Салгыы
Ил Дархан нэдиэлэтэ: Уһук Илиҥҥэ инники кэккэҕэ

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Уһук Илиҥҥэ инники кэккэҕэ

Ааптар:
15.09.2022, 16:08
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 5-7  күннэригэр Айсен Николаев салайар Саха сирин улахан дэлэгээссийэтэ VII Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа үлэлээтэ. Ил Дархан ааспыт нэдиэлэҕэ үлэтин билиһиннэрэбит.

СИБЭЭС

Балаҕан ыйын 5 күнэ. Пуорум бастакы күнүн саҕаланыытыгар Ил Дархан «Глонасс» генеральнай дириэктэрэ Игорь Милашевскайдыын ГЛОНАСС сервиһигэр өрөспүүбүлүкэ информационнай-аналитическай тиһигин холбуур туһунан кэпсэттилэр. Салгыы Ил Дархан Саха сирэ уонна Арассыыйа почтатын икки ардыгар сөбүлэһиигэ илии баттаата. 2025 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ почта сибээһин 40 отделениета аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына саҥардыллыа, ол онтон быйыл аҕыһа олоххо киириэ.

ТӨРҮТ ОМУКТАР САЙДЫЫЛАРА

Пуорум бастакы күнүгэр Саха сирэ уонна Сибиир, Уһук Илин хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын ассоциациятын кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэһии түһэристэ.
Сөбүлэһии быһыытынан хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар сокуоннай интэриэстэрин көмүскүүргэ, кыһалҕаларын быһаарарга, култуурунай, социальнай сайдыыга туһуламмыт федеральнай, эрэгийиэннээҕи бырагыраамаларга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Хотугу эрэгийиэннэр социокултуурунай сайдыыларыгар анаммыт мунньахха Айсен Николаев Саха сиригэр этнологическай экспертиза туһунан Өрөспүүбүлүкэ Саха сирин сокуонун уопутун кэпсээтэ. Сокуон чэрчитинэн бырамыысыланнай хампаанньалартан 5 сыл иһигэр 37 млрд солк. кэриҥэ үп Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көрүллүбүт. Ил Дархан этнологическай экспертиза туһунан федеральнай сокуон ылыллыахтааҕын эттэ уонна «Сир баайын туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэри туруоруста.

БЫРАМЫЫСЫЛАННАС

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Сыллаахтааҕы чох разреһа үлэтин саҕалаата. Бу Нерюнгри оройуонугар баар таас чох саппаастаах сирин туһаҕа таһаарыы дойдуга биир улахан бырайыагынан буолар. Бырайыагы «АнтрацитИнвестПроект» тэрилтэ сүрүннүүр. 21 млрд солк. инвестиция чоҕу хостооһуҥҥа, тимир суолун тутууга, байытар фабриканы,
инфраструктура эбийииэктэрин тутууга туһуланыаҕа. 1170 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыахтаах.
Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар министиэристибэтэ, Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ, «Росатом» уонна Саха сирэ
өрөспүүбүлүкэ арктическай зонатыгар хайа бырамыысыланнаһын сайыннарар туһунан сөбүлэһии түһэристилэр. Ол курдук Усуйаана уонна Дьааҥы улуустарыгар
бырамыысалыннас сайдыа. Уус Куйгаҕа, Депутатскайга уонна Хайырга социальнай эбийиэктэр тутуллуохтара, дьиэ-уот саҥардыллыа, хаарбах дьиэлэр көтүрүллүөхтэрэ. Бырайыакка 235 млрд солк. инвестиция оҥоһуллуо. 5111 саҥа үлэ миэстэтэ тэриллиэ.
Саха сирэ олохтоохтору бырамыысыланнаска ыҥырар «Навахту.рф» мобильнай сыһыарыыны сүрэхтээтэ. Сыһыарыыга хампаанньалар ирдэбиллэрэ уонна үлэ көрдүүр дьон резюмета тэҥинэн түмүллэр.
Айсен Николаев уонна АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов «Мир» алмаас баайдаах сиргэ сир аннынааҕы саҥа руднигы тутар
туһунан кэпсэттилэр.

ЛОГИСТИКА

Балаҕан ыйын 6 күнэ. Пуорум иккис күнүгэр Ил Дархан Амурскай уобалас губернатора Василий Орловтыын Амур өрүскэ тимир суол муостатын тутуу туһунан кэпсэттилэр. Манна Дьалында – Мохэ (Кытай) хайысхатынан кыраныысса нөҥүө аһардар саҥа пуун тутуллуохтаах. Бу суолунан Саха сирин бырамыысыланнаһын бородууксуйата экспорка таһаарыллыа.
Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Саха сирэ, Магадан уобалаһа уонна «Саха сирин тимир суоллара» Аллараа Бэстээхтэн Магадаҥҥа диэри тимир суолу аҕыс сыл иһигэр тутар туһунан сөбүлэһиигэ  илии баттастылар. «Бу хайысхаҕа тимир суол тутулуннаҕына хоту эрэгийиэннэргэ таһаҕаһы тиэрдии сыаната чэпчиэ уонна сылы эргиччи тиэрдии олохтонуо,
Саха сирин 15% олохтооҕо сылы эргиччи тырааныспарга эрэйдэниэ суоҕа», — диэн Ил Дархан эттэ.
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа хоту таһаҕаһы таһыы туһунан сокуон барылын ырытыыга Айсен Николаев үбүлээһин боппуруоһа чопчу ыйыллыахтааҕын туһунан бэлиэтээтэ. Ил Дархан этэринэн, федеральнай бүддьүөт хоту таһаҕаһы тиэрдиигэ анаан тэрилтэ баантан ылбыт кирэдьиитин бырыһыана толуйуллуохтаах. Сокуоҥҥа быстах кэмҥэ
туттуллар массыына суоллара (кыһыҥҥы айан суола) диэн өйдөбүл бигэргэниэхтээх.

ЭНЕРГЕТИКА

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр ВЭФ былаһааккатыттан Муомаҕа Хонууга, Саһыырга, Кулун Өлбүккэ уонна Чуумпу Кытылга түөрт гибриднай энергокомплексы үлэҕэ киллэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ РФ энергетикаҕа миниистирэ Николай Шульгинов кытынна. Саҥа станциялар үлэҕэ киирэн сылга 980 тыһ. туонна дизельнэй уматык кэмчилэниэхтээх.
Саха сирэ уонна «РусГидро» Амма улууһугар энергетика инфраструктуратын сайыннарыыга сөбүлэһии түһэристилэр. Сөбүлэһии чэрчитинэн «Сулҕаччы – Амма» үрдүк күүрүүлээх уот линията, 110 кВ кыамталаах «Амма» подстанцията тутуллуо.
Балаҕан ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев пуорум «Уһук Илин уонна Арктика – саҥа энергетика территорията» диэн сессияҕа Саха сиригэр олоххо киирэр  бырайыактар туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, Уус Куйга тутуллар кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа Арктика сирэ-уота сайдыытыгар, саҥа быраамысыланнас киинэ төрүттэнэригэр сабыдыалын бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев «Көдьүүстээх энергетика – экономика и экология балансата» диэн сессияҕа Саха сиригэр 2024 сылга диэри энергетика сайдыытын былааннарын туһунан кэпсээтэ. Саха сиригэр күн күүһүнэн үлэлиир энергетиканы сайыннарыыга дойдуга бөдөҥ бырайыак олоххо киирэр. 2024 сылга диэри 72 дизельнэй ыстаансыйа саҥардыллыа. 30 нэһилиэк хочуолунайын убатыллыбыт айылҕа гааһыгар көһөрүөхтэрэ.

КЭСКИЛЛЭЭХ КЭПСЭТИИЛЭР

Дьокуускайга Адаптивнай үөрэх комплексын тутуохтара. Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир үөрэх киинигэр 550 миэстэлээх оскуола, 200 миэстэлээх уһуйаан и 350 миэстэлээх интэринээт баар буолуо. Эбийиэк тутуута 2023 сылга саҕаланыа уонна 2024 сыл бүтүүтэ түмүктэниэ. Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтин бырайыагын иһинэн
1,3 млрд солкуобай федеральнай субсидия көрүллүбүт.
Графенҥа олоҕурбут үрдүк технологиялары оҥорууну Саха сиригэр сайыннарыахтара. Ол туһунан сөбүлэһиигэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Элемент» АУо бэрэсидьиэнэ
Илья Иванцов илии баттаатылар.
Суперконденсатордары таҥан оҥорууга анаан оборудованиены үбүлүөхтэрэ, саҥа үлэ миэстэтин тэрийиэхтэрэ.

ПУОРУМ ТҮМҮКТЭРЭ

VII Илиҥҥи экономическай пуорум түмүгүн таһаардахха, быйыл Саха сирэ барыта 330 млрд солк. тахса суумалаах 39 дуогабары түһэристэ. Уһук Илин эрэгийиэннэригэр Саха
сирэ түһэрсиллибит дуогабардарын ахсаанынан да, уопсай сууматынан да бастакы миэстэҕэ таҕыста.
Айсен Николаев пуорум түмүгүн таһаарарыгар: “Инвестиция бырамыысыланнаска эрэ буолбакка, араас эйгэҕэ, тутууттан саҕалаан генетика боппуруостарыгар тиийэ туһуланна. “Мииринэй” рудник тутуутугар 120 млрд солкуобай көрүлүннэ. Вице-премьер Юрий Трутнев кыттыылаах биир улахан бырайыакпытыгар дуогабар баттастыбыт. Ол хайа-бырамыысыланнай кластерын сайдыыта. Атомнай энергияны туһанан бу кэлэр сылларга Усуйаана улууһугар биир улахан кластер тутуллуо”, – диэн бэлиэтээн эттэ.

СОЦИАЛЬНАЙ ГААСТААҺЫН

Балаҕан ыйын 8 күнэ. Бу күн РФ энергетикаҕа миниистирэ Николай Шульгинов кэлэн, Саха сиригэр сырыытын Мэҥэ Хаҥаластан саҕалаата. Бүтэйдээх сэлиэнньэтигэр күөх төлөн умайар үөрүүлээх тэрээһинигэр Айсен Николаевтыын кытынна. Быйыл социальнай гаастааһын бырагырааматынан эбии 14,3 км ситим тардыллан (урут 15,8 км баара),
хаалбыт 220 дьиэҕэ гаас киирдэ.
“Владимир Путин гаастааһыны тэтимирдэр дьаһалыгар олоҕуран, быйыл кылгас кэм иһигэр нэһилиэк толору гаастанна. Социальнай гаастааһын бырагырааматынан быйыл  өрөспүүбүлүкэҕэ 3 тыһ. кэриҥэ ыал гааска босхо холбонуо. 2030 сылга диэри барыта 11 тыһ. ыал дьиэтигэр күөх төлөн кэлэрэ күүтүллэр”, — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

СҮӨҺҮ АҺЫЛЫГЫН БЭЛЭМНЭЭҺИН

Балаҕан ыйын 9 күнэ. Ил  Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ сүбэ мунньах ыытта. Бүтэһик нэдиэлэ устата өрөспүүбүлүкэҕэ 12 тыһ. туонна оттообуттар. Уопсайа 342,5 тыһ. туонна соҕотуопкаланан, былаан 77% туолбут.  Билиҥҥитэ 208 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Айсен Николаев хаалбыт кэмҥэ тэтими ыһыктыбакка, оттоһун үлэтин күүһүрдэр соругу туруорда.

ДЬОКУУСКАЙ 390 СЫЛА

Балаҕан ыйын 10 күнэ. Киин куорат үбүлүөйүгэр анаммыт үөрүүлээх мунньах Опера уонна балет тыйаатырыгар буолан ааста. Үөрүүлээх мунньахха Айсен Николаевка Дьокуускай куорат бочуоттаах аатын иҥэрдилэр. Айсен Сергеевич: «Куорат бочуоттаах олохтооҕун үрдүк аатын сүгүү бу өрөспүүбүлүкэ салайааччытын быһыытынан Дьокуускайы ирбэт тоҥҥо турар бастыҥ куорат оҥорорго улахан эппиэтинэс буолар», — диэн долгуйан туран эттэ.
Ил Дархан Мархаҕа олорор элбэх оҕолоох ыалга сырытта. Биэс оҕолоох Елена Тирская уонна кини бииргэ төрөөбүт балта икки оҕотун кытта бары Есенин аатын уулуссаҕа сааххаланар туруктаах чааһынай дьиэҕэ олорбуттара. Быйыл саас куорат олохтооҕо Татьяна Сергеева Ил Дархаҥҥа бу элбэх оҕолоох ыалга көмөлөһөрү туруорсубута.
Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия эрэгийиэннээҕи салаатыгар дьаһайан, үлэ баран, 7 оҕо уонна икки ийэ саҥа дьиэҕэ көстүлэр.

Афанасий НОЕВ,
Ил Дархан
пресс-сэкирэтээрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: