Салгыы
Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

06.12.2023, 13:00
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 27 күнэ. Ил Дархан идэлээх сойуус үлэһитин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Билигин Саха сиригэр идэлээх сойуустар федерациялара сүүһүнэн тыһыынча үлэһит киһи интэриэһин көмүскүүр, 2 683 алын сүһүөх тэрилтэлээх. Быйыл дойду идэлээх сойуустарыгар социальнай бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүү сыла. Ол хайысхатынан үлэ биэрээччилэри кытта бииргэ үлэлээһин күүһүрэр. Бу сылга идэлээх сойуустар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 125 мөл. 500 тыһ. солк. көмөнү хомуйан ыппыттар.

Сэтинньи 27 күнэ. Айсен Николаев нэдиэлэ саҕаланыытыгар ыытыллар былаанныыр мунньахха бырабыыталыстыбаҕа, Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатыгар соруктары туруорда. Өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ үлэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыны күүһүрдэргэ соруйда. «Удачнай» рудникка метан салгыҥҥа тарҕанан, быһылааҥҥа былдьаммыт шахтердар дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонугар кутурҕанын биллэрдэ, кинилэргэ тустаах көмө оҥоһуллуоҕа диэн эттэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ кэлэр 2024 сылы Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Ил Дархан сыл тэрээһиннэрин былаанын оҥорорго сорудахтаата. Дьадайыыны утары охсуһууга туһуламмыт аадырыстаах көмөнү оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ оҥорууну күүһүрдэргэ ыйда. Итиэннэ Өлүөнэ өрүһү туоруурга кыһыҥҥы суолу оҥоруу, социальнай эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии боппуруостарын көрдүлэр.

Сэтинньи 27 күнэ. Ил Дархан бэйэтин ыйаахтарынан кэккэ миниистиэристибэҕэ уонна сыана кэмитиэтигэр салайаачылары уонна кинилэр солбуйааччыларын анаата. Ол курдук, доруобуйа харыстабылын миниистиринэн Лена Афанасьева, үөрэх уонна билим миниистиринэн Нюргуна Соколова, солбуйааччытынан Иннокентий Афанасьев, сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн Николай Бочков, солбуйааччытынан Алла Булгытова, ОДьКХ уонна энергетика миниистирин бастакы солбуйааччытынан Аян Кириллин, үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччыларынан Наталья Черноусова уонна Иннокентий Коротких, экономика миниистирин солбуйааччытынан Диана Кубарова, үп миниистирин солбуйааччытынан Николай Старостин, бырамыысыланнас уонна геология миниистирин солбуйааччытынан Антон Андросов ананнылар.

Сэтинньи 27 күнэ. Айсен Николаев ТАСС агентство креативнай индустрия эйгэтигэр бастыҥнарга бириэмийэни туттарыыга аналлаах пресс-кэмпириэнсийэҕэ видеосибээс нөҥүө кытынна. Саха сирэ былырыын сыл бастыҥ креативнай эрэгийиэнин аатын сүкпүтэ буолбута. Ил Дархан кыайыыбыт биһигини инникигэ көҕүлүүр эрэ буолбатах, биһиги кыахпытыгар эрэли үөскэттэ, сөптөөх суолунан баран иһэрбитин чопчулаата диэн эттэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ креативнай индустрияҕа үлэлээччилэр ахсааннара биир сыл иһигэр 4,5% элбээбит. 2023 сыл Саха сирин, дойду креативнай индустриятыгар биир бастыҥ эрэгийиэнин быһыытынан судаарыстыба саамай үрдүк таһымыгар билиниитин сылынан буолбутун Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин креативнай индустриялар бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүүһүтүн кэннэ биэрбит сорудаҕар үс пуун Саха сиригэр анаммыта. Өрөспүүбүлүкэ уопутун атын эрэгийиэннэргэ тарҕатыахтара. Манна Уһук Илиҥҥэ соҕотох киинэ павильона тутуллуоҕа. Ил Дархан кэлэр 5 сылга ыйаахтарыттан биирдэстэрэ креативнай индустрия экэнэмиэкитигэр ананарын туһунан эттэ.

Сэтинньи 28 күнэ. Айсен Николаев Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар бэлэмнэнэн, Ил Түмэн уонна бырабыыталыстыба салалтатын кытта эрэгийиэн 2024 сыллааҕы бүддьүөтүн уонна 2025-2026 сс. былаанын боппуруостарын көрдүлэр. Бүддьүөт барыла сүрүннээн социальнай хайысхалаах уонна бары эйгэни хабар. Ил Дархан тыа сирин өйөөһүн хайысхатынан кэлэр сыллааҕы бүддьүөккэ уларытыыны киллэрэр туһунан быһаарыыны ылынна. 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 1 кг үүт субсидията 60 солкуобайтан 65 солкуобайга диэри, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо ынах сүөһү төбөтүгэр бэриллэр субсидия 37 тыһ. солкуобайтан 39 тыһ. солкуобайга диэри, Арктика улуустарыгар — 45 тыһ. солкуобайга диэри улаатыахтара. Саха ынаҕын харыстааһыҥҥа, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ, өрөспүүбүлүкэ оҥорон таһаарар тэрилтэлэрин экономическай туруктарын чэбдигирдии хайысхаларга үп көрдүлэр.

Сэтинньи 28 күнэ. Ил Дархан «Боотур» батальон «Злой» диэн позывнойдаах хамандыырын кытары көрүстэ. Батальон хамандыыра байыаннай дьайыыга Саха сириттэн сылдьар байыастар бойобуой соруктары толорууларын туһунан кэпсээтэ. Батальон аатыттан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махталын тириэртэ.

Сэтинньи 28 күнэ. Салгыы Айсен Николаев Таатта улууһугар үлэлээтэ. Ытык Күөлгэ 2025 сылга улууска буолуохтаах XXII-c «Манчаары оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыытта. Санаан көрдөххө, 2025 сыл ыраах курдук, ол эрээри үлэ барыта билигин саҕаланыахтаах диэн бэлиэтээтэ. Ытык Күөлгэ стадион уонна элбэх өҥөлөөх спортивнай комплекс тутуллуута саҕаламмыта. Уулуссалары асфаллааһын, култуура уонна үөрэх эбийиэктэрин өрөмүөннээһин, тупсаҕай эйгэни тэрийии, тупсарыы үлэлэрэ тиһигин быспакка ыытыллыахтааҕын туһунан этилиннэ.

Сэтинньи 28 күнэ. Ил Дархан Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутуллубут, 4 тыһ. кв.м. иэннээх саҥа, аныгы мэдиссиинэ тэрилинэн хааччыллыбыт поликлиника арыллыытыгар кытынна. Улуус олохтоохторун видеосибээс нөҥүө Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эҕэрдэлээтэ уонна дойдубут кыра куораттарыгар уонна бөһүөлэктэригэр дьон-сэргэ үрдүк таһымнаах аныгы мэдиссиинэ көмөтүн ылыахтаах диэн бэлиэтээтэ. Айсен Николаев биир кэмҥэ элбэх мэдиссиинэ эбийиэктэрэ өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар тутуллалларын уонна киин сирдэр балыыһаларыттан итэҕэһэ суохтарын бэлиэтээтэ. Саҥа поликлиникаҕа хас биирдии ыарыһахха сөптөөх, табыгастаах усулуобуйа тэриллибит. Манна бары салаалар, сулууспалар үлэлэрин саҕалаатылар.

Сэтинньи 29 күнэ. Айсен Николаев «Колмар» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Валерий Цивилевы кытта инвестиция бырайыактарын олоххо киллэрии, тэрилтэ социальнай көрдөрүүлэрин туһунан кэпсэттилэр. Хампаанньаҕа 6 566 киһи үлэлиир, онтон 1600-тэн тахса киһи быйыл үлэҕэ киирбит, онтон 10 ый иһигэр 800-тэн тахса киһи «Олохтоох каадыры — бырамыысыланнаска» бырагырааманан. Хампаанньа эдэр специалистары бэлэмнииргэ идэҕэ туһаайар бырайыагынан оскуола оҕолоруттан 10 талан Соҕуруу Саха сиринээҕи технологическэй колледжка тус сыаллаах үөрэтиигэ киллэрбит, истипиэндьийэ төлүүр. «Колмар» бу колледжка «Профессионалитет» федеральнай бырайыак чэрчитинэн үбүнэн көмөлөһөр, ону таһынан методическай көмө оҥорор.

 Сэтинньи 29 күнэ. Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ 2024 сыллааҕы уонна былааннаммыт 2025-2026 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан сокуона ылылынна. Сокуон барылын иккис ааҕыыга бэлэмнэнии хаамыытыгар  бырабыыталыстыба дьокутааттары кытта 600-тэн тахса көннөрүүнү көрдө.

Өрөспүүбүлүкэ 2024 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуота  302,6 млрд солк.,  ороскуоттуур чааһа 311,8 млрд солк. тэҥнэстэ. Бүддьүөккэ улахан болҕомто тыа сиригэр уурулунна. Ил Дархан сорудаҕынан тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ороскуот ыстатыйата 500 мөл. солк. эбилиннэ. Ити быһаарыыны өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттара өйөөтүлэр.  Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 2024 сылга барыта 14 млрд 933 мөл. солк. көрүлүннэ.

Итиэннэ Айсен Николаев көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын туһунан сокуоҥҥа уларытыы киирдэ. Тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата 300 тыһ. солк. диэри улаатыаҕа. Бу иннинэ төлөбүр суумата 151 690 солк. этэ.

Ил Дархан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кэтэх хаһаайыстыбаны туталларыгар уонна дьиэ тутталларыгар анаан сир учаастагын биэрии туһунан көҕүлээһинин норуот дьокутааттара өйөөтүлэр. Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ Сирин кодексатыгар уларытыылары киллэрэр туһунан сокуону ылыннылар.

Сэтинньи 29 күнэ. Айсен Николаев «Барҕарыы» Национальнай фонда бу сылга төрөөбүт тыллары үөрэтиигэ уонна тарҕатыыга ыыппыт сырдатар үлэтин көрдө. Фонда дириэктэрэ Афанасий Постников отчуотугар эппитинэн, «Барҕарыы» Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах култуура-үөрэх форумун тэрийсибит. Өрөспүүбүлүкэ бары өттүттэн 1500-тэн тахса оҕо кыттыбыт. «Чохоон» оҕо ханаалын редакциятын кытта «Саҥарар саха тылын алфавита» интерактивнай былакааты оҥорбуттар, уһуйааннарга барытыгар бэлэхтииллэр. Саха уонна төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларынан оҕолор видеороликтарын куонкуруһун ыыппыттар. Уопсастыбаннай тэрилтэлэр ыытар тэрээһиннэрин өйүүллэр. Холобур, «Күөрэгэй» төрөөбүт тылга ананар дьиэ-кэргэн фестивалыгар 1,5 тыһ. тахса киһи кыттыбыт. «Арктика инникитэ» төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ ахсынньы 9 күнүттэн саҕаланар Икки нэдиэлэ 60-ча кыттар оҕо Дьокуускайга «Бэс чагда» кииҥҥэ сынньаныахтара, доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрэ. Ил Дархан кэлэр сылга оҕоҕо, ыччакка эрэ буолбатах, улахан дьоҥҥо туһуламмыт тэрээһиннэр ис хоһоонноругар улахан болҕомтону уурарга ыйда.

Сэтинньи 30 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сирин олохтоохторун Хомус күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Бастыҥ хомусчуттарбыт бэриниилээх үлэлэрин түмүгэр биһиги хомуспут Арассыыйаҕа, аан дойдуга биһирэнэр. 2024 сылтан Олоҥхо ыһыаҕар туспа «Хомус түһүлгэтэ» тэриллэр буолуоҕа.  Саха сиригэр хомусчуттары уонна хомус уустарын өйөөһүҥҥэ болҕомто ууруллар. Бу дьикти оҥоһугу уһааран, аан дойдуга бэлэхтиир уустарга анаан Ил Дархан туспа стипендиялары аныыр.  Норуот маастара Реворий Чемчоев-Чөмчөө Уус оҥорбут хомуһун Арассыыйа Дьоруойа Олег  Кононенко космос куйаарыгар тыаһаппыта. Оҕолорбут хомуска үчүгэйдик оонньууллара барыбытын үөрдэр, ол иһин хомус кэлэр көлүөнэ сахаларга дьүрүһүйүө диэн эрэллээхпит.  Тапталлаах Сахабыт сирин сайдыытын алҕаан, хомуспут тыаһа мэлдьи дьиэрэйдин!» – диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.

Сэтинньи 30 күнэ. Арассыыйа Монополияны хааччахтыыр федеральнай сулууспатын салайааччытын солбуйааччыта Нелли Галимханова Айсен Николаевка сулууспа Саха сиринээҕи управлениетын саҥа анаммыт салайааччыта Иннокентий Лаврентьевы билиһиннэрдэ. Туһааннаах биэдимэстибэҕэ Иннокентий Лаврентьев 2012 сылтан үлэлиир. Ааспыт сылтан управление салайааччытыны эбээһинэһин толорбута. Айсен Николаев этэринэн, монополияны хааччахтыыр сулууспа бырабыыталыстыбаны кытта үлэлэһэр биир тутаах уорган буоларынан, Иннокентий Анатольевич курдук уопуттаах киһи туруоруллубут соруктары көдьүүстээхтик быһаарыаҕа, эрэгийиэҥҥэ күрэстэһиини сайыннарыаҕа. Көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай сакаас, управление тарыыбы олохтооһуну хонтуруоллуур боломуочуйатын туһунан боппуруостары көрдүлэр.

 Сэтинньи 30 күнэ. Саха сирэ уонна Казахстан бииргэ үлэлиир хайысхаларын кэҥэтиэхтэрэ. Атыы-экэнэмиичэскэй уонна гуманитарнай хайысхаларга бииргэ үлэлээһин туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уонна  Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Арассыыйаҕа суһал уонна боломуочуйалаах посола Даурен Абаев көрсөн кэпсэттилэр.

«Саха сирэ Казахстаны кытта бииргэ үлэлээһинэ тэтимирэр. Бу сылга ордук биисинэс уонна бииргэ үлэлээһин хайысхатыгар үлэни кэҥэтии күүскэ ыытылынна», — диэн  Айсен Николаев эттэ. Санатар буоллахха, 2023 сыл 9 ыйынааҕы түмүгүнэн Саха сирэ Казахстаны кытта табаары эргитиитэ 118,6 мөл. долларга тэҥнэспит. Ааспыт сылга ити көрдөрүү 80 мөл. солк эбит. Сыл саҥатыттан Саха сирэ уонна Казахстан ИТ-өҥөтүгэр, ювелирнай уонна чэпчэки бырамыысалыннаска ылсан үлэлэһэллэр. ИТ-биисинэскэ чопчу бырайыактары сайыннарыыга интэриэстээхпит. Уһук Илиннээҕи стартап-эспэдииссийэ, Арктикатааҕы стартап-эспэдииссийэ, «ИТ – мин идэм» курдук федеральнай куонкурустары Казахстаҥҥа тарҕатыыга биһиги хамаандаларбытын кытта үлэлиэхпитин сөп», – диэтэ баһылык.

Кэпсэтии кэмигэр 2024 сыл муус устарга Саха сирин күннэрин Казахстаҥҥа тэрийиини таарыйдылар. Айсен Сергеевич Даурен Абаевы Ыһыахха уонна «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттыыны ыларыгар ыҥырда. Посол Казахстан сүүмэрдэммит хамаандата 1996 сылтан  спортивнай оонньууларга өрүү ситиһиилээхтик кыттарын туһунан аҕынна.

Ахсынньы 1 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактарынан уонна тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматынан эбийиэктэри тутуу хаамыытын көрдүлэр. Айсен Николаев этэринэн, 2023 сылга Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан хаһан да көрүллүбэтэх элбэх үп – 70 млрд солк. тахса  көрүллүбүт. Ол түмүгэр 65 эбийиэк тутуллуохтаах, саҥардыллыахтаах, олортон 29 быйыл киирэр, ол иһигэр ахсынньыга.  Айсен Сергеевич тутуу болдьоҕун хаамыытын тэтимирдэри соруйда. Онкологическай киин быйылгы сыл бүтүөр диэри киириэхтээҕин чиҥэтэн эттэ. Суолу-ииһи оҥорууга 34 эбийиэккэ үлэ барда. Быйыл национальнай бырайыагынан барыта 655 тыһ. кв. м. олорор дьиэ киириэҕэ, билиҥҥитэ 74% туолан иһэр. Сыл бүтүөр диэри киин куорат «Буойунскай чаас» кыбаарталыгар элбэх кыбартыыралаах 7 дьиэ үлэҕэ киириэҕэ. Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа тутуллар эбийиэктэри күннэтэ хонтуруоллууругар сорудахтаата. Биэс сыл устата национальнай бырайыагынан 274 социальнай эбийиэк өрөспүүбүлүкэҕэ тутулунна, ол иһигэр 60 эбийиэк доруобуйа харыстабылыгар, 50 саҥа оскуола, 32 уһуйаан.

 Ахсынньы 1 күнэ. Ил Дархан Москваҕа «Национальнай доруобуйа харыстабыла» диэн национальнай кэнгириэскэ кыттыыны ылла. Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко киирии тылыгар Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үтүө хамсааһын барарын, ол түмүктэрин дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ытык Күөлгэ поликлиника аһыллыытыгар видеосибээс нөҥүө бэлиэтээбитин эттэ.

«Национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын инфраструктуратыгар биллэр уларыйыы тахсар, Уһук Илиҥҥэ суох улахан Перинатальнай уонна Кардиологическай кииннэр киирдилэр. Бу сыл бүтүүтэ Онкологическай киин аһыллыаҕа. Кэлиҥҥи биэс сылга 65 амбулатория, ФАП үлэҕэ киирдэ, билигин тэҥинэн 14 саҥа эбийиэк тутулла турар. Ытык Күөлгэ курдук аҕыйах сыллааҕыта тыа сиригэр 4 тыһ. кв. м. иэннээх, аныгы тэрилинэн, ол иһигэр компьютернай томограбынан толору хааччылыбыт поликлиника баар буолуо диэн санаабат этибит. Бу курдук хамсааһын барыыта дьон олоҕун хаачыстыбатыгар дьайар, орто саас 73,5 буолла, ахсааммыт мөлүйүөн киһини аһарда. Оҕо төрөөһүнүнэн дойдуга 7-с миэстэҕэ сылдьабыт», -– диэн Айсен Сергеевич  иһитиннэрдэ.

Ахсынньы 3 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев аан бастаан бэлиэтэнэр Саха сирин норуоттарын култуураларын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ   өрөспүүбүлүкэҕэ 135 омук бэрэстэбиитэлэ иллээхтик олорор. Бу күн биһиги хас биирдии норуот уратытын  бэлиэтиибит. Төрүт үгэстэри, култууралары харыстыырга уонна тарҕатарга утумнаах үлэ ыытыллар. Кэлиҥҥи биэс сылга национальнай-култуурунай түмсүү ахсаана лаппа эбилиннэ, 2018 сыллаахха 230 буоллаҕына, билигин 500-тэн тахсар. Омуктар икки ардыларыгар сыһыаны бөҕөргөтүүгэ Саха сирин норуоттарын ассамблеята кылатын киллэрэр.

 Ахсынньы 3 күнэ. Эрэгийиэн салайааччыта бу күн Мииринэйгэ үлэлээтэ, улуустааҕы балыыһа поликлиникатыгар сырытта, кэллэктииби кытта көрүстэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ оройуон уонна АЛРОСА хампаанньа бииргэ үлэлэһэннэр, медиктэри үлэҕэ тардыыга болҕомто ууруллар, анал бырагыраамалар олоххо киирэллэр. Быйыл эбии 14 быраас, 11 медсиэстэрэ үлэлии кэллэ.  Ил Дархан сорудаҕынан поликлиника уонна төрүүр салаа өрөмүөнүгэр бырабыыталыстыба үп көрүөҕэ. Мииринэй доруобуйатын харыстыбалыгар өйөбүл баар буолуоҕа.

Салгыы Ил Дархан 1 №-дээх орто оскуола иккис куорпуһун  тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Тутуу иэнэ 878 кв. м. Бүгүҥҥү туругунан дьиэ таһын оҥороллор, баһаарынай кирилиэһи тутууга үлэ ыытыллар. Эбийиэк Мииринэй оройуонун уонна СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын икки ардыларыгар сөбүлэһии быһыытынан ыытыллар. 1 №-дээх оскуолаҕа 895  оҕо үөрэнэр. «Сыл бастакы аҥаарыгар оскуола иккис куорпуһа тутуллуохтаах. Манна үөрэнэр сири таһынан, остолобуой, аактабай уонна успуорт саалалара баар буолуохтара. Үөрэнэргэ, үлэлииргэ усулуобуйа тупсуута үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр төһүү буолуоҕа», — диэн Айсен Николаев чопчулаата.

Аҕа баһылык Мииринэй куоракка аэропорт саҥа комплексын тутуутун хаамыытын көрдө. Эбийиэк бэлэмэ – 60%. Билигин көтөр-түһэр балаһаҕа цемент-бетон сабыытын оҥоруу, перрону, уу барар тиһигин, кабеллар ситимнэрин, канализацияны тупсарыы үлэлэрэ  ситэриллэллэр. Тутууга 49 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир. Айсен Николаев бэдэрээччиттэргэ уонна  үлэни сүрүннүүр тэрилтэлэргэ саҥа тутууну 2024 сылга бигэргэммит болдьоҕор түмүктүүр соругу туруорда.

«Мииринэй куоракка аэропорду тутуу боппуруоһа  Саха сирин тырааныспарын тиһигэр улахан суолталаах. Саҥардыы үлэтэ ыытыллар атын аэропортартан уратыта диэн, Мииринэйгэ аэропорт уонна  көтөр-түһэр балаһа олох  саҥаттан оҥоһуллар.  Бырайыак федеральнай бүддьүөт уонна «АЛРОСА» хампаанньа үбүлээһининэн олоххо киирэр. Генеральнай бэдэрээччити, сакаасчыттары, Арассыыйа Тырааныспарка министиэристибэтин  кытары  ыкса  үлэлиибит. Бу соругу толорорбутугар эрэллээхпин», — диэтэ эрэгийиэн салайааччыта.

Ил Дархана Мииринэйгэ сырыытыгар Онуфриевтар дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаата. Биллэрин курдук, бэс ыйын 23 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин  күүтүүлээх мөлүйүөн ахсааҥҥа тириэрдээччи  Онуфриевтар дьиэ кэргэҥҥэ кырачаан Саина төрөөбүтэ.  Кыысчаан 4 кг 100 г ыйааһыннааҕа уонна 56 см уһуннааҕа. Билигин кини 5 ыйын туолбут. Саина Гаврил уонна Арина Онуфриевтар иккис оҕолоро буолар.

«Кырачааммыт улааппыт, барыбытын мичээринэн сэргэхситэр, үөрдэр. Киниэхэ кытаанах доруобуйаны, дьоллоох оҕо сааһы баҕардым. Саинаҕа АГИКИ маастардара оҥорбут күн быһыылаах харысхалы бэлэхтээтим. Бу харысхал кинини харыстаатын, дьолу, үтүөнү аҕаллын!» — диэн Ил Дархан үллэһиннэ.

Аҕа баһылык дьиэлээхтэри кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ уонна кыра кыыс ийэтигэр Аринаҕа, аҕатыгар Гаврилга, эдьиийигэр Валерияҕа дьолу, нус-хас олоҕу, үтүө санааны баҕарда.

«Саха сиригэр мөлүйүөн ахсааны ситиһии – өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһуннаах бэлиэ. Бу Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев дьиэ кэргэни, ийэни уонна оҕо аймаҕы харыстааһыҥҥа саҕалаабыт үлэтин түмүгэ. Бу хайысханы биһиги күүскэ өйүүбүт. Демографияҕа  өрөспүүбүлүкэ  бэйэтин көрдөрүүтүн куруук тупсарар. Эһиил, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар, оҕо аймах ахсаана өссө элбииригэр саҥа быһаарыылар федеральнай таһымҥа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ элбиэхтэригэр эрэнэбин», — диэтэ Айсен Николаев.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Ахсынньы ыйга үктэнээппитин кытта, кыһыммыт аргыарын биллэрдэ, лаппа тымныы күннэр үүннүлэр, онон бэйэни көрүнэн, харыстанан, этэҥҥэ сылдьыахха.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: