Соруктар
Балаҕан ыйын 12 күнэ. Нэдиэлэ саҥатыгар Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар ыыппыт мунньаҕар Бырабыыталыстыбаҕа уонна Ил Дархан, Бырабыыталыстыба дьаһалтатыгар хоту таһаҕаһы тиэйии уонна кыстыкка сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин боппуруостарыгар ойуччу болҕомтону уурары туһаайда. Оттукка киирии саҕаламмытынан олорор дьиэлэргэ ититии хайдах бэриллэрэ хонтуруолланыахтааҕын эттэ. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум түмүгүнэн эрэгийиэн сайдыытыгар биирдиилээн хайысхаларынан ылыныллыбыт быһаарыылары олоххо киллэриигэ үлэни ыытарга сорудахтаата. Өрөспүүбүлүкэҕэ суһал көмө массыыналарын саҥа партията кэлэринэн Доруобуйа харыстыбылын министиэристибэтигэр ити боппуруоска үлэлииргэ соруйда.
Ил Дархан балаҕан ыйын 11 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ буолан ааспыт быыбардар чиэһинэйдик, сокуону кэһиитэ суох барбыттарын бэлиэтээтэ. Эрэгийиэн баһылыга саҥа талыллыбыт улуус баһылыктарын кытта Бырабыыталыстыба ыкса ситимнээхтик үлэлэһэллэригэр, норуот талбыт быыбарын ытыктыырга, түмсүүлээх буоларга ыҥырда.
Эмиэ бу күн, бэнидиэнньиккэ, Ил Дархан «Россия 24» ханаалыгар «Саха» ГТРК биэриитигэр нэһилиэнньэни кытта быһа эпииргэ таҕыста. Кыстыкка киириигэ оттооһун хаамыытын туһунан бу курдук үллэһиннэ: «Быйыл оттооһун туруга судургута суох, тыҥааһыннаах. Олус уустук балаһыанньалаах улуустар бааллар. Дьааҥыга, Кэбээйигэ биһиги көмөбүт наада. Уһун ардахтан Бүлүү умнаһын улуустарын оттуур сирдэрэ ууга былдьаннылар. Чурапчы улууһа кураантан, аһыҥаттан эмсэҕэлээтэ. Ол гынан баран, оттуур кэм бүтүөр диэри соруктар толоруллалларыгар эрэнэбин. Билиҥҥитэ улуустарга мобильнай биригээдэлэр үлэлииллэр».
Айсен Николаев Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум хаһааҥҥытааҕар да ситиһиилээхтик ааспытын эпииргэ кэпсээтэ. Форумҥа түһэрсиллибит сөбүлэһиилэртэн биир дьоһуннаахтарынан Арктика зонатыгар, чуолаан Усуйаана уонна Дьааҥы оройуоннарыгар хайа-бырамыысыланнас кластерын сайыннарыы буолар. Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор үөрэнэллэригэр улахан комплекс тутуллуоҕа.
Балаҕан ыйын 13 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин, социальнай эйгэтин, судаарыстыбаннай салайыы салааларын сыыппараҕа көһөрүүгэ аналлаах Барайыактыыр офис мунньаҕын ыытта. Бэбиэскэҕэ үөрэх эйгэтигэр саҥаны киллэрии туһунан көрдүлэр. Санатар буоллахха, атырдьах ыйыгар биирдиилээн салаалары сыыппараҕа көһөрүү стратегията ылыллан турар. Холобур, үөрэх тэрилтэлэрэ сүрүннээн бары кэриэтэ автоматизированнай уопсай тиһиккэ холбоммуттар. Ол түмүгэр үөрэх тэрилтэлэрэ отчуот биэриилэрэ, бииргэ үлэлэһиилэрэ быдан түргэтээбит. Маны таһынан судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор порталга үөрэх эйгэтиттэн 11 социальнай суолталаах өҥө баарыттан сэттэтэ номнуо киирэн, билигин дьон дьиэттэн тахсыбакка эрэ оҕотун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа суруйтарыан сөп. Бу сайыҥҥыттан орто, үрдүк үөрэх кыһаларын саҥа тиһиккэ холбообуттар. Салгыы тус сыаллаах үөрэхтээһин уонна үлэҕэ киирии тиһигэ сыыппараҕа көһөрүллүөхтэрэ. Айсен Николаев үөрэх эйгэтигэр автоматизированнай тиһик үлэтин өссө хаҥатары эттэ.
Балаҕан ыйын 13 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Сир баайын туһаныыга федеральнай агентство (Роснедра) салайааччыта Евгений Петров Дьокуускайга кэлбитигэр көрүстэ. Айсен Николаев сир баайын туһаныыга лицензияны биэриигэ булгуччулаах усулуобуйа быһыытынан аҕыйах ахсааннаах омуктар олорор, төрүт дьарыктарын ыытар сирдэригэр-уоттарыгар этнологическай экспертизаны ыытары туруоруста. Роснедра саҥа лицензия сөбүлэһиитигэр ити усулуобуйаны эбии учуоттуур туһугар бу боппуруоска үлэлэһэргэ сөбүлэстэ.
Балаҕан ыйын 14 күнэ. Айсен Николаев Петербурдааҕы XI норуоттар икки ардыларынааҕы гаас форумугар кыттыыны ылла. 2030 сылга диэри Саха сиригэр 30 нэһилиэнньэлээх пууну автономнай гаастааһын киирэригэр эрэгийиэн бүддьүөтүттэн 2 млрд солк. тахса суума көрүллүөҕүн туһунан төгүрүк остуолга иһитиннэрдэ. Билиҥҥитэ автономнай гаастааһыҥҥа пилотнай бырайыак Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар олоххо киирэр.
«Гааһы убатан туһаныы — Сахабыт сиригэр улахан кэскиллээх хайысха. Бу гаас ситимэ кыайан тардыллыбат, тиийбэт ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарын гаас уматыкка көһөрүүгэ төһүү буолуоҕа», — диэтэ Ил Дархан.
2030 сылга убатыллыбыт гааһы оҥорон таһаарыы кээмэйэ 500 тыһ. туоннаҕа тиийэр кыахтаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2016 сылтан 12 тыһ. туонна кыамталаах убатыллыбыт гааһы оҥорон таһаараллар уонна бу көмөтүнэн тимир суол 8 ыстаансыйата уонна Алдан куорат биир хочуолунайа хааччыллар.
«Газпром» хампаанньа технологическай сайдыытын туһунан мунньахха Айсен Николаев Саха сирин соҕуруу улуустарын гаастааһыны түргэтэтэр сыалтан өрөспүүбүлүкэҕэ гааһынан дьарыктанар «Сахатранснефтегаз» бу бырайыакка кыттыан сөбүн ыйда. “Киирбит этиини ылыннылар. Онон «Сахатранснефтегаз» уонна «Газпром» сотору кэминэн сөбүлэһии түһэрсэн, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу улуустарын гаастааһыҥҥа кыттыһыахтара”, — диэтэ Ил Дархан.
Форум кэмигэр Аллараа Бэстээххэ убатыллыбыт гааһы таҥастыыр собуоту тутар туһунан сөбүлэһии түһэрсилиннэ. Айсен Николаев уонна “Газпром СПГ технологии” тэрилтэ дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Кахидзе собуот тутуутун түһүмэхтэрин дьүүллэстилэр. Бу собуот үлэҕэ киирдэҕинэ 70 тыһ. туонна убатыллыбыт гааһы оҥоруохтаах.
Балаҕан ыйын 15 күнэ. Санкт-Петербурга тиэхиньикэ быыстапкатыгар Ил Дархан МИ-171А3 диэн саҥа тахсыбыт вертолету көрдө. Бу көтөр аал оҥоһуллуутугар биһиги «Полярные авиалинии» хампаанньабыт этиилэрэ учуоттаныллыбыт. Вертолету оҥорбут корпорация Саха сирин авиатордарыгар бииргэ үлэлэспиттэрин иһин махтаннылар.
Гаас форумун кэмигэр Саха сиринээҕи тутуу научнай-чинчийэр института уонна Ураллааҕы «Маяк» полимернай технология собуота сөбүлэһии түһэристилэр. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, уот линиятын тирэхтэрэ ирбэт тоҥ ууллуутуттан хамсаан уларыйыыларын кыһалҕаларын быһаарыаҕа. Онон бу сөбүлэһиигэ олоҕуран, научнай чинчийии түмүгүнэн «Reline» (Релайн) российскай аныгы технология биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэһиннэрэн олоххо киириэҕэ.
Балаҕан ыйын 17 күнэ. Айсен Николаев Татарстаҥҥа оробуочай сырыынан үлэлээтэ. Ил Дархан авиационнай бырамыысалыннас үлэтин-хамнаһын билистэ, итиэннэ Аркскай муниципальнай оройуоҥҥа Сылгы күнүгэр аналлаах бэстибээлгэ кытынна. «Туполев» хампаанньа филиалыгар — Казаннааҕы авиационнай собуокка дириэктэр Зуфар Миргалимовы уонна собуот салалтатын кытта көрсөн, Ту-214 сөмөлүөтү тутуу хаамыытын көрдө. Итини таһынан кини Ми-8 бөртөлүөтү оҥорор собуот үлэтин кытта билистэ. Аркскай оройуоҥҥа Татарстан президенэ Рустам Миннихановы кытта Айсен Николаев Сылгы күнүн бэстибээлигэр кытынна. Айсен Сергеевич Татарстан олохтоохторугар бэйэтин эҕэрдэтин тиэриэртэ уонна саха сылгыта биһиги норуоппутугар ытык суолтатын бэлиэтээн эттэ. Итиэннэ Өймөкөөнтөн Москваҕа диэри 11 тыһ. тахса биэрэстэни саха аттарынан айаннаан тиийбит Дугуйдан Винокуров туһунан кэпсээтэ. Түгэнинэн туһанан Дугуйданы Татарстан сиригэр истиҥник көрсүбүттэрин иһин махтанна.
Аркскай оройуоҥҥа сырыыларыгар Айсен Николаев уонна Рустам Минниханов Старый Яваш дэриэбинэҕэ үүт комплексын үлэтин, олохтоох бородууксуйа быыстапкатын көрдүлэр.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…