Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ааптар:
14.11.2024, 14:23
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 4 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлииригэр Арассыыйа уонна Саха сирин хас биирдии олохтооҕор биһиги дойдубут модун күүһүн уонна самныбат санаатын кэрэһилиир дьоһун суолталаах күн буоларын бэлиэтээтэ. Бүгүн эмиэ үгүс сыл аннараа өттүгэр курдук устуоруйа кырдьыгын көмүскүүрүгэр, устуоруйа чахчыларын токурутарга уонна неонацизмы сөргүтэргэ дураһыйыыны бохсууга Арассыыйа улахан тургутуулары көрүстэ. Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин эһэлэрин, хос эһэлэрин курдук Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин чиэстээхтик толороллор, оттон өрөспүүбүлүкэ кинилэргэ кыаллары барытын оҥорор диэн эҕэрдэҕэ этиллэр. Улуу Арассыыйабыт араас кыһалҕаны да көрүстэр бөҕөргүү туруоҕа, оттон дойдубут быстыбат сороҕунан буолар Сахабыт сирэ сайдан, иннин диэки эрэллээхтик баран иһиэҕэ диэн бигэтик эрэнэрин Ил Дархан биллэрдэ.

Сэтинньи 5 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Москваҕа «Арасыыйа» диэн ааттаах саҥа Национальнай кииҥҥэ «Создавая будущее» диэн  норуоттар икки ардыларынааҕы симпозиумҥа «Вселенная героев как условие развития многополярного мира» диэн пленарнай дискуссияҕа кытынна. Манна спикердэр арҕаа дойдулар соҥнуур идеологияларын утарсар туһугар  күүһү хайдах түмэр уонна «Вселенная героев» тэрийэр туһунан кэпсэттилэр.

Айсен Николаев эппитинэн, Арассыыйа култууратын сүрүн күүһүнэн  кини баай устуоруйата уонна үгэстэрэ, төрүттэрэ: саха олоҥхото,  дойду атын норуоттарын номохторо буолаллар. Номохтор аныгы дьоруойу: төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх хорсун буойуну көрдөрөллөр. Онуоха доҕордуу судаарыстыбалары кытары бииргэ үлэлээһини дириҥэтии улахан суолталаах.

«Хас биирдии дойду, хас биирдии ааптар бэйэтин дьоруойдарын, бэйэтин бэрэстэбиитэллэрин аан дойдуга биллэрэргэ уопсай кыахтары туһанарын туһугар  аан дойду барыбытыгар аһаҕас буолуохтаах. Доҕордуу дойдулары, Кытайы, Индияны киллэрэн туран, күүспүтүн холбооһун  саҥа көлүөнэлэргэ наадалаах дьоруойдар баар буолалларын көҕүлүөҕэ», — диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.

Айсен Николаев сайдыылаах кинематографтаах уонна култуураҕа баай үгэстээх Саха сирэ бу дьоһуннаах үлэҕэ бэйэтин кылаатын киллэрэргэ бэлэмин эттэ.

Сэтинньи 6 күнэ. Дьокуускайга II Өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утарыы пуорума киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста. Үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыт пуорума Саха сирин уопсастыбанньыктара, байыаннайдар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, бэтэрээннэр, ыччат дьон, эспиэрдэр кытынна. Пуорум чэрчитинэн 21 араас тэрээһин — быыстапкалар, лиэксийэлэр, кэнсиэртэр уонна «төгүрүк остуоллар» сүрүн сыалларынан фашизмы уонна кини аныгы көстүүлэрин утары охсуһууга күүһү-уоҕу түмүү буолла.

Пленарнай мунньахха Айсен Николаев тыл этэригэр, Саха сирин олохтоохторун фашизмы утары сэриилэспит, Кыайыыны ситиспит өбүгэлэрин кэриэстэрин үйэтитиигэ күүстэрин түмэргэ ыҥырда. «Биһиги хас биирдиибит сарсыҥҥыга, Ийэ дойду иннигэр тус эппиэтинэһи сүгэрбитин чуолкайдык өйдүөхтээхпит. Биһиги патриот буолуохтаахпыт, оҕолорбутун үрдүк сиэр-майгы тыыныгар иитиэхтээхпит», – диэн кини Николаев бэлиэтээтэ.

Ил Дархан Саха сирин олохтоохторугар, байыастарга, дойдуларын иннигэр бэриниилээх патриоттарга махталын биллэрдэ: «Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы кэнниттэн 80-ча сыл буолан баран фашизм идеологията эмиэ күөрэйэн кэллэ. Биһиги билигин уопсай дьыала иһин түмсүөхтээхпит уонна фашизмы суох оҥоруохтаахпыт. Бу тургутууну биһиги эрэллээхтик туоруохтаахпыт уонна Кыайыыны хайаан даҕаны ситиһиэхтээхпит. Биһиги норуоппут мэлдьи кыайыылаах-хотуулаах, дьон көҥүлүн туһугар туруулаһар. Сахалар мэлдьи төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ инники кэккэҕэ сылдьаллар. Биһиги хайаан даҕаны кыайыахпыт!» – диэтэ Айсен Николаев.

Пуорум түмүгүнэн ылыллыбыт  резолюцияҕа Саҥа докумуоҥҥа  пуорум кыттыылаахтара анал байыаннай дьайыы бара турарынан, Үрдүкү Главнокомандующайы, аармыйаны уонна флоту өйүүр наадалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр уонна «Кыайыы туһугар бииргэ!» хамыыһыйа тула түмсэргэ быһаардылар. Докумуоҥҥа ыйыллыбытынан, 2025 сылга «Кыайыы – мин сүрэхпэр!»  улахан суолталаах тэрээһин ыытыллара былааннанар. Ол чэрчитинэн патриотическай иитиигэ уонна дойду устуоруйатын үөрэтиигэ туһуламмыт бэтэрээннэр, ыччаттар уонна волонтердар кыттыылаах хас биирдии куоракка, улууска уонна нэһилиэккэ социальнай суолталаах 80 тэрээһини ыытыллыаҕа.

«Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис пуоруму түмүктээтибит. Мин санаабар, бу саамай сөптөөх дьыала, тоҕо диэтэххэ, биһиги байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын өйөөммүт, билигин манна улахан үлэни ыытабыт. Ону таһынан биһиги өйдүөхтээхпит, биһигини, Арассыыйа дьонун утары күүстээх утарсыы бара турар. Арҕаа дойдуга фашизмы күөдьүтэннэр, урукку сойуустуу Украина Өрөспүүбүлүкэтигэр киллэрэннэр, дьиҥнээх фашисткай эрэсиими үөскэтэн дьон өйүн-санаатын булкуйуу барда. Биһиги бары түмсэммит, оҕолорбутун, ыччаппытын патриоттуу тыыҥҥа үөрэтиэхтээхпит», — диэтэ Айсен Николаев.

Салгыы Ил Дархан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит хорсун быһыыны көрдөрбүттэрин, билигин биһиги уолаттарбыт кинилэр суолларынан дойдуларын иһин иэстэрин чиэстээхтик толоро сылдьалларын бэлиэтээтэ.

«Биһиги өбүгэлэрбит 1945 сыллаахха Улуу Кыайыыны ситиспиттэрин курдук эмиэ түмсэммит Кыайыыны уһансыахпытын наада. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа диэн эрэллээхпин. Пуорумҥа кэлбит ыалдьыттарбыт тэрээһин суолтата улаханын бэлиэтээтилэр уонна махтаналларын биллэрдилэр. Онон кэлэр да сылларга маннык пуоруму ыытыахпыт», — диэтэ Ил Дархан.

Сэтинньи 7 күнэ. Айсен Николаев салалтатынан Саха сирин экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйар суһал ыстаап президиумун мунньаҕа буолла.  Ил Дархан судаарыстыбаннай хантараакка бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр үлэлэригэр хонтуруолу күүһүрдэргэ  эттэ. Хантараак усулуобуйатын кэһэр бэдэрээтчиттэргэ тутуу министиэристибэтэ кытаанахтык сыһыаннаһыахтааҕын туһунан бэлиэтээтэ. Итиэннэ бырайыактыыр үлэ хаачыстыбатын үрдэтэр туһунан эттэ. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба чилиэннэрин социальнай эбийиэктэри тутарга анаммыт хас биирдии солкуобайы туһаҕа таһаарар курдук салайарга, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга ыҥырда. Тутуу бырайыактарын кэмигэр уонна көдьүүстээхтик салайыы Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тутула буолар диэн санатта.

 Сэтинньи 8 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев «Технологическай баһылааһын: биисинэс, билим уонна судаарыстыба» диэн дьыалабыай пуорумҥа кытынна. Ил Дархан этэринэн, биһиги дойдубут технологическай өттүнэн баһылааһына хаһааҥҥытааҕар да наада буолан турар кэмэ. «Хайаан да быһаарыллыахтаах кыһалҕалар, соруктар, туоруохтаах ыарахаттарбыт тустарынан аһаҕастык кэпсэтэрбит бары кыттааччыларга олус наада. Технологическай баһылааһыны хааччыйыы курдук сүрүн сорукпутун чуолкайдык толорорбутугар пуорум үлэлиир, бу сорук судаарыстыба, биисинэс уонна билим биир санаанан үлэлээтэхтэринэ кыаллар. Үлэһит илиини бэлэмнээһин, инновационнай сайдыы, инновационнай бырайыактары өйөөһүн боппуруостарын дьүүллэстилэр, бу сүрүн ыстаапка аһара үрдээн турар кэмигэр олус наада. Биһиги бары санаабытын эттибит, барыбытын истибиттэригэр, өйүүр миэрэлэри ылыналларыгар федеральнай былаас уорганнара туттуохтара диэн эрэнэбин», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Маны таһынан кини пленарнай мунньах кэмигэр байыаннай дьайыыга анаан оҥоһуллубут технологическай оҥоһуктары кэлин олоххо-дьаһахха туттарга этии киирбитин кэпсээтэ. «Дойдубут кыайыыны ситиһэн, эйэлээх олоххо төнүннэхпитинэ, бары оҥоһуулар – БПЛА-ттан саҕалаан араас оҥоһугу барытын дьон олоҕор-дьаһаҕар туһалыырын курдук оҥоруохтара. Бу саамай сөптөөх хардыы. Оттон билигин биһиги Сахабыт сиригэр оҥоһуллубут хаарынан сылдьар болотоходтар, уотунан барар матасыыкыллар дьоҕус эбэн биэрии кэнниттэн буойуттар тутталларыгар бэриллэллэр», — диэн чуолкайдаата Айсен Николаев.

Сэтинньи 9 күнэ. Дьокуускайга «Триумф»  успуорт уораҕайыгар  булкаас бойобуой киирсиигэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнир буолла. Турнир номнуо иккис төгүлүн ЮФС чөмпүйүөнэ Хабиб Нурмагамедов Лиигэтин кытта ыытыллар. Быйыл бастыҥ байыас аатын ыларга Ирантан, Туркменистантан, Египеттан, Узбекистантан, Афганистантан уонна Арассыыйаттан 24 спортсмен кииристэ. Турнирга Ил Дархан Кубогын Саха сириттэн Григорий Барашков ылла. Кини Афганистантан сылдьар спортсмены тэхиниичэскэй нокаукка ыытан кыайда.

Сэтинньи 10 күнэ. Айсен Николаев Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин идэлээх күннэринэн эҕэрдэлээтэ.  Бу бэлиэ күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит дьонун-сэргэтин харыстаан, көрөн-истэн сыралаах үлэлэрин иһин махтанна. Эһиги ыытар үлэҕит дойдубут олоҕун-дьаһаҕын куттала суох оҥорор диэн бэлиэтээн эттэ уонна үлэлэригэр ситиһиилэри, кытаанах друобуйаны баҕарда.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Сэтинньи бастакы аҥара улаханнык тымныйбатар да, уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэр үгэс буолбут үлэбит сыыйа үмүрүйэр, маннык эппиэттээх кэмҥэ харыстанан, чэгиэн чэбдик буолуохха!

Афанасий Ноев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: