Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ааптар:
27.01.2025, 15:35
Хартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 20 күнэ. Айсен Николаев нэдиэлэтээҕи былаанныыр мунньахха Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын, Бырабыыталыстыба салалтатыгар соруктары туруорда. Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэрии сорох хайысхаларыгар үлэни күүһүрдэргэ ыйда. Ааспыт нэдиэлэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара Кыайыы 80 сылынан төлөбүрдэри туппуттара. Аны блокадаламмыт Ленинград олохтоохторугар, сокуоннай саастарын туола иликтэринэ концлааҕырдарга олорбут дьоҥҥо, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, тыыл үлэһиттэригэр, сэрии оҕолоругар ирдэнэр төлөбүрдэри оҥорорго дьаһал биэрдэ. Олохтоммут болдьоҕор дойду Бырабыыталыстыбата бигэргэппитит, 2025-2027 сылларга босхо мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга судаарыстыбанан мэктиэлэммит бырагырааманы олоххо киллэрэргэ соруйда. Докумуоҥҥа босхо мэдиссиинэ көмөтүгэр саҥа балаһыанньалар киирбиттэрэ. Дойду Бырабыыталыстыбата агробиисинэһинэн дьарыктанар байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин уонна кыттыылаахтарын өйүөҕэ, итиэннэ агропромышленнай тиһик тэрилтэлэрин каадырынан хааччыйыыга усулуобуйа тэрийиэҕэ. Бу хайысхаҕа тустаах үлэни ыытарга этилиннэ.

Тохсунньу 20 күнэ. Ил Дархан Крым Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн элбэх омуктаах Саха сирин аатыттан эрэгийиэн олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэлэрбитин ситимниир өрүт элбэх, бу сылларга дьиҥнээх бырааттыы сыһыан олохтонно, атыы-эргиэн, туризм, тыа хаһаайыстыбатын хайысхаларыгар бииргэ үлэлэһэбит, атын хайысхалары сайыннарабыт, өр сыллаах култуурунай уонна билим ситимнэрин бөҕөргөтөбүт, бу таһаарыылаах бииргэ үлэлээһиммит саҕаланыыта эрэ буолар диэн Айсен Николаев эҕэрдэ телеграмматыгар бэлиэтээтэ.

Тохсунньу 20 күнэ. Айсен Николаев Үүнэр көлүөнэлэр пуондаларын 2024 сыллааҕы үлэтин түмүгүн уонна 2025 сылга былааннарын көрдө. Ааспыт сылга пуондаҕа «АЛРОСА», «Эльгауголь», «Таас-Юрях Нефтегазодобыча»  «РНГ», «Сбербанк», «Селигдар» уонна да атын бөдөҥ хампаанньалартан 1,4 млрд солкуобайдаах үп киирбит. Онон социальнай эбийиэктэри тутуу, оҕолорго уонна ыччакка туһуламмыт бырайыактары үбүлээбиттэр. Холобур, Мииринэйгэ 1 №-дээх оскуола саҥа дьиэтэ тутуллубут, Светлэйгэ эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй колледжка ньиэп-гаас толору түһүмэҕин фабриката оҥоһуллубут. Дьокуускайга «Юность» стадион өрөмүөннэммит. Өлүөхүмэ Тээнэтигэр оскуола-уһуйаан тутуллар. Бүлүү, Ньурба, Уус Куйга, Аллараа Бэстээх, Сунтаар маастар-былааннара оҥоһуллар. Чугастааҕы былааннарга — Үүнэр көлүөнэлэр пааркаларын, Ньурбаҕа бассейннаах успуорт комплексын уонна сүүрэр манежтаах стадиону тутуу буолар. Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун реконструкциятын бырайыага оҥоһуллар.

Тохсунньу 21 күнэ. Ил Дархан үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньахтарыгар кытынна. Саха сирэ аныгы технологияны туһаныыга бастыҥынан буолуохтаах, ону быһаарарга үөрэх биир кэлим тиһигэ, хас биирдии оскуола, колледж, техникум, үрдүк үөрэх иннигэр үрдүк таһымнаах каадыры бэлэмнээһин соруга турарын бэлиэтээтэ. Үөрэх тэрилтэтин көдьүүһэ экэниэмикэҕэ анаан исписэлиистэри бэлэмнээбит кылаатынан сыаналаныахтаах диэн эттэ. Билигин политиэхиньиичэскэй хайысхалаах оскуола ахсаана аҕыйаҕын, креативнай индустрияҕа, сыыппараҕа, инфокоммуникацияҕа каадыры бэлэмнээһиҥҥэ ирдэнэр физика-математика хайысхатын биир кэлим эксээмэҥҥэ талар оҕо аҕыйаан иһэрин ыйда. Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр үөрэнээччилэр эксээмэҥҥэ физиканы-математиканы, биологияны-химияны, информатиканы талбыттарыгар олоҕуран, профильнай хайысхата суох оскуолалары сыаналыырга бэйэ киритиэрийдэрин киллэрэргэ эттэ. Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев тэрийбит Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин уларыта тутар ирдэнэрин ыйда. Инфраструктураны сайыннарыыга 2018 сылтан 171 саҥа эбийиэк, ол иһигэр Дьокуускайга 5 оскуола саҥа дьиэтэ тутуллубутун, үлэ салгыы барарын бэлиэтээтэ.

Тохсунньу 21 күнэ. Айсен Николаев «Быһа кэпсэтии» ГТРК «Саха» биэриитигэр «Россия 24» ханаалга быһа эфиргэ таҕыста. Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 кыттыылааҕар 2 мөл. солкуобай төлөбүр оҥоһуллубутун, блокадаҕа, концлааҕырга түбэспиттэргэ, тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар төлөбүрү оҥоруу олунньу 20 күнүгэр түмүктэниэхтээҕин иһитиннэрдэ. Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт Саха сирин буойуттарыгар анаммыт пааматынньыктары Смоленскай, Псковскай, Калужскай уобаластарыгар «Бастионы памяти» бырайыак чэрчитинэн туруоруохтара. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники сылларга 77 саҥа хочуолунай үлэҕэ киирбитин, 2028 сылга диэри 60-тан тахса саҥа хочуолунай тутуллара былааннанарын бэлиэтээтэ. Былырыын «Амма» өрөспүүбүлүкэтээҕи суол учаастагын 7 км аспааллаабыттарын, быйыл 10 км бүрүллэрэ былааннанарын туһунан эттэ.

Тохсунньу 21 күнэ. Ил Дархан «Бииргэ Кыайыыга!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа 2024 сылга үлэтин түмүктэрин таһаарда уонна 2025 сылга былааннарын көрдө. Быйыл байыаннай чаастарга тиэхиньикэни уонна тэрили бытаардыбакка тириэрдии, байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруу, Докучаевскай куоракка эбийиэктэри болдьоҕор чөлүгэр түһэрии хайысхаларынан үлэни күүһүрдэргэ сорук туруорда.

Тохсунньу 21 күнэ. Ил Дархан «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагыраама кыттыылааҕа, Тихоокеанскай флот муоратааҕы пехота биригээдэтин стрелковай батальонун хамандыыра Сергей Прокловы кытта көрүстэ, үөрэҕэр, инники үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда. Сергей Проклов стажировкатын дойду Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа министиэристибэтигэр Алексей Чекунков салалтатынан барбыт.

Тохсунньу 22 күнэ. Айсен Николаев Нам улууһун Модут нэһилиэгин Тумулугар саҥа оскуола арыллыытыгар олохтоохтору, кэлэктииби эҕэрдэлээтэ, пилота суох авиация тиһигин кэбиниэтигэр саҥа оборудованиены ыларга сэртипикээт туттарда. Саҥа икки мэндиэмэннээх 2,6 тыһ. тахса кв.м. иэннээх 15 үөрэх миэстэтигэр суоттаммыт дьиэ аныгы үөрэх оборудованиетынан хааччыллыбыт. Эбийиэк өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан тутуллубут уонна дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак сыалларыгар эппиэттиир.

Тохсунньу 22 күнэ. Ил Дархан Хаҥалас улууһугар Мохсоҕоллоох оскуолатын саҥа куорпуһун арыйар тэрээһиҥҥэ кытынна. 450 миэстэлээх 3 тыһыынча 500 квадратнай миэтэрэ иэннээх үс мэндиэмэннээх эбии дьиэ тутуллан, аны оҕолору биир симиэнэҕэ үөрэтиэхтэрэ. Айсен Николаев пилота суох авиация тиһигин кэбиниэтигэр саҥа оборудованиены ыларга сэртипикээт туттарда.

Тохсунньу 22 күнэ. 2029 сылга саха успуордун национальнай көрүҥнэригэр «Манчаары оонньуулара» XXIII спартакиада Хаҥалас улууһугар ыытыллыаҕа. Бу туһунан дьаһалга Ил Дархан илии баттаата. Кулун тутар 31 күнүгэр диэри Бырабыыталыстыбаҕа 23-с спартакиаданы бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга тэрийэр кэмитиэт састаабын бигэргэтиигэ киллэрэргэ сорудахтаата.

Тохсунньу 22 күнэ. Айсен Николаев Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн ыытыллар «Үйэлээх уот» эстафетата Красноярскайтан Дьокуускайга кэлиитин көрсүү тэрээһинигэр улахан суолталаах көҕүлээһин иһин дойду Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтигэр уонна миниистир Александр Куренковка тус бэйэтигэр махталын биллэрдэ уонна эспэдииссийэ кыттыылаахтарыгар үтүө соруктарыгар ситиһиини баҕарда. Быыһааччылар Үйэлээх уот кыымын Арктика устун эрэгийиэнтэн эрэгийиэҥҥэ тиэрдэллэр. Ытык уот өрөспүүбүлүкэ алта улууһугар: Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Чурапчыга, Томпоҕо, Өймөкөөҥҥө, Муомаҕа – сиринэн айанныаҕа, онтон Черскэйгэ диэри, салгыы көтөр аалынан Чукоткаҕа тиийиэҕэ.

Тохсунньу 22 күнэ. Ил Дархан Дьокуускага саҥа «Сулустаах» түөлбэҕэ дьиэ иһигэр катоктаах успуорт комплекса аһылыытыгар кытынна. Бу Саха сиригэр анал керлинг суоллаах аан бастакы успуорт эбийиэгэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыагынан тутулунна. Икки мэндиэмэннээх 5 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэҕэ 210 көрөөччү миэстэлээх хоккей былаһаакката, футболга уонна волейболга аналлаах спортивнай саала бааллар. Саҥа комплекска Дьокуускай 10-с №-дээх успуорт оскуолатын иитиллээччилэрэ дьарыктаныахтара. Айсен Николаев успуорт инбэнтээрин атыылаһарга сэртипикээт туттарда. «Манна киирэн истэхпинэ Владимир Путин төрөөбүт күммүнэн эҕэрдэлээн эрийбитигэр, бүгүн саҥа икки оскуоланы арыйбыппытын, билигин дьиэ иһинээҕи муус катогу арыйарбытын кэпсээтим, Бэрэсидьиэн оҕолорго чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, дьоллоох, дьиҥнээх патриот, олоҕу хамсатар кыахтаах дьон буола улаатыҥ диэн баҕа санаатын тириэртэ», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Тохсунньу 23 күнэ. Айсен Николаев ыыппыт өрөспүүбүлүкэҕэ патриотическай иитиини сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕар Ийэ дойдуну көмүскээччи сылын кэнсиэпсийэтин бигэргэттилэр. Патриотическай хайысхалаах тэрээһиннэргэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 50%-тан элбэх киһини кытыннарыахтара. Судаарыстыбаннай уонна олохтоох салайыныы уорганнарыгар, уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ патриотическай иитиигэ биир стандарт туһаныллыаҕа. Үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар патриотическай иитии куурустарын ааһыахтара. «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ туһунан» 1998 с. сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ этилиннэ.

Тохсунньу 24 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай аэропуордун уонна «Саха сирэ», «Полярнай авиалиниялар» хампаанньалар ааспыт сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн уонна үүммүт сылга былааннарын көрдө. Олохтоох маршруттарынан дьону таһыыны субсидиялааһын боппуруоһун суһаллык быһаарарга, 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуону чопчулааһыҥҥа 1,2 млрд солк. көрөргө сорудахтаата. Ааспыт сылга 1,029 млрд солк. көрүллэн, чэпчэтиилээх көтүү өҥөтүнэн 20,9 тыһ. пассажир улуустар иһинээҕи, онтон 32 тыһ. пассажир Арктика улуустарыттан Дьокуускайга диэри уонна төттөрү барыы маршруттарыгар туһаммыт.

Тохсунньу 24 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх Оҕо искусствотын оскуолатын оҕолоро үөрэнэллэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ сорудахтаата. Оскуоланы киин куорат 202-с түөлбэтигэр баар «Бригантина» дьиэтигэр көһөрөрү былаанныллар. Тутуу куорат киинигэр баар буолан оҕолорго табыгастаах. Эбийиэккэ үөрэнэргэ усулуобуйа тэрийэн тустаах өрөмүөн ыытыллыаҕа. Олунньу 10 күнүгэр диэри үлэ хаамыытын тиһигин оҥорорго Ил Дархан сорудахтаата.

Тохсунньу 24 күнэ. Ил Дархан халааҥҥа ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Тохсунньуга олус сылаас күннэр турбуттара халаан кэмигэр дьайарын учуоттаан, халаан куттала суох ааһарыгар билигин тустаах дьаһаллары быһаарар, эппиэттээх биэдимэстибэлэр бары бэлэм буолалларыгар күүһү уурар суолталааҕын бэлиэтээтэ. Анал сулууспаларга үөрэҕи уонна эрчиллиилэри кэмигэр ыытыы, материальнай ресурсалары саҥардыы, баайы-дуолу страховкалааһын, гидротехническэй тутуулары бэрэбиэркэлээһин уо.д.а. тэрээһиннэрин ыытарга ыйда. Ынах сүөһүнү уу ылбат сиригэр көһөрөр сири-уоту эрдэ быһааралларыгар эттэ.

Тохсунньу 25 күнэ. Ил Дархан Арассыыйаҕа Устудьуоннар күннэринэн Саха сирин устудьуоннарын эҕэрдэлээтэ. «Эһигиттэн үгүскүт билигин өрөспүүбүлүкэ уонна дойду сайдыытыгар хайыы үйэ бэйэтин кылаатын киллэрсэр, баҕа өттүнэн тэрийэр десаннаргыт, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕүт, айымньылаах бырайыактарга уонна волонтердар хамсааһыннарыгар кыттыыгыт – дьиҥнээх патриотизм уонна гражданскай эппиэтинэс холобура» диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.

Тохсунньу 25 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга икки гостиница тутуллуохтаах учаастактарын көрдө, кэккэ сорудаҕы биэрдэ. Бырайыактар куорат биир сүрүн кыһалҕатын – туристары сынньатарга аныгы гостиница миэстэлэрэ тиийбэтин боппуруоһун быһаарыахтаахтарын бэлиэтээтэ. «Космос» бренды сүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакы гостиницаны Чернышевскай уулуссатыгар урут куорат баанньыга турбут учаастагар тутуохтара. Бырайыагы олоххо киллэрии кулун тутартан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Туризм уонна ыалдьыттары көрсүү» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҕаланара былааннанар.  Манна 73-тэн итэҕэһэ суох үлэ миэстэтэ баар буолара, эбийиэк 2027 сыл сайын үлэҕэ киллэриллэрэ былааннанар. 120 нүөмэрдээх иккис гостиница Ленин проспегар тутуллуоҕа. Билигин эбийиэк дизайнын бырайыага оҥоһуллар.

Тохсунньу 25 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга реальнай училище уонна куораттааҕы эр дьон прогимназияларын дьиэлэрин турар учаастактарын көрдө. Бу эбийиэктэр Арассыыйа норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин ахсааныгар киирэллэр. Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа уонна куорат дьаһалтатыгар дьиэлэри чөлүгэр түһэрэргэ инвестордары буларга сорудахтаата. Эбийиэктэри сөргүттэххэ, куорат музейа уонна гостиница оҥоруохха сөбүн бэлиэтээтэ. Итиэннэ 55 уонна 55а кыбаарталларга «Эргэ куорат-2» история-култуура бырайыагын олоххо киллэрэргэ кэккэ сорудахтары биэрдэ. 11,91 гектар иэннээх сиргэ 2032 саҥа архитектура-култуура киинэ оҥоһуллуохтаах. Манна 80 кэриҥэ эргэ дьиэни чөлүгэр түһэриэхтэрэ, икки элбэх кыбартыыралаах дьиэни, 250 миэстэлээх уһуйааны тутуохтара, 5 уулуссаны өрөмүөннүөхтэрэ. Худуоһунньук Валериан Васильев дьиэтин көһөрөн аҕалан, акылаатын туппуттар, аны дьиэни быйыл чөлүгэр түһэриэхтэрэ.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Тохсунньуга өтөрүнэн буолбатах сылаас күннэр тураннар соһуттулар эрээри, кыһын тымныытын ыһыктыа эрдэ, ол да буоллар күммүт уһуура биллэн, күүс-уох эбэн, сэргэхситтин.

Афанасий Ноев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 января
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: