Ил Дархан нэдиэлэтэ: кыстакка киирии, ойуур баһаарын умуруоруу, Бүлүү суола…
Инвестбырайыактары олоххо киллэрии
От ыйын 24 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар нэдиэлэ саҕаланыытыгар 2024 сыллааҕы уонна кэлэр сылларга судаарыстыбаннай бүддьүөтү оҥорууга сүрүн хайысхалары тобуларга үлэни саҕалыыры сорудахтаата. Айсен Сергеевич Арассыыйаҕа инвестбырайыактары олоххо киллэрэр тутааччыларга аналлаах матырыйаал, сөбүлэҥ түһэрсии, иһитиннэрии мунньуллубут биир кэлим докумуонун электроннай реестрэ баар буоларын иһитиннэрдэ. Маны тэҥэ тутааччы судаарыстыбаннай уорганнары кытта чопчу эбийиэги тутууга сибээстэһэр өҥөтө тэриллиэҕэ. Онон бу саҥа сүүрээн олоххо киириитин олохтоох тутар хампаанньаларга иһитиннэрэллэригэр соруйда. Ил Дархан тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн федеральнай таһымҥа тыа сиригэр социальнай уонна инженернэй инфраструктураны тутууга ордук болҕомто ууруллар буолуоҕун бэлиэтээтэ.
Ойуур баһаарын умуруоруу
Ардах түһэн, халлаан сөрүүкүйэн, соҕуруу уонна соҕуруулуу-илиҥҥи өттүгэр ойуур баһаарын туруга арыый да буолла. Халыма улуустарыгар ахсаанынан уонна кээмэйинэн улахан баһаардар турбуттара. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох, ол эрээри билиҥҥитэ Саха сирин арҕааҥҥы уонна соҕурууҥҥу өттүгэр быһыы-майгы лаппа тубуста диэбэккин. Онон урутаан миэрэлэри ылар туһуттан илиҥҥи туһаайыыга үлэлээбит күүстэри арҕаа илдьэр наада. Уопсайа баһаары умулларыыга 650 киһи, ол иһигэр атын эрэгийиэннэртэн кэлэн үлэлии сылдьалларр. 17 сөмөлүөт уонна 5 бөртөлүөт туттуллар. Суһал ыстаап чахчытынан, сайын устата 452 ойуур баһаара 1 мөл. га иэннээх сиргэ тахсыбыт уонна 15 га ураты харыстанар сиргэ бэлиэтэннэ. Икки сыллааҕыта 2,8 мөл. га сиргэ 1192 баһаар турбута. Баһаар үгүс өттө ыраах хайалаах сирдэргэ бэлиэтэнэр.
Горнай улууһа
Айсен Николаев Горнай улууһун баһылыга Никита Андреевы кытта көрүстэ. Баһылык улууска федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар туолууларын туругун кэпсээтэ. Ил Дархан улууска үлэ сөптөөхтүк ыытылларын бэлиэтээтэ. Горнайга улуустааҕы бырамыысалыннай паарканы тэрийиигэ туһааннах министиэристибэлэр үлэлэһэллэригэр соруйда. Ол курдук, бу пааркаҕа бизнес-инкубатор 30 резиденэ үлэлииргэ бэлэмин биллэрдэ. Онуоха урбаанньыттар бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр инженернэй инфраструктура, суол-иис оҥоһуллуон, гаас, уот тардыллыан наада. Федеральнай бырагырааманан улууска Кэптин оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Үлэ графигынан барар, хаалыы суох. Бэрдьигэстээххэ ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуллар. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан 176 квартиралаах 7 дьиэ тутуллубут. Маны сэргэ көрсүһүүгэ улууска социальнай эбийиэктэри тутууну чопчулаатылар. Бэрдьигэстээххэ 140 миэстэлээх, Дьиикимдэҕэ 50 миэстэлээх уһуйааннар тутуллуохтара. Улууска оттуур ходуһалар ууга бараннар, уустук быһыы-майгы үөскүү сырытта. Билиҥҥитэ улуус тэйиччи учаастактарыгар 52 мобильнай биригээдэ 2250 тонна оту соҕотуопкалыыр былааны толорорго үлэлэһэр.
Кыстыкка киирии
От ыйын 25 күнэ. Айсен Николаев уонна «СӨ ОДьКХ» ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев кыстыкка киирии үлэтин кэпсэттилэр. Атырдьах ыйын 8 күнүттэн оттук үлэтэ Аллайыаха оройуонуттан саҕаланыаҕа. Виталий Чикачев Ил Дархаҥҥа эрдэ туруоруллубут соруктарынан үлэ хаамыытын, ону сэргэ национальнай бырайыактар чэрчилэринэн эбийиэктэри саҥардыыны билиһиннэрдэ. «Территориялары сайыннарыы фондата» бырагырааманан былырыын «Восток-1» 18 МВт кыамталаах механизированнай хочуолунай үлэҕэ киирбит, онон ньиэбинэн оттуллар икки хочуолунай сабыллыбыт. 2024 сылга тоҕус хочуолунай тутуллуоҕа, үлэлиир болдьохторо ырааппыт 15 хочуолунай алта оройуоҥҥа саҥардыллыаҕа. «Ыраас уу» бырагырааманан 2021 сылга бастакы түһүмэҕинэн Өлүөхүмэҕэ cууккаҕа 2 400 кубометр кыамталаах ууну ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэрбиттэрэ, билигин үлэ иккис түһүмэҕэ ыытыллар. Былырыын бу бырагырааманан Амма улууһун Алтан, Амма нэһилиэктэрин, Дьааҥы улууһун Баатаҕайын, Хаҥалас улууһун Үөһээ Бэстээх нэһилиэктэрин уунан хааччыйыы эбийиэктэрин тутуу саҕаламмыта. Кытаанах хомунаалынай бөҕү харайыыга алта арктическай оройуоҥҥа бөҕү уматар установкалар оҥоһуллубуттар. Маны сэргэ кытаанах бөҕү харайыыга Дьокуускайга саҥа полигон туталлар, быйыл үлэтин саҕалыахтаах.
«Бүлүү» федеральнай суолга
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Бүлүү» федеральнай суол управлениетын салайааччыта Николай Андреевы кытта өрөспүүбүлүкэҕэ суол үлэтин хаамыытын туһунан кэпсэттилэр. Николай Андреев иһитиннэрбитинэн, кэлиҥҥи биэс сылга «Бүлүү» федеральнай суол управлениетын үлэһиттэрэ уопсайа 300 км тахса суолу саҥалыы уларытан оҥорбуттар уонна өрөмүөннээбиттэр. Быйыл барыта 46 км тахса федеральнай суолталаах суол, 1 муоста уонна 35 ууну аһарар турба үлэҕэ киириэҕэ. Билигин «Бүлүү» суолун 8 учаастагар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар, ону таһынан «Халыма» суолун икки учаастага саҥалыы уларытан оҥоһуллар. Айсен Николаев былааннаммыт эбийиэктэри хаачыстыбалаахтык тутарга уонна кэмигэр бүтэрэргэ сорудахтаата.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чөлүгэр түһэрии уонна психологическай көмө кииннэрэ тэриллиэхтэрэ
Ил Дархан социальнай эйгэ үлэһиттэрэ кыттыылаах стратегическай сессияҕа кытынна. Айсен Николаев социальнай үлэһиттэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чөлүгэр түһэрии уонна психологическай көмө кииннэрин тэрийэргэ сорудахтаата. Санатар буоллахха, бүгүҥүҥ күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ 19 көмө миэрэтэ оҥоһуллар. Айсен Сергеевич социальнай сулууспа кэллэктииптэригэр социальнай инновацияҕа бастыҥ бырайыак иһин Ил Дархан 3 грана – 2, 5, 7 мөл. солк. олохтонорун биллэрдэ. Бастыҥнары куонкурус түмүгүнэн быһаарыахтара. Бу социальнай үлэһиттэр үлэлэрин хаачыстыбатын үрдэтэргэ көдьүүстээх буолуоҕа. Грант үбүнэн үлэһиттэр идэлэрин таһымын үрдэтиэхтэрэ, стажировкаҕа барыахтара.
Социальнай эйгэ үлэһиттэрэ тус хаһаайыстыбаны тэринэргэ социальнай өйөбүл кээмэйин улаатыннарарга этии киллэрдилэр. Ил Дархан биирдиилээн урбаанньыттары кытары социальнай хантараакка олоҕуран, судаарыстыбаннай көмө кээмэйин улаатыннарар уонна бэйэ дьыалатын сайыннарар хайысхалаах тус хаһаайыстыбаны тэрийиигэ оҥоһуллар өйөбүлү элбэтэр туһунан этиилэри өйөөтө. Онуоха Айсен Николаев өйөбүл дьаһалларын олоххо киллэрсэр бары эйгэлэри көмөлөһүннэрэн туран, биир кэлим быһаарыылары ылынарга сорудахтаата. Бу дохуоту үрдэтэргэ хайысхаламмыт дьаһаллар көдьүүстэрин үрдэтэр туһуттан оҥоһуллуоҕа. Стратегическай сессияҕа «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааматыгар социальнай үлэһиттэри киллэрэр туһунан этии киирбитин өйөөтө. Ил Дархан сорудаҕынан үлэ министиэристибэтэ РФ бырабыыталыстыбатыгар сурук түһэриэҕэ. Билиҥҥитэ бу чэпчэтиинэн медиктэр уонна педагогтар туһаналлар.
Ил Дархан социальнай эйгэҕэ Мария Нартахова аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин олохтуур туһунан этиини өйөөтө. Бириэмийэ сыл ахсын бэс ыйын 8 күнүгэр — социальнай үлэһит күнүгэр туттарыллыаҕа. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах настаабынньыга» бэлиэни олохтуурун туһунан иһитиннэрдэ.
Сунтаар улууһа
От ыйын 26 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьевтыын көрсөн, улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, национальнай бырайыактар туолууларын уонна оттооһун хаамыытын туһунан кэпсэттилэр. Кэнники сылларга Сунтаар улууһа утумнаахтык сайдар, социальнай хабааннаах эбийиэктэр тутулаллар. Хаарбах дьиэттэн дьону саҥа, тупсаҕай оҥоһуулаах таас дьиэлэргэ көһөрөллөр. Быйыл улууска Сиэйэҕэ, Хадаҥҥа, Маар Күөлгэ успуорт саалалара, Сунтаарга Абаҕа микро-оройуоҥҥа култуура-успуорт киинэ, Кэмпэндээйигэ култуура киинэ үлэҕэ киириэхтэрэ. Ил Дархан тутуу болдьоҕор уонна хаачыстыбатыгар хонтуруолу күүһүрдэргэ ыҥырда. От үүнүүтэ хайа да сыллардааҕар үчүгэй, 34 тыһ. тонна оту бэлэмнэниэхтээҕиттэн 3,5 тыһ. тонна оттоммут. Ардах күүскэ түспүтэ үлэ хаамыытыгар дьайда. Билигин күн-дьыл туран, Ил Дархан от үлэтин түргэн тэтиминэн ыытарга соруйда. Түмүккэ ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу миэрэлэрин ылыы туһунан кэпсэттилэр. Билиҥҥитэ улууска ойуур баһаара бэлиэтэммэт.
«Туймаада» хампаанньа инфраструктуратын саҥардар бырагырааманы оҥоруохтара
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Туймаада» ҮХАПК генеральнай дириэктэрэ Петр Ефремовтыын хампаанньа инфраструктуратын саҥардар бырагырааматын оҥорууну көрдүлэр, үбүлээһин өрөспүүбүлүкэ инвестиционанй бырагырааматыттан оҥоһуллуоҕа. 2024-2025 сылларга Хатаска сибиинньэ комплексыгар саҥа куорпустар тутуллуохтара. Тыа сирин олохтоохторун өйүүр сыаллаах кинилэр дьиэлэрин оҥостоллоругар заем үбүн көрөргө болҕомтону күүһүрдэргэ эттэ. Холдинг тэрилтэлэрэ быйыл 3 тыһ. гаҕа туорахтаах култуураны ыспыттар. Ааспыт алта ыйга хампаанньа тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр 500 мөл. солк. тахса суумаҕа заем биэрбит. «Туймаада» ҮХАПК Мииринэй Арыылааҕар комплекс тэрийэр, Өлүөхүмэҕэ 120 миэстэлээх хотон тутар, Нерюнгри көтөр фабрикатын эбийиэктэрин саҥардар. Маны таһынан «Сайсары» ырыынакка анаан саҥа аныгы дьиэ бырайыагын оҥорор.
Ленин проспега саҥардыллар
Айсен Сергеевич киин куоракка Ленин проспегар саҥардар үлэ хаамыытын көрдө. Үлэ икки түһүмэҕинэ барар. Былырыын Дзержинскэй уулуссаттан Кулаковскай уулуссаҕа диэри өрөмүөннэммитэ. Быйыл Дзержинскэйтэн Хабаров уулуссатыгар диэри уонна Кулаковскайтан Краснояров уулуссатыгар диэри саҥарда сылдьаллар. Саҥа аспаалы, тротуары таһынан бэлэсэпиэтинэн сылдьар суол, саҥа сырдатар уот-күөс, тохтобуллар оҥоһуллаллар, көҕөрдүү ыытыллар. Бу үлэ национальнай бырайыагынан барар. Улахан кээмэйдээх, көстүбэт үлэ сир аннынааҕы коммуникацияҕа, ситимнэри тардыыга ыытылынна. Проспекка сырыы балаҕан ыйын 1 күнүттэн сөргүтүллүөҕэ. Оттон алтынньы бүтүөр диэри тулатыгар тупсарыы үлэтин ситэриэхтэрэ.
Маҕаҥҥа
Айсен Николаев Маҕан бөһүөлэгэр олохтоох оскуолаҕа сылдьан, хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын көрдө. Бу дьиэ 1976 сыллааххта тутуллубут икки мэндиэмэннээх, 1,2 тыһ. кв.м. иэннээх. Оскуолаҕа 276 оҕо үөрэнэр. Өрөмүөн үлэтэ муус устар 12 күнүттэн саҕаламмыт, 23 киһи үлэлиир. Билиҥҥитэ үлэ 75% толорбуттар, графигы тутуһан иһэллэр. Өрөмүөнү саҕалыах иннинэ оскуолаҕа оҕолортон дизайн хайдах буолуоҕар санааларын ыйыппыттар. Ититиитин, уотун, канализациятын ситимэ барыта уларыйбыт, түннүктэри, кырыыһаны саҥардыбыттар, оскуолаҕа туох-баар миэбэл, оборудование барыта аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына саҥа буолар. Медиакиин баар буолуоҕа, киинэ-, видео хайысхатынан дьарыктанарга усулуобуйа тэриллэр. Маҕаҥҥа атырдьах ыйыгар уһуйааҥҥа хапытаалынай өрөмүөн саҕаланыахтаах. Төрөппүттэр оскуола тулатыгар успуорт былааһаккатын, бөһүөлэккэ успуорт саала тутуутун туруорсаллар. Ил Дархан бу боппуруоһу куорат дьаһалтатын кытары дьүүллэһиэхпит диэн эттэ. Өрөмүөн үлэтин болдьоҕор атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри бүтэрэргэ сорудахтаата. Санатар буоллахха, быйыл Саха сиригэр 57 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар.
Ил Дархан Маҕан бөһүөлэгэр Кыайыы 40 сылын аатынан уулусса биир дьиэтин олохтоохторун кытта көрсөн кэпсэттэ, олорор дьиэлэрин тиэргэнигэр тупсарыы үлэтэ хайдах барарын бэрэбиэркэлээтэ. Үлэни от ыйын ортотуттан саҕалаабыттар, урукку оҕо былаһааккатын көтүрбүттэр, тутуу матырыйаалларын тиэйбиттэр, бордюрдары оҥорбуттар. Саҥа конструкцияны атырдьах ыйын ортотугар таҥыахтара, балаҕан ыйын бүтүүтэ үлэни бүтэриэхтэрэ. Быйыл Дьокуускайга 450 мөл. солк. уопсайа 21 тиэргэни тупсарыахтара.
Котрус бааһынай хаһаайыстыбаҕа
Айсен Николаев Маҕан бөһүөлэгэр Екатерина Котрус салайааччылаах бааһынай хаһаайыстыба үлэтин билистэ. Хаһаайыстыбаларын бастаан кэргэнинээн 1992 сыллаахха саҕалыылларыгар 10 га сирдээхтэрэ. Котрус хаһаайыстыбата оҕуруот аһын үүннэриинэн, туорахтаах култууранан утумнаахтык дьарыктанар, ынах сүөһү тутар. Ааспыт сылтан бастыҥ суортаах хортуоппуй сиэмэтинэн дьарыктанар, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох сертифицированнай хаһаайыстыбанан буолар. Быйылгы ыһыы хампаанньатыгар 161,8 туонна бастакы көлүөнэ сиэмэ хортуоппуйу атыылаабыттар. Хаһаайыстыба баһылыга Екатерина Котрус бэлиэтииринэн, 2023 сылга 33 туонна «Ред скарлет» элитнэй суортаах хортуоппуйу атыыласпыттар, онон өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларын 150-200 туонна үрдүк хаачыстыбалаах сиэмэ хортуоппуйунан хааччыйар кыахха тахсыбыттар. Быйыл 55 га сиргэ ыспыт хортуоппуйдарыттан 700-тэн тахса туоннанын ылар былаанаахтар. Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр бөдөҥ хаһаайыстыбаны салгыы өйүүрүгэр сорудахтаата.
Ленскэйгэ
От ыйын 27 күнэ. Бу күн Айсен Николаев Ленскэй улууһугар үлэлээтэ. Ил Дархан Муруйа ыстаансыйатыттан Бэчинчэҕэ тардыллар гаас ситимин бастакы сүһүөҕүн сыбааркалаан силбэһиннэрэргэ хамаанда биэрдэ. «Сахатранснефтегаз» хампаанньа улуус үс нэһилиэнньэлээх пуунугар: Муруйаҕа, Батамайга, Бэчинчэҕэ күөх төлөн ситимин сыл иһигэр тардыаҕа, тыһыынча кэриҥэ киһи олорор дьиэтэ гааска холбонуоҕа.
Ил Дархан хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьиэлэри тутуу хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтэ. Түөрт дьиэттэн икки дьиэ бу сыл бүтүөр диэри киириэхтээх, барыта 199 кыбартыыраҕа дьон көһүөҕэ. Өссө икки тоҕус этээстээх дьиэ эһиил тутуллуоҕа. Айсен Николаев саҥа дьиэлэр тиэргэннэрин тупсарыыга болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ. «Рабочай» кыбаарталга урут тутуллубут дьиэлэр тиэргэннэригэр дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйа тэриллибитин сыаналаата. Автостоянкалары тэҥэ аныгы матырыйаалтан дьиэ-кэргэн сынньанарыгар фонтаннаах былаһааккалар оҥоһуллубутар. Ил Дархан уопуту атын улуустарга тарҕатарга эттэ.
Айсен Николаев Ленскэй куоракка култуура уонна сынньалаҥ пааркатын реконструкциятын бастакы түһүмэҕэр ыытыллыбыт үлэни көрдө уонна салгыырга сорудахтаата. Манна дьон сылдьара уон төгүл элбээбит. Дизайн-бырайыагынан кэнсиэр буолар, бырааһынньыктар, ыһыах ыытыллар сирдэрэ, фонтаннар, сүүрэр суоллар усталарын уонна эргиэн былаһааккаларын кэҥэтии көрүллүбүттэр.
Ленскэйгэ үс этээстээх 360 оҕо үөрэнэригэр анаммыт Оҕо искусствотын оскуолатын дьиэтин тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Тутуу 2020 сылга саҕаламмыт да, бэдэрээтчик кыаҕа суох буолан, тохтуу сылдьыбыт. 2022 сыл от ыйыгар саҥа хантараак түһэрсиллибит. Былаан быһыытынан быйыл сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. Ил Дархан үлэни тэтимирдэн, тутуу графигар киирэргэ сорудахтаата. Оскуолаҕа икки таһымнаах 250 миэстэлээх кэнсиэрдиир саала, 70 миэстэлээх аактабай саала, 10 үөрэнэр кылаас баар буолуоҕа.
Айсен Николаев «Алмаас» лааҕырга сынньанар оҕолору уонна үлэһиттэри кытта көрүстэ. Манна билигин Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннарыттан, ону тэҥэ Дьокуускай, Новосибирскай уонна Иркутскай куораттартан 210 оҕо сынньанар. Сайын устата 630 оҕону чэбдигирдиэхтэрэ. Ил Дархан 3 тыһыынча туонналаах оҕуруот аһын харайар сир тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Эбийиэк балаҕан ыйын саҕаланыыта бүтүөхтээх. Улуус дьаһалтата күһүн олохтоох оҥорон таһаарааччылартан хортуоппуйу, хаппыыстаны, атын оҕуруот аһын атыылаһан харайар, салгыы атыылыыр былааннаах. Эһиил үһүс блогу тутуохтара.
Айсен Николаев ньиэп-гаас салаатын тэрилтэлэрин салайааччыларын кытары көрсүһүүтүгэр 2018-2023 сс. үлэ түмүгүн таһаардылар, саҥа инвестбырайыактары дьүүллэстилэр. Быйыл Саха сиригэр 18,9 мөл. туонна ньиэп хостоноро былааннанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 104 нэһилиэнньэлээх пуун гааска холбоммута, 7,6 тыһ. км усталаах ситим туһаныллар. Хампаанньалар 2018 сылтан Саха сирин 2 млрд солк. социальнай бырайыактары өйөөбүттэрэ. Ил Дархан бырамыысалыннай хампаанньалар үлэлиир сирдэригэр-уоттарыгэр баар нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай эбийиэктэри тутууга көмө оҥороллоро тоҕоостооҕун туһунан эттэ. Аҕыйах ахсааннаах хотугу сир норуоттара олорор сирдэригэр ураты болҕомто ууруллуохтааҕын чуолаан бэлиэттээтэ.
Айсен Николаев Ленскэй куоракка ааспыт сыл балаҕан ыйыгар мобилизациянан ыҥырыллыбыт байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр сырытта. Байыас кэргэнэ өйөбүл төлөбүрүн барытын ылбытын туһунан эттэ. Ленскэй улууһун өттүттэн дьиэлэригэр гааһы киллэрэргэ материальнай көмө оҥоһуллубут, итиэннэ социальнай гаастааһын бырагырааматынан субсидия бэриллибит.
Наука үлэһиттэрин кытта
От ыйын 28 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ наукатын үлэһиттэрин кытары көрсүһүүтүгэр Саха сиригэр наука салгыы сайдыытын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев «Өрөспүүбүлүкэ наукатын уонна технологиятын 1000 лидердэрэ» научнай каадыры бэлэмнээһиҥҥэ туһуламмыт бырайыак олоххо киирэрин туһунан иһитиннэрдэ. Ыччат интэриэһин наукаҕа тардар, талааннаах эдэр дьону, фундаментальнай науканы өйүүр сыалтан бырабыыталыстыбаҕа кэлэр сылтан Ил Дархан гранын суумматын үс төгүл – 5 мөл. солк. сууматтан 15 мөл. солк. диэри үрдэтэн, ол эбэтэр 750 тыһыынчалыы солкуобайдаах 20 граны аныырга сорудахтаата. Наука уопсастыбаннаһын кытары бииргэ Саха сирин оҥорон таһаарар күүстэрин биир кэлим чинчийии бырагырааматын III түһүмэҕин тэрийиини саҕалыырга эттэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ тырааныспар, суол-иис боппуруостара
«Судургу тылынан» подкаһын саҥа таһаарыытын Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ тырааныспар, суол-иис боппуруостарыгар анаата. Саха сирин климатыгар уонна киэҥ сиригэр-уотугар суоллары уонна муосталары тутуу сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бу эйгэҕэ 2018 с. туруорбут соруктарын толорууга билигиҥҥи туругунан туох уларыйыылар тахсыбыттарын уонна дьон олоҕун хаачыстыбатыгар хайдах сабыдыаллаабыттарын туһунан кэпсээтэ.
«Саха сирин, иннин диэки!» биэриигэ
Ил Дархан «Якутия 24», «Саха» НКИХ ханаалларыгар, «Тэтим» араадьыйаҕа «Саха сирин, иннин диэки!» биэриигэ кыттынна. Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардара уустуктук ааһалларын, уопсайынан ыллахха, балаһыанньа хонтуруолга тутулларын, билигин Уус Маайа уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар улахан баһаардары умулларыыга күүс-кыах ыытылларын бэлиэтээтэ. Айсен Николаев атын эрэгийиэннэртэн көмөҕө кэлбит «Авиалесохрана» үлэһиттэригэр махтанна.
Ил Дархан тупсаҕай эйгэни оҥоруу куонкурустарыгар өрөспүүбүлүкэ бырайыактарын кыайыыта – Саха сирин архитектордарын үлэтин хаачыстыбатын экспертэр үрдүктүк сыаналыылларын көрдөрөр диэн эттэ. Ол курдук, быйыл Уһук Илин эрэгийиэннэрин бастыҥ бырайыактарыгар Майаттан, Орто Халыматтан, Бүлүүттэн, Мииринэйтэн, Нерюнгриттан биэс бырайыак киирдэ.
Айсен Николаев Саха сиригэр Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарыгар олоҕуран дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан сайдыы бырайыактарыгар 3,3 млрд солк. кээмэйдээх казначейскай анал кирэдьиити биэриини бигэргэппиттэрин иһитиннэрдэ. 500 мөл солк. Нерюнгрига балыыһа комплексын саҥардыыга көрүллүөҕэ. Оттон 1 млрд 300 мөл. солк. үп Дьокуускай 17 кыбаарталын «Спортивнай» аччыгый түөлбэтигэр социальнай инфраструктураны тутууга ыытыллыа5а. Ону тэҥэ Дьокуускайга тупсаҕай оҥоруу бырайыактара үлэҕэ киириэхтэрэ: Ленин болуоссатын, Сайсары кытылын уонна бастакы олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев аатынан кытылы саҥардыы.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ социальнай хайысхалаах
От ыйын 29 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ социальнай хайысхалааҕын туһунан Айсен Николаев 2024-2026 сылларга бүддьүөтү торумнааһыҥҥа анаммыт сүбэ мунньахха эттэ. Онуоха билигиҥҥи уустук усулуобуйаҕа бүддьүөт дохуоттаах чааһын уонна ороскуотун сөпкө быһаарыы кыаҕы биэрэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, хамнас төлөбүрүн үрдэтиини толорууга, тыа хаһаайыстыбатын уонна табаары оҥорон таһаарыыны өйөөһүҥҥэ, дьиэ-уот хомунаалынай эйгэтин субсидиялааһыҥҥа. Маны сэргэ социальнай эбийиэктэри тутуу, саахалланар дьиэлэртэн көһөрүү былаана туолуута үбүлэнэр. Ил Дархан гаастааһын эйгэтигэр үп көдьүүстээх төрүттэрин булуу уонна гаас-мотуор оттугар түргэнник көһүү сорудаҕын туруорда. Ньиэп-гаас хампаанньаларын кытта ыкса үлэлэһэргэ, бөдөҥ бэдэрээтчит тэрилтэлэри өрөспүүбүлүкэҕэ регистрациялаан, бүддьүөккэ нолуок киириитин улаатыннарарга сорук туруорда.
«Итэҕэл сүбэтэ» түмсүү кыттыылаахтарын кытта
Ил Дархан Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр «Итэҕэл сүбэтэ» түмсүү кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүтүгэр саха төрүт култууратын туһунан кэпсэттилэр. Мустубут дьон саха үгэһин киинин тутууну туруорсубуттарыгар, Ил Дархан тутулла турар Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба баараҕай киинэ үс киэҥ ураһалаах буолуохтааҕын, ол онтон биирдэстэрэ сиэр-туом түһүлгэтэ, саха омугун духуобунай култууратын киинэ буолара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Түмсүү кыттыылаахтарыгар тутатына сүбэлэһэн, бэйэҕит этиилэргитин киллэриҥ диэтэ.
Дьокуускайга Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы уонна Судаарыстыбаннай филармония киинин тутуу
Ил Дархан Дьокуускайга Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы уонна Судаарыстыбаннай филармония киинин тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Тутааччылар үлэни 2024 сыл бүтүүтүгэр түмүктээн, Киини үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Айсен Николаев тутуу тэтимин түргэтэтэн, монолит-каркааһын оҥорон, ититиини биэрэн, кыһыҥҥы кэмҥэ эбийиэккэ үлэ барарыгар бэлэмнииргэ сорудахтаата. Манна икки симиэнэнэн 200-тэн тахса киһи үлэлии сылдьар. Киин Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа тиийэ култуура улахан, баараҕай тутуутунан буолуохтаах. Уопсай иэнэ – 33 тыһ. кв. м., мэндиэмэнэ – 7. Тутуу үрдүгэ – 36,7 м. дьон-сэргэ олорон көрөр уопсай миэстэтэ – 1 530. Судаарыстыбаннай филармония, Олоҥхо тыйаатыра уонна П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра манна олохсуйуохтара. Тэрээһиннэри ыытар, быыстапкалыыр, сиэр-туом саалалара, тыаһы-ууһу устар уонна таҥар устуудьуйа баар буолуохтаахтар.
«Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак
Ил Дархан «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан Дьокуускай таһынааҕы суолу-ииһи өрөмүөннээһин хаамыытын көрдө. Үлэни былаан быһыытынан 2024 сылга түмүктүөхтээхтэрин, болдьоҕун иннинэ бүтэриэхтэрэ. Сыырдаахха Кымньыылаах уулуусаҕа 1,434 м. уһуннаах, Тулагыга Первомайскай, Совхознай уонна Строительнай уулууссаларга 1,473 м. уһуннаах суолу оҥороллор. Салгыы Айсен Николаев «Сатал» СОТ таһыгар элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактара бэриллибит Хотугу түөлбэҕэ суол өрөмүөнүн көрдө. Манна 2019 сыллаахха 6,5 км суолга таас-кумах булкадаһыга кутуллубут. Быйыл 9 км, эһиил өссө 8 км суол оҥоһуллуоҕа.
Тулагыга
Айсен Николаев Тулагыга 2022 сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киирбит амбулатория үлэтин көрдө. Манна Тулагы, Капитоновка, Сыырдаах уонна Киллэм 4300-тэн тахса олохтооҕо сыһыарыллыбыт. Дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн 111 №-дээх оптуобус сырыытын тэрийбиттэр. Амбулатория аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир тэриллэрдээх, миэбэллээх. Мэдиссиинэ каадырдарынан, ол иһигэр «Земскэй доктор» бырагыраама көмөтүнэн, 100% хааччыллыбыт. Терапевт, акушер-гинеколог, ЭКГ, быһыы туруоруу, күнүскү стационар бааллар. Анаалыс ылаллар. Жатай, Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинин поликлиникаларыттан кэлэн көрөллөр. Ил Дархан амбулатория суолун-ииһин аспааллыырга, тиэргэнигэр үүнээйини олордорго эттэ.
Айсен Николаев Тулагыга тупсаҕай эйгэни тэрийии хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Связистар уулуссаларын 1, 2 №-дээх дьиэлэрин тиэргэнигэр үлэни балаҕан ыйын 30 күнүгэр бүтэрэр былааннаахтар. Манна дьоҕус паарка баар буолуоҕа. Бырайыагы дьүүллэһиигэ олохтоохтор бэйэлэрин баҕа санааларын эппиттэрин, толороллор.
Эбийиэктэри тутууну уонна саҥардыыны сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕа
От ыйын 30 күнэ. Ил Дархан эбийиэктэри тутууну уонна саҥардыыны сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анаммыт адаптивнай үөрэх комплексын тутууга ыстаап тэрийэргэ сорудахтаата. Эбийиэккэ инженернай ситими тардыы боппуруоһугар ымпыктаан-чымпыктаан үлэлэһэргэ, ол иһигэр уунан хааччыллыыга учаастакка скважинаны үүттүүр төһө тоҕоостооҕун көрөргө соруйда. 550 миэстэлээх оскуолалаах, 200 миэстэлээх уһуйааннаах, 150 миэстэлээх интернаттаах адаптивнай комплекс быйылгыттан тутуллан, 2024 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэҕэ.
Өлүөхүмэ улууһугар
Айсен Николаев Өлүөхүмэ улууһугар үлэлээтэ. Ил Дархан Өлүөхүмэ куоракка киириигэ гаас ситимин бастакы сүһүөҕүн сыбааркалаан силбэһиннэрэргэ хамаанда биэрдэ. Бу улуус нэһилиэктэригэр 2023-2026 сылларга киэҥ далааһыыннах гаастааһын үлэтин саҕаланыыта буоларын бэлиэтээтэ. 2024-2025 сылларга улуус киинигэр 1000-тан тахса дьиэ ситимҥэ холбонуоҕа. Улуус 43 хочуолунайа гааска көһүөҕэ. Гаастааһыҥҥа «Газпром» ПАУо 8 млрд 800 мөл. солк. үбүлүүр.
Ил Дархан «Газпром» ПАУо-ны кытта бырагыраама чэрчитинэн Саха сирин соҕуруу өттүн 2021-2025 сылларга гаастаһын боппуруостарыгар мунньах ыытта. «Сибиир күүһэ» магистральнай утаҕыттан Өлүөхүмэҕэ 17, Алдаҥҥа 8, Ленскэйгэ 3, Нерюнгрига 2 нэһилиэнньэллээх пууннарга баар 8403 дьиэҕэ, 71 хочуолунайга күөх төлөн кэлиэҥэ, 782 км гаас ситимэ тардыллыаҥа. Бөһүөлэк иһинээҕи ситимнэри «Сахатранснефтегаз» АУо тутуоҕа. Айсен Николаев Өлүөхүмэ куорат Транзитнай уулуссатын «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан ыытыллар өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ. Манна 7,5 км уулуссаҕа сиэмэн-бетон тэлгиэхтээхтэр, тротуар ууруохтаахтар, оптуобус тохтобулларын, павильоннары уларытыахтаахтар, ардах уутун лотуоктарын оҥоруохтаахтар. Өрөмүөн үлэтэ 2024 сылга түмүктэниэхтээх.
Ил Дархан Мариинскай скверы уонна куорат киинин «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан тупсаран оҥорууга үлэ хаамыытын көрдө. Дьон сатыы сылдьар сиригэр аспаал, бетон ууран, ыраас буолууну хааччыйарга, көҕөрдүүгэ болҕомто уурарга эттэ. Манна икки улахан оҕо былаһаакката, ворк-аут оҥоһуллар. Уу сүүрдэр ханааба бетоннаммыт. Балаҕан ыйыгар үлэ түмүктэниэҕэ.
Айсен Николаев Өлүөхүмэ куораты уунан хаачыйар ситими саҥардыы бастакы түһүмэҕэр ыытыллыбыт үлэни бэрэбиэркэлээтэ. Ууну ыраастыыр ыстаансыйаны реконструкциялаабыттар, дизельнай электро-ыстаансыйа, модульнай хочуолунай, ыскылаат, уу резервуардара оҥоһуллубуттар. Ил Дархан иккис түһүмэххэ саҥа носуос ыстаансыйатын тутуутун түргэтэргэ сорудахтаата.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Атырдьах ыйын саҕаланыытыгар — кус оҕото көтөр, сугун, моонньоҕон буһан ситэр, Ылдьыын куйааһа түһэр дойдубут самаан сайынын биир ураты үтүө кэмигэр үктэммиппитинэн! Этэҥҥэ буолуоҕуҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: