Ил Дархан нэдиэлэтэ: алтынньы 10-16 күннэрэ
Көмө түргэнник тиийиэхтээх
Сүрүн болҕомто
Алтынньы 10 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар нэдиэлэ саҥатыгар ыыппыт мунньаҕар сүрүн болҕомтону байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга туһаайда.
«Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууларыгар быһаарыылар ылыллыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп көрүллүбүтэ. Онон бу миэрэлэри уһаппакка, тута олоххо киллэрэн, көмө түргэнник оҥоһулларын ситиһиэхтээхпит. Саха сириттэн биир дойдулаахтарбыт баар байыаннай чаастарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн, онно миэстэтигэр туох ирдэнэринэр көмөлөһүөхтээхпит», – диэтэ Ил Дархан.
Кыстыкка киирии
Алтынньы 10 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 сыллааҕы сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньатын түмүктэригэр анаммыт мунньаҕы ыытта.
«Төһө да уустуктар баалларын үрдүнэн, кыстыкка сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээбит тыа хаһаайыстыбатын бары үлэһиттэригэр махтанабын. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһугар от былаана туолла. Сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былырыыҥҥы көрдөрүүлэргэ таҕыстыбыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 390 тыһ. тахса туонна от бэлэмнэннэ, ити былаан 88% тэҥнэһэр. 27 тыһ. тахса туонна сиилэс (92%) уонна 14 тыһ. тахса туонна сенаж бэлэмнэннэ (109%). Өрөспүүбүлүкэ биэс оройуонугар – Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Чурапчыга оту бэлэмнээһиҥҥэ мобильнай биригээдэлэр ыраах учаастактарга үлэлэстилэр.
Кэскил
Алтынньы 11 күнэ. Жатайга «Точка будущего» үөрэх саҥа комплексын тутуута саҕаланна. Бу эбийиэк «Новый дом» чааһынай аһымал пуонда үбүнэн тутуллуоҕа. Чааһынай пуонда үөрэхтээһин эйгэтигэр маннык улахан эбийиэги аан бастаан туттарар.
«Бу курдук эбийиэктэр тутуллалларын көрөн, дойдубут инники кэскилигэр эрэл бөҕөргүүр. Ханнык да уустук кэмнэргэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит үөрэхтээһиҥҥэ ураты болҕомтотун уурар. Маныаха саҥа комплекс тутуллан, сайдыыны саҥа таһымҥа таһаарыаҕа, — диэтэ Айсен Николаев.
Судаарыстыба көмөтө
Алтынньы 11 күнэ. Саха сиригэр байыаннай эпэрээссийэҕэ мобилизацияламмыттар уонна баҕа өттүнэн кыттар контрактниктар дьиэ кэргэттэрэ 200 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүрү ылан эрэллэрин туһунан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Ил Дархан ыйааҕар олоҕуран, маннык төлөбүр мобилизацияламмыт уонна бу дьыл олунньу 24 күнүттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт уонна кытта сылдьар контрактниктар дьиэ кэргэттэригэр төлөнөр. Маннык төлөбүрү 26 дьиэ кэргэн тутта.
Төлөбүрү ылыыга «Мои документы» МФЦ офистарыгар эбэтэр e-yakutia.ru порталга сайабылыанньа бэриллэр.
Алтынньы 16 күнэ. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ уонна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ социальнай гаастааһын бырагырааматын чэрчитинэн гаас тэрилин атыылаһарга 150 тыһ. солк. көмө харчыны ылыахтара. Бу өйөбүл дьиэ кэргэн дохуотун таһымыттан тутулуга суох көрүллэр.
Энергетическэй нэдиэлэ
Ил Дархан алтынньы 12-13 күннэригэр Москваҕа үлэлээтэ. Айсен Николаев Арассыйа энергетическай нэдиэлэтигэр кыттан, Саха сиригэр оттук-энэргиэтикэ комплексын сайдыытын бырайыактарын билиһиннэрдэ. Итиэннэ федеральнай биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр салйааччыларын көрсөн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстэ.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин энергетическай нэдиэлэ пленарнай мунньаҕар социальнай гаастааһын бырагыраамата 2022 сыл кэнниттэн салгыы үлэлиэҕин туһунан иһитиннэрдэ. Эрэгийиэннэр былаастара наадыйар дьон гаас тэрилин атыылаһалларыгар уонна учаастактарын иһигэр тустаах үлэни тэрийэллэригэр 100 тыһ. солк. кырата суох көмөнү оҥороллоругар эттэ. Тустаах көмөнү элбэх оҕолоох ыаллар, бэтэрээннэр, инбэлииттэр уонна кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэр туһаныахтара.
Ил Дархан Айсен Николаев бу курдук санаатын үллэһиннэ: «Бырагыраама чэрчитинэн дойду үрдүнэн 300 тыһ. дьиэҕэ гаас ситимэ тардыллыбыт буоллаҕына, итинтэн 3 169-һа Саха сиригэр буолар. Владимир Владимирович эрэгийиэннэр былаастара кыра дохуоттаах ыалларга гаас оборудованиетын субсидиялыырга 100 тыһ. солк көрөллөрүгэр эттэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр итинник өйөбүл баар, ол кээмэйэ 150 тыһ. солк тэҥнэһэр. Бу өйөбүлү салгыахпыт».
Энергетика
Алтынньы 12 күнэ. Саха сирэ 2030 сылга эниэргийэни оҥорууну үс төгүл улаатыннарар былааннаах. Бу туһунан Айсен Николаев Москваҕа «2030 сылга диэри Арассыыйа энергетическай балаансата» пуорум чэрчитинэн сиэссийэҕэ иһитиннэрдэ. Урут эрэгийиэҥҥэ 2030 сылга диэри тус сыаллаах оттук-энэргиэтикэ балансатын оҥорбуттара. Бу барыллааһын чэрчитинэн оҥоһуллар уот ресурсатын үс төгүл улаатыннарыы былааннанар. Сүрүн сорук – бырамыысыланнас уонна сир-уот сайдыытыгар муҥутуур көдьүүһү ситиһии, нэһилиэнньэни уонна тэрилтэлэри табыгастаах уот ресурсатынан хааччыйыы.
Алтынньы 13 күнэ. Саха сиригэр 73 дизельнай электростанцияны саҥардыахтара. «РусГидро» хампаанньаны кытта сөбүлэһии быһыытынан 2024 сыл бүтүөр диэри автоматизированнай энергокомплекстары тутуохтара. Итинник 6 электростанция үлэҕэ киирбитэ, оттугу кэмчилээһиҥҥэ көдьүүһүн көрдөрбүт.
Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 143 автономнай дизельнай электростанция үлэлиир, балар ыраах улуустары уотунан хааччыйаллар. Эрэгийиэҥҥэ 28 күн эниэргийэтинэн үлэлиир электростанция, Тиксиигэ тыал күүһүнэн үлэлиир 1 комплекс тутуллубуттара.
Саха сирин соҕуруу өттүгэр Канкуннааҕы гидроэлектростанцияны тутуу бөдөҥ гидроэнергетическай комплексы үөскэтиэҕэ. Бырамыысыланнас түргэнник сайдан иһэринэн, улахан инвестиционнай бырайыактар олоххо киирэллэринэн, кэлиҥҥи сылларга эниэргийэни туһаныы тэтимэ сылга ортотунан 8-9% үрдээн иһэр, оттон быйыл тоҕус ыйга 13% буолла.
Хомуур
Алтынньы 14 күнэ. Москваҕа Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибитигэр байыаннай сулууспалаахтары өйүүргэ сүрүннүүр киин аһылынна. Бу киин Саха сириттэн төрүттээх байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр, дойдубут саҥа эрэгийиэннэрин чөлүгэр түһэрсэр, нэһилиэнньэҕэ гуманитарнай көмөнү ыытар соруктаах тэриллэрин Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Киин байыаннай сулууспалаахтарга уонна дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн сөптөөх өйөбүл оҥоһулларын хонтуруоллуоҕа, Оборуона министиэристибэтин, тустаах биэдэмистибэлэри кытта үлэни сүрүннүөҕэ, Саха сириттэн сылдьар, эчэйиини ылбыт байыаннайдарга көмөлөһүүнү хааччыйыаҕа, байыаннай сулууспалаах биир дойдулаахтарбытыгар матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй өттүнэн көмө оҥоһуллуоҕа.
ДНӨ
Алтынньы 16 күнэ. Айсен Николаев Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар тиийэн, социальнай эбийиэктэри тутуу, өрөмүөннээһин, куорат урусхалламмыт инфраструктуратын сөргүтүү үлэтин хаамыытын көрдө.
«Саха сирэ Кировскай чөлүгэр түһүүтүгэр көмөтүн тохтотуо суоҕа, куораты сөргүтүү үлэтэ быыстала суох бара турар. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Виталий Хоценконы кытта оскуоланы, сынньалаҥ киини, балыыһаны көрдүбүт», — диэн Айсен Николаев биллэрдэ.
Ону кытта Ил Дархан Кировскай куорат кыстыкка бэлэмин кытта билистэ. Ууну хааччыйар тиһик үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Кировскай хомунаалынай хаһаайыстыбатын Саха сириттэн ОДьКХ ГУП үлэһиттэрэ сөргүтэллэр. Айсен Николаев этэринэн, Саха сирин коммунальщиктара ууну хааччыйыыга ыыппыт үлэлэрин ньыматын ДНӨ үрдүнэн туһаныахтара.
Донецкай куоракка Айсен Николаев Норуодунай өрөспүүбүлүкэ баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Денис Пушилины кытта көрсөн, бииргэ үлэлээһин боппуруостарын ырыттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: