От ыйын 31 күнэ. Ил Дархан уонна «Севергрупп» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Мордашов Өлүөхүмэҕэ бииргэ үлэлээһин меморандумугар илии баттаатылар. Маны таһынан «Севергрупп» хампаанньаҕа киирсэр «Нордголд» уонна СӨ бырабыыталыстыбата икки өрүттээх сөбүлэҥи түһэристилэр. Аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар олорор түөлбэлэригэр, чуолаан Тээнэҕэ, Чапаевоҕа, Саҥыйахтаахха, Өлүөхүмэ куоратыгар оскуолалар уонна оскуола-уһуйааннар «Нордголд» өйөбүлүнэн тутуллуохтара. Чугастааҕы 10 сыл устата хампаанньаттан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 100 млрд солк. нолуок киириэҕэ. Олохтоох дьонтон каадырдары бэлэмниэхтэрэ, устудьуоннар уонна эдэр исписэлиистэр практика баралларыгар үлэ миэстэтин көрүөхтэрэ.
Айсен Николаев уонна Алексей Мордашов Өлүөхүмэ улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ылыллыбыт сөбүлэһиилэр чэрчилэринэн улууска экологическай уонна инфраструктурнай бырайыактар олоххо киириэхтэрэ. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ анал үөрэхтээһин, култуура, успуорт уонна ускуустуба эйгэтигэр бырайыактарга көмө оҥоруоҕа.
Салгыы Ил Дархан Гросс рудникка «Нордголд» көмүһү хостуур хампаанньа үлэһиттэрин кытта көрсүһүүтүгэр хампаанньа үлэтин үрдүктүк сыаналыырын туһунан эттэ. Быйыл Саха сиригэр Үлэ сылыгар «Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ көхтөөхтүк кыттыыны ыларга ыҥырда.
От ыйын 31 күнэ. Айсен Николаев Нерюнгрига аэровокзал саҥа дьиэтин тутуу үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Аэропорт көтөр-түһэр балаһата икки сыллааҕыта саҥардыллыбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэ 93%-на бүппүт. Эбийиэккэ 180 киһи үлэлиир. 9 тыһ. кв. м. иэннээх баараҕай дьиэ сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэҕэ.
Атырдьах ыйын 1 күнэ. Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын кытта планернай мунньаҕар Айсен Николаев Уһук Илин орто анал үөрэх тэрилтэрэригэр аныгылыы мастарыскыайдары оҥорууга федеральнай бүддьүөттэн үп көрүллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ колледжтарын, техникумнарын бу бырагыраамаҕа кыттыыларын хааччыйарга сорудахтаата.
Атырдьах ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев Жатай бөһүөлэгэр социальнай суолталаах тутуулары көрдө. Орто оскуола дьиэтин тутууга үлэ болдьоҕуттан хаалыытын туоратарга сорудахтаата. Ил Дархан көҕүлээһининэн саҕаламмыт эбийиэги «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагын уонна 2023-2027 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэҕи сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн оҥоһуллар. Былаан быһыытынан сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. 5 тыһ. кэриҥэ кв. м. иэннээх үс этээстээх оскуолаҕа үөрэнэр кылаастары таһынан мэдиссиинэ, уйулҕа кэбиниэттэрэ, иистэнэр, уһанар мастарыскыайдар, аактабай, успуорт саалалара, остолобуой баар буолуохтара.
Жатайдааҕы судоверфь үлэһиттэрэ олоруохтаах 200 миэстэлээх сэттэ этээстээх 4,3 тыһ. кв. м. иэннээх уопсай дьиэ федеральнай үбүлээһининэн тутуллар. Тутуу хаамыытыгар саҥа график оҥоһуллубут. Балаҕан ыйыгар дьиэ каркааһын оҥоруохтаахтар. Айсен Николаев үлэһит ахсаанын элбэтэргэ ыйда.
Ил Дархан Жатайга «Инники туочуката» бөдөҥ үөрэхтээһин комплексын тутууну бэрэбиэркэлээтэ. Эбийиэги оҥорууну «Саҥа дьиэ» чааһынай аһымал пуонда үбүлүүр. Өрөспүүбүлүкэ историятыгар чааһынай пуонда үөрэхтээһин эйгэтигэр маннык улахан эбийиэги аан бастаан туттарар. Үлэ былаан быһыытынан барар. Баараҕай комплекс 2026 сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киириэ. Манна 200 миэстэлээх уһуйаан, 1-6 кылаастарга 360 миэстэлээх, 7-11 кылаастарга 480 миэстэлээх үөрэнэр куорпустар, бассейннаах, успуорт уонна гимнастика саалалардаах туспа блок, иитэр оҕолордоох ыаллар олорор дьиэлэрэ, учууталларга анааллаах элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ тутуллуоҕа.
Атырдьах ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев дойду Уопсастыбаннай палаататын «Сообщество» форумун пленарнай мунньаҕар кытынна. Тэрээһиҥҥэ Уһук Илинтэн бэрэстэбиитэллэр, дойду Уопсастыбаннай палаататын чилиэннэрэ, дьокутааттар, экспертэр уонна уопсастыбанньыктар, барыта тыһыынчаттан тахса киһи муһунна. Арассыыйа эрэгийиэннэригэр гражданскай уопсастыба сайдар хайысхаларын уонна социальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ уопуту, баар кыһалҕалары, ону тобулар суоллары дьүүллэһэллэр. Ил Дархан киирбит этиилэри ырытан баран, бастыҥнарын Саха сиригэр олоххо киллэриэхпит диэн бэлиэтээтэ.
Атырдьах ыйын 1 күнэ. Ил Дархан ыйааҕынан Россия Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын култуураларын, аныгы искусствоны сайыннарыыга уонна харыстааһыҥҥа сүҥкэн кылааты киллэрбитин иһин үрдүк үөрэх эйгэтигэр өр сыллаах көдьүүстээх үлэтин иһин модельер-худуоһунньук Августина Филиппованы Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Хотугу сулус» уордьанынан наҕараадалаата.
Атырдьах ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕар тыа баһаардарын кэтээн көрүүгэ пилота суох көтөр тэриллэри (БПЛА) туттуу бырайыагы олоххо киллэрэргэ сорудахтаата. Билигин көтөр ааллар сороҕор күн-дьыл туругуттан, былыт намыһаҕыттан сылтаан, кыайан патрульга тахсыбаттара тыа баһаарын умулларыыны бытаардарын туһунан эттэ. Пилота суох көтөр тэриллэри туттуу бүддьүөт ороскуотун кыччатыаҕа. Экспэримиэни Судаарыстыбаннай тырааныспар лизинг хампаанньата уонна Национальнай технология көҕүлээһиннэрин фондата тэрийбит «БАС» ХЭТ-ы кытта ыытыахтара. Итиэннэ Ил Дархан ойуур баһаарыттан кутталлаах кэмҥэ бастыҥ үлэни көрдөрбүт улуустары бэлиэтииргэ этиилэри киллэрэргэ сорудах биэрдэ.
Атырдьах ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускай куораттааҕы 3-с №-дээх балыыһаҕа аныгы технологияны киллэриини билсэн баран, искусственнай интеллект көмөтүнэн ыарыһахтары быраас иннинэ көрөр бырагырааманы оҥорорго сорудахтаата. Манна «Сайберия» хампаанньа эрдэ оҥорбут бырагырааматыгар олоҕуруохтара. Медсиэстэрэлэр уонна биэлсэрдэр эмтэнээччи доруобуйатын көрдөрүүлэрин бырагыраамааҕа киллэриэхтэрэ, онон оҥоһуллубут түмүгүнэн быраас диагноз туруоруо. 3-с №-дээх балыыһа поликлиниката «Сулустаах» саҥа микрорайоҥҥа тутуллуоҕа, 10 тыһ. кв. м. тахса иэннээх үс этээстээх эбийиэк аныгы технологияларынан, мэдиссиинэ тэрилинэн хааччыллыаҕа.
Атырдьах ыйын 2 күнэ. Ил Дархан Саха сирин волонтердарын бэстибээлигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр «Саха сирэ эйиигин кытта!», «Илии сылааһа», «Бойобуой шелкопрядтар» уопсастыбаннай хамсааһыннар волонтердарын наҕараадалаата. Түмсэн, биир санаанан салайтаран күргүөмнээх үлэни оҥороллорун, кыһамньыларын иһин махтанна.
Атырдьах ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев «Полюс Алдан» хампаанньа управляюшай дириэктэрэ Алексей Носковы кытта социальнай бырайыактары олоххо киллэриини ырытта. Тэрилтэ Аллараа Куранаахха специалистар куортамнаан олороллоругар икки элбэх кыбаптыыралаах дьиэни тутар. Итинник бырайыак Саха сиригэр аан маҥнай олоххо киирэр. Быйыл элбэх хайысхалаах успуорт былаһааккатын оҥорбуттар, балаҕан ыйыгар хоккей кортун үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
Атырдьах ыйын 3 күнэ. Ил Дархан Уус Маайа улууһугар үлэлээтэ.
«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутулла турар 45 сытар миэстэлээх, күҥҥэ 104 ыарыһаҕы көрөр кыамталаах балыыһаҕа үлэ хаамыытын көрдө. Эбийиэк бу сылга бүтүөхтээх, 2024 сыл тохсунньутугар ыарыһахтары көрүү саҕаланыахтаах. 3,5 тыһ. кэриҥэ мэдиссиинэ тэрилинэн хааччыллыахтаах. Ол иһигэр – компьютернай томограбынан, аныгы рентген аппараатынан. Манна кислород ыстаансыйата баар буолуоҕа, онтон палааталарга кислороду быһа тиксэриэхтэрэ.
Айсен Николаев хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан үлэ толоруллуутун бэрэбиэркэлээтэ. 2025 сылга диэри 500 кэриҥэ киһи саҥа дьиэлэниэхтээх. Ол курдук, Петропавловскайга 26-лыы кыбартыыралаах үстүү мэндиэмэннээх үс дьиэ тутуллуоҕа. Онтон биир дьиэ быйыл алтынньыга киириэхтээх. Үлэҕэ графиктан хаалыы суох. Улуус киинигэр Пушкин уулуссатыгар 51 кыбартыыралаах үс мэндиэмэннээх дьиэ тутуллубут. Айсен Николаев оҕо былаһааккатын уонна тиэргэннэри тупсарарга эттэ.
Ил Дархан Уус Маайаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал быһыыны-майгыны бохсууга уонна баһаартан куттала суох буолуутун хамыыһыйатын мунньаҕын видеосибээһинэн ыытта. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн турбут ойуур баһаардарын 70% бу улууска бэлиэтэнэр. Баһаар үксэ киһи тиийбэт, ыраах сытар сирдэргэ баарынан, авиация эрэ көмөтүнэн дьайыахха сөп. Айсен Николаев зондировщик-сөмөлүөттэр үлэлэрин тохтоппотторугар сорудахтаата.
Улуус киинигэр Албан аат болуоссатын уонна дьоҕус паарканы тупсаран оҥоруу хайдах ыытыллыбытын Ил Дархан бэрэбиэркэлээтэ. Манна үлэ «Аныгы куорат эйгэтин оҥоруу», «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» уонна олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн бырагыраамаларын чэрчитинэн ыытыллыбыт. Айсен Николаев дьоҕус пааркаҕа уотунан хааччыйыы уонна сырдатыы үлэтин ситэрэргэ ыйда.
Уус Маайа улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар Ил Дархан сүбэ мунньаҕы ыытта. Кэнники сылларга улуус бүддьүөтүн иэстэн босхолуурга өрөспүүбүлүкэ уонна муниципалитет былааһа бииргэ ыыппыт үлэтэ түмүктээх буолбутун туһунан эттэ. Бырамыысалыннаска улахан болҕомто ууруллара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Көмүс хостооһунун тэҥэ саҥа кэскиллээх хайысхалары, ол иһигэр углеводороды хостооһуну сайыннарарга «Сардаана» диэн сибиниэс-сыыҥка баар сирин туһаҕа таһаарыыны сөргүтэргэ ыйда.
Ил Дархан Уус Маайа улууһун баһылыга Александр Антипиҥҥа өрөспүүбүлүкэ таһымыгар Саха сирин соҕуруу өттүн гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ үлэлииргэ этии киллэрбитин туһунан иһитиннэрдэ. Гаастааһыҥҥа Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар муниципалитеттары кытта бииргэ үлэлииргэ судаарыстыбаннай, муниципальнай таһымҥа уопуттаах, былаас уорганнарын уонна улахан хампаанньалар кыһалҕаларын билэр, өйдүүр киһи наада диэн Айсен Николаев эттэ.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин кытта Ил Дархан көрүстэ. Ыал аҕа баһылыга ааспыт сыл балаҕан ыйыгар мобилизацияламмыт. Аҕата, ийэтэ — биэнсийэлээхтэр, кэргэнэ – мэдиссиинэ үлэһитэ, кыыстара – устудьуон, уоллара оскуолаҕа үөрэнэр. Эрэгийиэҥҥэ уонна улууска көрүллүбүт көмөнү ылбыттар. Айсен Николаев улуус, нэһилиэк дьаһалтатыгар дьиэлэрин киинтэн ититиигэ холбуурга сорудахтаата.
Атырдьах ыйын 4 күнэ. Ил Дархан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оробуочай сырыытын Аллараа Бэстээххэ тутулла турар Култуура киинин көрүүттэн саҕалаата. Эбийиэк 2024 сылга үлэҕэ киириэҕэ. Саха сиригэр «Култуура» национальнай бырайыагынан тутуллубут саамай улахан эбийиэгинэн буолуоҕа. Икки этээстээх 3 тыһ. тахса кв. м. кэриҥэ иэннээх дьиэҕэ 50 миэстэлээх киинэ саалата, 300 миэстэлээх саала, эрэпэтииссийэлиир уонна хореографическай хостор баар буолуохтара. Манна библиотека, Майатааҕы музыка оскуолатын филиала көһөн киириэхтэрэ.
Айсен Николаев Майа нэһилиэгэр тупсаран оҥоһуллубут Комсомол болуоссатын көрдө уонна Кыайыы монуменыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. 70-с сылларга тутуллубут монумены быйыл саҥардар, тупсарар былааннаахтар. Бырайыак экспертэр үрдүк сыанабылларын ылан, Уһук Илиҥҥи бырайыактар куонкурустарыгар кыайбыт.
Ил Дархан ыыппыт мунньаҕар олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, энергетика тэрилтэлэрэ кыстыкка киириилэрин боппуруостарын көрдүлэр. Бу күннэргэ Аллайыахаҕа ититиини биэрии саҕаланар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1 160 хочуолунай, 4 744 км ититии ситимэ, 1 531 км уу ситимэ, 762,5 км канализация ситимэ, ону таһынан 887 км уот ситимэ, 144 дизельнэй электростанция өрөмүөннэниэхтээх. Билигин былаан 70 %-на туолбут. Айсен Николаев тымныйа илигинэ, бэлэмнэнии үлэтин бүтэрэргэ сорудахтаата.
«Россети» ПАУо 220 кВ «Майа» уонна «Томмот» подстанциялары өрөмүөннүүргэ 2 млрд солкуобайы үбүлээбитэ. 140 специалист уонна 13 тиэхиньикэ кабельнай муфталары салгын температурата дьайыытыттан харыстыыр тутууну, сылытыллар кабель лотуоктарын оҥороллор. Үлэ алтынньы ортотугар түмүктэниэхтээх.
Атырдьах ыйын 5 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Ефимович Николаев олохтон туораата. Ил Дархан бүтүн Сахабыт сирэ бүгүн ыар сүтүктэннэ, биһиги норуоппут сүдү киһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ, ытыктабыллаах Михаил Ефимович Николаев бу олохтон туораата диэн иһитиннэрдэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ үс күннээх кутурҕаны биллэрдэ.
«Михаил Ефимович олоҕун устата тиһэх күнүгэр диэри норуотун интэриэһинэн олорбута, дьон-сэргэ тапталын, дириҥ ытыктабылын дьиҥ-чахчы ылбыт салайааччы буолар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын саҥа саҕахтарын арыйбыт, аныгы үйэҕэ сирдээн киллэрбит, бигэ тирэхтээх буоларбытыгар олук уурбут, барыбытын түмпүт уһулуччулаах бас-көс киһибитигэр норуот өрүү махталлаах буолуоҕа, кини дириҥ толкуйа, мындыр сүбэтэ, ырааҕы өтө көрүүтэ миэхэ өрүү күүс-көмө, өйөбүл буолара уонна олоҕум тухары инникигэ сирдиэҕэ», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Биһиги улуу киһибитин, саха саарынын, өрөспүүбүлүкэбит Бастакы бэрэсэдьиэнин Михаил Ефимович Николаевы тиһэх суолугар атаарабыт. Кини норуотун туһугар оҥорбут үтүөтэ хаһан да өлбөөдүйүө суоҕа, үйэлэргэ салҕаныаҕа!
Афанасий Ноев
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…