиэмэннээх саҥа дьиэ 1,6 тыһ. кв.м иэннээх. Тутуу үлэтэ 2022 сылга саҕаламмыта. Эбийиэккэ 14 киһи уонна 5 тиэхиньикэ үлэлиир. Билигин комплекс  18% бэлэм. Былаан быһыытынан ахсынньыга тутуу үлэтэ түмүктэниэхтээх. Ил Дархан эбийиэги кэмигэр бүтэрэргэ сорудахтаата.
Ил Дархан Хатылыга Чурапчы көһөрүүтүн түмэлигэр сырытта. Түмэлгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Чурапчы оройуонун 41 холкуоһун көһөрбүттэрин кэпсиир 5 тыһ. тахса эспэнээт баар. Саха норуодунай уонна Арассыыйа үтүөлээх учуутала Дмитрий Чечебутов 1992 сыллаахха бу түмэли тэрийбитэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ Чурапчы көһөрүүтүн 136 кыттыылааҕа баар, олортон 60-тан тахса киһи Чурапчы улууһугар олорор. Айсен Николаев история тыйыс чахчытын туһунан үүнэр көлүөнэлэргэ тиэрдэр, биир дойдулаахтарын ааттарын үйэтитэр түмэл үлэһиттэригэр махтанна.
Улуус киинигэр Чурапчы ытык олохтоохторун, бэтэрээннэри кытта көрсүһүүтүгэр Айсен Николаев Хатылыга баар көһөрүү түмэлигэр анаан саҥа дьиэни туттарарга сорудах биэрбитин иһитиннэрдэ.
Чурапчыга сырыытыгар Айсен Николаев байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Эрик Ушницкайга «Эр санаа» уордьаны туттарда. «Уолаттарбыт Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр дьоруойдуу быһыыны инники кирбиигэ көрдөрөллөр, хорсуннук киирсэллэр. Кинилэр иннилэригэр турбут бойобуой соруктары чиэстээхтик толороллор», – диэн  Айсен Сергеевич эттэ.

От ыйын 21 күнэ. «Хоту сир»: тирэхтээх сайдыы сирэ-уота» наука-үөрэх киинин – НОЦ 2022 сыллааҕы үлэтин туһунан Айсен Николаев Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Чернышенко ыыппыт мунньаҕар онлайн-кыттан кэпсээтэ.
«Тустаах киин үлэтэ Уһук Илин биэс эрэгийиэнин сайдыытын хайысхаларыгар сөп түбэһиннэрэн, аныгы технологиялары оҥорууга уонна туһаныыга туһуланна. 2022 сылга үчүгэйдик үлэлээтибит. Салгыы бииргэ үлэлиэхпит,» — диэтэ Айсен Николаев.
Айсен Николаев технологическай бырайыактары олоххо ситиһиилээхтик киллэриини аҕынна. Илиҥҥи водороднай кластер бырагыраамата торумнаммыт, паар конверсиятынан метантан водороду ылыыга боруобалааһын ыытыллыбыт. Сахалин уобалаһыгар водороднай полигону харайыы инфраструктуратын бэлэмнээбиттэр.
РНА СС Саха сиринээҕи научнай киинин ньиэп уонна гаас институтун учуонайдара уонна Газспассервис хампаанньа лабораторияҕа +4 кыраадыстан намыһахха биллэр нефтедеструктор-бактериялары айан таһаарбыттар. Маны Булуҥ оройуонугар «Днепр» суудунаны ыраастыырга туһаныахтара.
Ону тэҥэ -60 кыраадыстаах тымныыны тулуйар эрэһиинэ-тэхиньиичэскэй оҥоһугун ХИФУ хамаандата оҥорбут.

От ыйын 22 күнэ. Бу күн Айсен Николаев Тааттаҕа тиийдэ. Улууска кэлээт, саха норуотун чулуу уолаттарыгар сүгүрүйэн, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн уурда. «Айар тылбыт аҕалара — Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Былатыан Ойуунускай ааттарыгар сүгүрүйэбит!» – диэтэ кини.

Алексей Кулаковскайга пааматынньыгы Кыйы сэлиэнньэтигэр киириигэ былырыын алтынньыга туруорбуттар. Искибиэргэ олохтоохтор эмиэ кэлбиттэр. Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ Айсен Николаевка өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүн сыаналыылларын билиннэ. Кини бэйэтэ тикпит чаппарааҕын бэлэхтээтэ. Уонна дьиэлэри механизациялаах саҥа хочуолунайга холбуурга көрдөстө.
Саха сирин баһылыга Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар сырытта. «Төрөөбүт Сахатын сиригэр судаарыстыбаннаһы тэрийии Платон Алексеевич Ойуунускай олоҕун сүрүн дьыалатынан буолбута.
Кини бигэ дьүккүөрдээх буолуута Саха сирэ автономияны РСФСР састаабыгар ыларыгар төһүү буолбута. Платон Алексеевич өрөспүүбүлүкэ статуһа наадатын кытаанахтык турууласпыт«,— диэтэ Айсен Николаев.
Айсен Сергеевич Кыйыга Тыараһа орто оскуолатыгар ыалдьыттаата. Икки мэндиэмэннээх таас эбийиэккэ аныгы үөрэх эйгэтэ оҥоһуллубут – үөрэнэр кылаастар, лабораториялар, мастырыскыайдар, бибилэтиэкэ, спортивнай уонна актовай саалалар, оскуола тиэргэнигэр успуорт былаһаакката баар. Маннык тупсаҕай усулуобуйа үөрэх, успуорт көрдөрүүтүн лаппа үрдэттэ диэн учууталлар бэлиэтииллэр.
«2018 сылга Тыараһа орто оскуолатын кэлэктиибин кытта көрсүһүү кэнниттэн саҥа оскуола эбийиэгин тутарга соруйбутум. 2021 сыл бүтүүтүгэр олохтоохтор баҕа санаалара туолбута. Бүгүн саҥа оскуолаҕа сылдьаммын үлэһиттэри, оҕолору кытта кэпсэтэммин олус үөрдүм», – диэн Айсен Сергеевич иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын аныгы эбийиэктэрин тутуу салҕанар. Сотору кэминэн Ытык Күөлгэ саҥа поликлиника тутуута түмүктэниэҕэ. Айсен Николаев тутуу үлэтин хаамыытын билистэ. Билигин киин балыыһа эргэ, хаарбах туруктаах эбийиэккэ үлэлиир, сорох салаалара атын эбийиэктэргэ бааллар. Саҥа түөрт этээстээх, 4 тыһ. кв.м иэннээх эбийиэккэ бары сулууспалар биир миэстэҕэ үлэлиир буолуохтара. Симиэнэҕэ 200 киһи сылдьан көрдөрүнүөҕэ. Поликлиника аныгы тэрилинэн хааччыллыаҕа. Үлэ тэтимнээхтик бара турар, эбийиэк 91% бэлэм.
Ытык Күөлгэ 450 миэстэлээх оскуола уонна 100 миэстэлээх интэринээт тутуллар. «Өрөспүүбүлүкэҕэ хас биирдии тутуллар социальнай эбийиэккэ уопсастыбаннай хонтуруол баара үчүгэй, үлэ хаачыстыбатын бэрэбиэркэлииллэр. Тутуу кыраапык быһыытынан баран иһэр, хаалыы суох. Эбийиэк тутуута 2024 сылга түмүктэниэҕэ», — диэн Ил Дархан иһитиннэрэр.
Айсен Николаев «Таатта» ТХПК үрүҥ аһы оҥорон таһаарар эбийиэгэр сырытта, Манна кини илин эҥэр улуустарын оҥорон таһаарар тэрилтэлэр салайааччыларын кытары көрүстэ. Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан, Амматтан, Тааттаттан бэйэлэрин оҥорбут бородууксуйаларын быыстапкалаан көрдөрдүлэр, санаа атастастылар. Кэпсэтиигэ кэпэрэтииптэр оҥорон таһаарар бородууксуйаларын дэлэтии, тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыы, сүөһү-сылгы ахсаанын үксэтии, атыыга тахсар бородууксуйа эйгэтин кэҥэтии, аныгы тэрилинэн хааччыллыы, каадыры бэлэмнээһин боппуруостара турдулар. Оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэр тута миэстэтигэр сөптөөх хоруйдары ыллылар.
Айсен Николаев Таатта улууһугар 2025 сыга ыытыллыахтаах «Манчаары оонньуулара» успуорт национальнай көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи XXII спартакиадаҕа бэлэмнэниигэ тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Ытык Күөлгэ 1000 миэстэлээх стадион уонна элбэх өҥөлөөх чэбдигирдэр-спортивнай комплекс баар буолуоҕа, Чөркөөххө успуорт саалата, Боробулга дьоҕус стадион тутуллуохтара. Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа үлэни атырдьах ыйыгар саҕалыырга сорук туруорда. Кини Таатта улууһа «Манчаары оонньууларын» үрдүк таһымнаахтык ыытарыгар эрэллээҕин биллэрдэ.

От ыйын 23 күнэ. Дьокуускайга Преображенскай таҥара дьиэтигэр сибэтиэй Георгий Победоносецка литургия буолла. Манна Айсен Николаев кыттыыны ылла. Быйыл ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри Арассыыйа 100 куоратыгар Георгий Победоносец кырамтатын илдьэ сылдьыахтара. Бу эйэлээх олох кэлэрин, биһиги буойуттарбыт тустарыгар оҥоһуллар. Кинилэргэ духуобунай өйөбүл, мэлииппэ, күүс-санаа эбиллиитэ наада. Ковчегы Дьокуускайтан салгыы Мииринэй куоракка тиэртилэр.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Билигин от үлэтин үгэнэ, халлааммыт ардаан, сорох сиринэн уһуннук, күчүмэҕэйдэри үөскэттэр да, бары күүһү түмэн, сүөһүбүтүн-сылгыбытын энчирэппэт туһугар, мындыр саха киһитин сатабылынан күөх быйаҥы сомсуоҕуҥ, сир аһа бииртэн биир ситэн иһэриттэн бэриһиннэриэҕиҥ, хаһааныаҕыҥ.

Афанасий Ноев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: