Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ
Ахсынньы 18 күнэ. Айсен Николаев «Хотугу сир: туруктаах сайдыы территорията» научнай-үөрэтэр киин уонна «ГЛОНАСС» АУо икки ардыларыгар саҥа бырайыагы олоххо киллэрии туһунан сөбүлэһии түһэрсиигэ кытынна. «ЭРА-ГЛОНАСС» судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһиккэ олоҕурбут, суотабай сибээһи туттубакка эрэ, тырааныспары кэтээн көрүү уонна суһал түгэннэргэ биллэрии сервиһэ хайдах үлэлиирин бастакынан Саха сиригэр боруобалаан көрүөхтэрэ. Навигация кэмигэр кыра кыамталаах суудуналары, кыһыҥҥы суолларга дьону тиэйиини кэтээн көрүөхтэрэ. Ил Дархан бырайыак быйыл бэс ыйыгар Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа ситиһиллибит дуогабардар чэрчилэринэн салгыы үлэлээһин буоларын бэлиэтээтэ. Дойдуга оҥоһуллубут технологиялары олоххо киллэрии өрөспүүбүлүкэҕэ сыыппараҕа көһүү саҥа түһүмэҕинэн буолар диэн эттэ.
Ахсынньы 19 күнэ. Ил Дархан Москваҕа дойду айылҕа ресурсаларын, экологиятын миниистирэ Александр Козловы кытта быйыл сайын тыа баһаардарын бохсууга үлэ түмүктэрин, сир баайын чинчийиигэ бырагырааманы көрдүлэр. Эрдэттэн үлэ-хамнас ыытыллан, харыстанар сирдэр иэннэрин кэҥэтэн, баһаар үөскүүр төрүөттэрин утары үлэ ситиһиилээх буолан, баһаар ахсаана аҕыйаабытын, тустаах сулууспалар суһаллык үлэлээбиттэрин бэлиэтээтилэр. Саха сирэ бэйэтэ ылыммыт, ардаҕы аҕалар зондировщик сөмөлүөтэ үлэлээбитэ, баһаар тарҕанарын бохсорго көдьүүстээх буолбутун туһунан этилиннэ.
Ахсынньы 20 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа уонна Саха сирин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылыгар хас биирдии олохтоох киһи бэйэтин үлэтинэн төрөөбүт дойдутун ситиһиитин үксэппитин бэлиэтээтэ. Саха сирин үрдүкү наҕараадатынан — «Хотугу сулус» уордьанынан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх юриһа Василий Колмогоров бэлиэтэннэ. «Хорсунун иһин» мэтээл II истиэпэнинэн «Боотур» доброволецтар этэрээттэрин «Барс-2» батальонун аҕыс байыаһа наҕараадаланна.
Ахсынньы 21 күнэ. Айсен Николаев «Транснефть – Восток» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Денис Чеплянскайы кытта 2023 сыл түмүктэрин көрдүлэр. Хампаанньа быйылгы соруктарын толорбут, нолуокка эбэһээтэлистибэлэрин толору төлүүр. Ону таһынан бу сылга хампаанньа Ленскэй улууһун кииннэммит балыыһатын өрөмүөнүн ситэрэргэ, мэдиссиинэ саҥа тэрилин ыларга, Ленскэйгэ оҕо былаһааккатын оҥорорго, табаһыттар аан дойдутааҕы чемпионаттарын ыытарга, суол суоҕар Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ, Куду Күөл, Бэс Күөл сэлиэнньэлэригэр бородууктаны вертолетунан тиэрдиини тэрийэргэ көмөлөспүт. Тэрилтэҕэ 2700 тахса киһи үлэлиириттэн үгүс өттө олохтоохтор. Ленскэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ анал орто уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннара быраактыка бараллар, выпускниктарын үлэҕэ ылаллар.
Ахсынньы 21 күнэ. Ил Дархан Ленскэй улууһугар баһылыгынан саҥа талыллыбыт Александр Черепановы кытта көрсөн, быыбарга кыайбытынан эҕэрдэлээтэ уонна улуус сайдыытыгар соруктары туруорда. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ уонна муниципалитет бүддьүөттэригэр нолуок киириитин улаатыннарыыга үлэлэһэргэ эттэ. Итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын өйүүргэ ыйда.
Ахсынньы 21 күнэ. Айсен Николаев «Көр, бу Арассыыйа!» диэн оскуола оҕолорун ортолоругар ыытыллыбыт бастыҥ видео-аккырыыккаҕа Бүтүн Арассыйатааҕы куонкурус түмүгүн таһаарыыга кытынна. Быйыл дойду бары 89 эрэгийиэниттэн 33 125 оҕо уонна настаабынньык кытынна. Барыта 2 460 ролигы ыыппыттар. Бу төрдүс төгүлүн ыытыллар, Саха сирин оҕолоро көҕүлээбит куонкурустара сыллата сайдан, кэҥээн иһэрэ, бары эрэгийиэннэр оҕолоро алтыһар, эрэгийиэннэр туһунан саҥаны билэр түһүлгэлэринэн буолбута үөрүүлээх диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Быйыл дойдуга педагог уонна настаабынньык сылыгар Айсен Николаев «Эрэгийиэннэр икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны олохтооһун иһин» диэн хамаанда настаабынньыктарыгар саҥа номинацияны олохтообута. Кыайыылааҕынан Свердловскай, Иркутскай, Сахалин уобаластарын уонна Башкортостан бэрэстэбиитэллэрэ буоллулар. Ити хамаандалар дойду саҥа эрэгийиэннэрин оҕолоругар саҥа дьылга бэлэх хомуйан, ыыппыттар. Ил Дархан маннык көҕүлээһин куонкурус саҥа үгэһинэн буоларыгар баҕа санаатын эттэ.
Ахсынньы 22 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйаҕа энэргиэтик күнүнэн салаа үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтэ. Аныгы көлүөнэ энэргиэтиктэр кинилэр иннилэригэр үлэлээбит көлүөнэлэр үтүө үгэстэрин салҕаан, аныгы технологиялары олоххо киллэрэн, эбийиэктэри саҥардан, стратегическай соруктары чиэстээхтик толороллорун бэлиэтээтэ. Уопсай сыранан бары туруоруллубут соруктары быһаарыыны ситиһиэхпит диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.
Ахсынньы 22 күнэ. Ил Дархан Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитигэр ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарда уонна саҥа соруктары туруорда. Кэлэр 2024 сылы Оҕо саас сылынан биллэрэрин туһунан иһитиннэрдэ. Оҕо үөрэххэ үрдүк таһымнаах ситиһиилэнэрин туһугар оскуола үөрэнээччилэригэр ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада кыайыылаахтарыгар 500 тыһ. солк. уонна призердарыгар 100 тыһ. солк. бириэмийэни аныырын туһунан эттэ. Айсен Николаев үрдүкү кылааска үөрэнэр баҕалаах оҕолору идэҕэ бэлэмнээһиҥҥэ 20 тыһ. солк. суумалаах үөрэх сэртипикээттэрин улуустары кытта олохтооһуну тэрийэргэ бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрдэ. Ону тэҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ирдэнэр идэни баһылыан баҕалаах элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар орто анал үөрэххэ үөрэнэллэрин толуйалларыгар 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри олохтуурга ыйда. Оҕо дьарыктаах буолуутун хааччыйарга «Мин бастакы хамнаһым» бырайыагы социальнай хантараак мэхэньиисимин нөҥүө кэлэр сыл бэс ыйын 1 күнүттэн олоххо киллэрэргэ эттэ.
Эһиил дистанционнай технологияны туһанар үөрэх киинэ аһыллан, ханнык баҕарар улуус оҕолоро үрдүк квалификациялаах педагогтар көмөлөрүнэн билиилэрин хаачыстыбатын үрдэтэр кыахтаныахтара. Олохтоох аһы-үөлү уһуйаан уонна оскуола остолобуойугар киллэрэргэ сорудахтаата. Оҕолорго анаммыт Саха сирин устун 20-тэн итэҕэһэ суох сертификаттаах туризм хайысхатын тэрийиэхтэрэ. 2024 сылга сылы быһа үлэлиир «Хотугу сулус» оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ Дьокуускайга уонна Оҕо дыбарыаһа Мииринэйгэ үлэҕэ киириэхтэрэ. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан эһиил Дьокуускайга Муусука Үрдүкү оскуолатын саҥа комплексын тутуу саҕаланыаҕа. Айсен Николаев «Пушкин каартатыгар» майгынныыр анал каартаны Саха сиригэр олорор оҕолорго оҥорорго соруйда. Бу каарта көмөтүнэн 7-13 саастаах оҕолор култуурунай тэрээһиннэргэ, успуорт секцияларыгар, үөрэх бырагыраамаларыгар туһаныахтара. «Саха» НКИХ оҕолорго аналлаах саҥа телеканал аһыллыаҕа. Сыл биир сүрүн тэрээһининэн Дьокуускайга «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар буолуохтара. Ил Дархан Анал этиитин: «Бары бииргэ – кэскилгэ!» – диэн тылларынан түмүктээтэ.
Ахсынньы 22 күнэ. Ил Дархан «АЛРОСА» хампаанньа 2023 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин барыллаан түмүгүн уонна инники былаанын көрдө. Алмааһы хостооһун былаана 100% туолбут. Уопсайа 34,6 мөл. карат хостоммут. Айсен Николаев хампаанньа салалтатыгар уонна кэлэктиибигэр уустук сылга ситиһиилээхтик үлэлээн, сүрүн көрдөрүүлэр былааннарын толорбуттарын иһин махтанна. Кэлэр сылга санкциялары аахсыбакка, «АЛРОСА» социальнай хайысхалаах үлэтин салгыырыгар эттэ.
Ахсынньы 22 күнэ. Ил Дархан «Сахатранснефтегаз» хампаанньа тэриллибитэ 20 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ кытынна. Быйыл 2,8 тыһ. кэриҥэ дьиэҕэ күөх төлөн киирэн, социальнай гаастааһын былаанын аһары толорбуттар. Айсен Николаев Саха сиригэр 2030 сылга диэри 15 тыһ. дьиэни гаас утаҕар холбуур былаан туолуоҕа диэн бэлиэтээтэ. Билигин «Газпром» хампаанньаны кытта өрөспүүбүлүкэ соҕуруу уонна арҕаа өттүн гаастааһыҥҥа далааһыннаах үлэ саҕаланна. 2028 сылга диэри 30-тан тахса нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас киириэҕэ. 84 км усталаах «Кыһыл Сыыр – Мастаах» гаас ситимин тутуута бүтэн эрэр. Оччоҕо Саха сирин киин өттүн гааһынан хааччыйыы тупсуоҕа. Накыын хостонор баайдаах сирин гаастааһын бырайыагын олоххо киллэрии саҕаланна.
Ахсынньы 22 күнэ. Айсен Николаев Уһук Илиҥҥи сир баайын туһаныы пуорумун чэрчитинэн салаа тутаах боппуруостарыгар мунньах ыытта. Экэниэмикэни сайыннарыы сүрүн төрдүнэн минерально-сырьевой база буоларын туһунан эттэ. Саха сиригэр сир баайын хостооһун валовай бородууксуйа 60%-нын ылар. Кэнники сылларга геологоразведкаҕа 50 млрд солк. тахса үп көрүллүбүт. Ол эрээри геологическэй чинчийии өттүнэн намыһах көрдөрүүлээх — эрэгийиэн сирин-уотун 12,6%-на эрэ чинчиллибит, бу дойдуга орто көрдөрүүттэн икки төгүл намыһах. Ил Дархан кулун тутарга дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа Саха сирин минеральнай-сырьевой базатын улаатыннарыыга пилотнай регион быһыытынан бигэргэтэргэ уонна үбүлээһини элбэтэргэ этии киллэрбитин өйөөбүттэрин туһунан бэлиэтээтэ.
Ахсынньы 22 күнэ. Ил Дархан Уһун Илиҥҥэ сир баайын туһанааччылар бастакы пуорумнарын пленарнай мунньаҕар кытынна. Тэрээһиҥҥэ Уһук Илин уокуругуттан 200-тэн тахса салайааччы уонна кылаабынай геологтар, эспиэрдэр кытыннылар. Айсен Николаев дойду сир баайын туһаныыга федеральнай агенствотыгар пуоруму Дьокуускайга ыытарга быһаарбытын иһин махтанна. Арассыыйа минеральнай-сырьевой базатын тэтимнээх сайдыыта Саха сириттэн саҕаланарынан күүстээх үлэҕэ бэлэммит диэн эттэ. 2033 сылга диэри ыытыллыахтаах геологическай-чинчийэр үлэ эбийиэктэрэ быһаарылыннылар. Барыта 143 млрд солк. үп көрүллүөхтээх, онтон бастакы түһүмэххэ 34 млрд солк. геологическай-чинчийэр үлэ үбүлээһинэ «Геология: номоҕу сөргүтүү» федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыаҕа. Саха сиригэр геологическай чинчийии түмүгүнэн, экэниэмикэҕэ дьайыыта улахан буолуоҕа. Аҥардас нолуоктан 1 трлн солк., инвестицияттан 2 трлн солк. киириэҕэ, 13 тыһ. үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.
Ахсынньы 23 күнэ. Айсен Николаев Нерюнгри улууһугар үлэлээтэ. Чульман аэропортугар вокзал аһыллыытыгар кытынна. Эргэ 1987 сыллаах тутуу 100 киһини биир кэмҥэ аһардар эбит буоллаҕына, саҥа дьиэ 300 киһини аһардар кыамталаах. Дойду Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Магистральнай инфраструктураны кэҥэтии уонна саҥардыы биир кэлим былаана» национальнай бырайак чэрчитинэн, Росавиация сакааһынан «СтройДорСервис» хампаанньа туппут. Эбийиэк 9 тыһ. кв. м. иэннээх, бастакы этээскэ регистрация стойкалара, хонтуруол пууннара, таһаҕаһы харайыы камералара, дьаһалта хосторо бааллар. Иккис этээскэ остолобуой, ийэ-оҕо хоһо уонна техническэй хостор бааллар. Аэропорт сиригэр-уотугар аварийнай-быыһыыр ыстаансыйа, хонтуруолунай пуун, ыскылаат бааллар. Саҥандан оҥорууга 9,8 млрд солк көрүллүбүтэ.
Иенгра сэлиэнньэтигэр Ил Дархан Татьяна Юдинцеваҕа «Дьоруой ийэ» уордьанын туттарда. Бу үрдүк ааты 14 оҕо ийэтэ Татьяна Юдинцеваҕа иҥэрэр туһунан дойду Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин ыйааҕа 2023 сыл алтынньытыгар тахсыбыта. Татьяна Юдинцева Г.М.Василевич аатынан оскуола-интэринээккэ таҥаһы-сабы дьаһайар хаһаайыстыба сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, бастыҥ уопсастыбанньык. Юдинцевтэр оҕолоро оскуола, нэһилиэк тэрээһиннэригэр кытталлар, эрэгийиэннээҕи, Арассыыйатааҕы олимпиадалар кыайыылаахтара буолаллар, бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр. Муусука үстүрүмүөннэригэр оонньууллар, успуордунан дьарыктаналлар.
Нерюнгрига Айсен Николаев художественнай гимнастикаҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионатын кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна ситиһиилэрии баҕарда. Билигин Нерюнгрига успуорт бу көрүҥүнэн 1200-тэн тахса оҕо дьарыктанар. Куоракка аан маҥнай ыытыллар эрэгийиэҥҥэ бастыыр иһин күрэхтэһиигэ 180 кыттааччы Саха сирин араас улуустарыттан уонна Дьокуускайтан кэлбиттэр.
Айсен Николаев Нерюнгрига байыаннай дьайыы кыттыылааҕын, ааспыт сыл күһүнүгэр мобилизациянан ыҥырыллыбыт Александр Николаев дьиэ кэргэнигэр сырытта. Быйыл атырдьах ыйыгар Ил Дархан байыас дьонун эмиэ көрсүбүтэ. Айсен Николаев этиитинэн дьиэлэрин өрөмүөннээбиттэрэ. Байыас кэргэнэ Наталья оҕолор саҥардыллыбыт дьиэҕэ киирэн үөрбүттэрин, бары тустаах өйөбүл миэрэлэрин уонна төлөбүрдэрин ыла олороллорун туһунан кэпсээтэ.
Ахсынньы 24 күнэ. Саҥа Дьыллааҕы Ил Дархан Харыйатыгар, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан уонна куораттааҕы уокуруктартан 700 үөрэнээччи кытынна. Айсен Николаев оҕолорго туһаайан: «Эһиги ситиһиилэннэххитинэ, арыйыылары оҥордоххутуна тэҥҥэ үөрэбит», — диэн бэлиэтээтэ. 2024 сылы Оҕо саас сылынан биллэрбитин санатта. Оҕо аймаҕы өйүүр, сайыннарар уонна көмүскүүр туһугар үгүс тэрээһин олоххо киириэҕэ. Ил Дархан үөрэххэ, успуорка, уопсастыбаннай үлэҕэ ситиһиилээх, билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэрин хас да төгүллээх кыайыылаахтарыгар, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадалар призердарыгар — уон бастыҥ үөрэнээччигэ анал истипиэндьийэлэри туттарда.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Сылбыт бүтэрэ аҕыйах хонук хаалла, бу кэмҥэ ситиһиэхтээҕи ситэрэн, туолуохтааҕы толорон, Саҥа Дьылы чугас дьоммутун кытта бииргэ түмсэн, инникигэ сырдык ыралаах көрсүөҕүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: