Салгыы
Ил Дархан нэдиэлэтэ: Атырдьах ыйын 29 — балаҕан ыйын 1 күннэрэ

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Атырдьах ыйын 29 — балаҕан ыйын 1 күннэрэ

Ааптар:
08.09.2022, 16:44
Бөлөххө киир:

СУОЛБУТ ОҤОҺУЛЛАР, ТУТУУЛАР ДЬЭНДЭЙЭЛЛЭР УТУУЛАР ДЬЭНДЭЙЭЛЛЭР ДЬАҺАЛЛАР

Атырдьах ыйын 29 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар ыыппыт мунньаҕар дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Уһук Илиҥҥи уокурукка сырыытын түмүгүнэн сорудахтарын толорорго соруктары туруорда. Халаантан харыстыыр тутуулар оҥоһуллуохтаах нэһилиэнньэлээх пууннарын быһаарарга эттэ. Федеральнай былаас уорганнарын кытта ойуур баһаарын сэрэтэр уонна бох[1]сор үлэлэри эбии үбүлээһин, «Авиалесоохрана» үлэһиттэрин ахсаанын элбэтии, Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ 450 миэстэлээх оскуоланы тутуу, онкология диспансерын тутуутун түмүктээн, үлэҕэ киллэрэргэ эбии үп бэриллиитин боппуруостарыгар ыкса үлэлэһэргэ ыйда.

Айсен Николаев Арассыыйа Судаарыстыбаннай сэбиэтин үөрэххэ хамыыһыйатын «Орто анал үөрэхтээһин» хайысхатыгар оробуочай бөлөҕүн мунньаҕын ыытта. Дойду министиэристибэлэрин, эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ, федеральнай экспертэр кытыннылар. Үөрэтэр-производственнай кииннэри (кластердары) тэрийии туһунан боппуруоһу көрдүлэр.

Ил Дархан экэниэмикэ салааларын, социальнай эйгэни уонна судаарыстыбаннай тэрилтэлэри сыыппараҕа көһөрүү бырайыактыыр офиһын мунньаҕын ыытта. Өрөспүүбүлүкэ дойду эрэгийиэннэрин салалтатын ортолоругар сыыппараҕа көһүү рейтинигэр сэттис миэстэни ылар. Айсен Николаев судаарыстыбаннай тэрилтэлэри уонна айти-хампаанньалар бииргэ үлэлээһиннэрин күүһүрдэргэ эттэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Өймөкөөн улууһугар ыытыллыахтаах XVI Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Ыһыах 2023 сыл от ыйын 1–2 күннэригэр Томтор нэһилиэгэр «Көмүс күрүө» этнокултуурунай комплекска ыытыллыаҕа. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, үгэс быһыытынан эбийиэктэри тутуу, айан-сырыы, ыалдьыттары түһэрии, аһатыы, уотунан, суотабай сибээһинэн хааччыйыы, култуурунай бырагыраама боппуруостарын билиҥҥиттэн саҕалаан, эрдэттэн быһааран бэлэмниэххэ наада. Айсен Николаев министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ тустаах былаан ылыналларыгар соруйда.

НЬУРБАҔА

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Айсен Николаев Ньурба улууһугар үлэлээтэ. Кини Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай драматическай тыйаатыр дьиэтин тутуутун билистэ. Тыйаатыр дьиэтин тутуу 2019 сылтан «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҕаламмыта. Саҥа эбийиэк үөрүүлээх аһыллыыта балаҕан ыйын 27 күнүгэр былааннаммыт.

Ньурба улууһун дьаһалтата уонна «Сахатранснефтегаз» АУо нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыҥҥа сөбүлэһии түһэристилэр. Оройуону гаастааһын Орто Түҥнээҕи гаас конденсаттаах сири сайыннарыы бырайыагын чэрчитинэн ыытыллыаҕа.

Ил Дархан «Бүлүү» федеральнай суолугар үлэ хаамыытын эмиэ билистэ. Болдьохтон икки ыйынан эрдэлээн Ньурбаттан Марха өрүһү туоруур муостаҕа диэри 46 км уһуннаах учаастак аспааллааммыт, ол онтон быйыл 8,8 км киирбит. Манна федеральнай бүддьүөттэн 526,7 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Ньурбаттан ураты Сунтаарга, Мииринэйгэ федеральнай суол учаастактара оҥоһуллаллар.

Ньурбаҕа Саха сирин суолун пуондатын уонна олохтоох бүддьүөт кыттыһан үбүлээһиннэринэн муниципальнай суоллар өрөмүөннэнэллэр. Ил Дархан ыытыллар үлэни бэрэбиэркэлээтэ. Быйыл Чаппандаҕа 800 м, Сүлэҕэ 500 м, Антоновкаҕа 1200 м усталаах учаастактар аспаалланыахтара. 2026 сылга диэри улуус 7 нэһилиэгэр 10 км кэриҥэ суолга аспаал ууруллуоҕа.

Айсен Николаев улууска IX Спортивнай оонньуулары тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Оонньууну көрсө 3 тыһ. миэстэлээх стадион, бассейннаах физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутуллуохтара. Икки эбийиэк бырайыага, сметатын докумуона оҥоһуллубут. Барыллааһынынан бассейны тутууга федеральнай үп тардыллыахтаах. РФ Успуордун министиэристибэтигэр хос үбүлээһиҥҥэ сайаапка ыытыллыбыт. Күрэхтэһиилэри биэс нэһилиэнньэлээх пуунунан ыытыахтара.

«Аҥаардас спортивнай тутууларга эрэ болҕомто уурбакка, инфраструктураны сайыннарыыга үлэ ыытыллыахтаах», — диэн дьаһайда Айсен Николаев. СӨ Бырабыыталыстыбата уонна Ньурба улууһун дьаһалтата доруобуйа харыстабылын сайыннарыыга сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуоҥҥа Ньурбаҕа балыыһа комплексын хапытаалынай өрөмүөнүн түмүктээһин, «Доруобуйа» национальнай бырайыагынан улуус киинигэр 70 куойкалаах балыыһа комплексын тутуу үлэлэрэ киирдилэр.

ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮГЭ

Атырдьах ыйын 30 күнэ. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Куорамыкы» күөлү ыраастаан, кытылын бөҕөргөтөн, тулатын тупсарбыттар, дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар сирин тэрийбиттэр. Уопсастыбаннай сынньанар сир үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Дархан кыттыыны ылла.

Салгыы Айсен Николаев М. А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээккэ хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Бу үлэ федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйа тутуутун хонтуруоллаата. Улуус дьаһалтатын уонна «Водоканал» тэрилтэ бииргэ үлэлээһиннэрин чэрчитинэн уонна ОДьКХ пуондата көмөлөһөн, канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйа былаан быһыытынан тутуллан, сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэги туттарыы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар эрэ буолбакка, муниципальнай, федеральнай хааһыналартан, бүддьүөтү таһынан үбүлээһининэн ыытыллар.

Айсен Николаев Үөһээ Бүлүүгэ өрүс кытылын бөҕөргөтүүгэ ыытыллар үлэни көрдө. 2,8 км уһуннаах учаастакка 800 миэтэрэтигэр кумах-гравий кутуллубут. Быйыл саҕаламмыт үлэ 2024 сылга диэри ыытыллыаҕа.

БҮЛҮҮГЭ

Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Ил Дархан Бүлүү улууһугар үлэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ оттооһун хаамыытыгар аналлаах кэккэ улуустар баһылыктара кыттыылаах мунньах ыытта. Уһуннук ардаабыт Бүлүү, Горнай, Дьааҥы, Кэбээйи, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар, ходуһалара аһыҥаҕа ылларбыт Чурапчы улууһугар сүөһү, сылгы аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ баар кыһалҕалары туоратар туһунан быһаарыылары ылыннылар. Эбии аһылыгы (уотурбаны, эбиэһи) тиэйии ороскуотун уонна атыылаһыллар харчытыттан 50%-нын субсидиялыыр мэхэньиисими оҥорорго Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сорудахтаата. Ыраах баран оттуур мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ Ил Дархан сорудаҕынан 80 мөл. солк. көрүллүбүтүн суһаллык улуустарга тириэрдэргэ ыйда.

Айсен Николаев улуус киинигэр тутулла турар Бүлүү умнаһын улуустарыгар саамай улахан 3 тыһ. кв м. иэннээх балыыһа тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Эбийиэк «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар. Балыыһа бастакы уочарата сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэҕэ. Улуустар икки ардыларынааҕы мэдиссиинэ киининэн буолуоҕа. Манна Бүлүү бөлөх улуустарын, Кэбээйи улууһун чугас сытар нэһилиэнньэлээх пууннарын олохтоохторо эмтэниэхтэрэ.

БИЛИИ КҮНЭ

Балаҕан ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Билии күнүгэр Дьокуускайга Саха политехническай лицейигэр сырытта. 1,5 тыһ. оҕо үөрэнэр 1978 сыллаахха тутуллубут дьиэҕэ 117 мөл. солк. суумаҕа оҥоһуллубут хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн оскуола хайдах саҥардыллыбытын көрдөрдүлэр. Айсен Сергеевич дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан федеральнай субсидия көрүллэн, быйылгы үөрэх дьылыгар Саха сиригэр 38 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбытын иһитиннэрдэ.

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 15 оскуола, 6 уһуйаан саҥа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирэр. Дьокуускайга сыллата оҕо ахсаана эбиллэр, быйыл 1 кылааска киин куоракка 7 тыһ. тахса кырачаан барбыт.

СУҺАЛ ДЬАҺАЛ

Балаҕан ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев Мииринэй оройуонун Удачнайыгар уот ситимин, чөлүгэр түһэрии боппуруоһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Санатар буоллахха, балаҕан ыйын 1 күнүгэр олохтоох коллекторга баһаар турбутунан куорат үрдүнэн — олорор дьиэлэргэ, икки оскуолаҕа, үс уһуйааҥҥа уот барбыта. Баһаар түмүгэр уот уонна оптоволокно ситимнэрэ эмсэҕэлээннэр, “Якутскэнерго”, “Ростелеком” биригээдэлэрэ миэстэтигэр үлэлии сылдьаллар, туох баар матырыйаалларынан хааччыллыбыттар. Балыыһа дизельнэй станцияҕа холбоммут. Ил Дархан уот ситимин, суотабай төлөпүөнү, интэрниэти суһаллык чөлүгэр түһэрэргэ, бары социальнай эбийиэктэр балаҕан ыйын 3 күнүттэн үлэлииллэрин хааччыйарга, ону таһынан баһаар барбыт төрүөтүн быһаара охсорго соруйда.

ДЬОКУУСКАЙ

Балаҕан ыйын 3 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта көрүстэ. Кэпсэтии «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» уонна Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ көҕүлээбит «Мин тиэргэним» бырагыраамалар киин куоракка олоххо киириилэрин тула буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэктэр 60% бэлэмнэр. Айсен Сергеевич тиэргэннэри оҥоруу болдьоҕор ситэриллиэхтээхтэрин соруйда. Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 11 күнүгэр — Дьокуускай куорат төрүттэммит күнүгэр 7 тиэргэн саҥардыллан үлэҕэ киириэҕэ. Алтынньы 31 күнүгэр диэри барыта 76 тиэргэҥҥэ үлэ түмүктэниэхтээх.

Афанасий НОЕВ, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: