Ил Дархан Нерюнгри баһылыгын кытары көрүстэ
Айсен Николаев бүгүн Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельнягы кытары көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр оройуоҥҥа байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу үрдүк таһымнааҕа бэлиэтэннэ.
«Билиҥҥи кэмҥэ ким да туора туруо суохтаах, бары өрөспүүбүлүкэ, федеральнай таһымҥа олохтоммут көмө миэрэлэрэ кэмигэр оҥоһуллуохтаахтар. Муниципальнай таһымҥа анал байыаннай дьайыыларга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр туһааннаах өйөбүл оҥоһуллуохтаах. Итиниэхэ эһиги улуускутугар оҥоһуллар үлэлэргит иһин махтанабын», – диэн Айсен Николаев эттэ.
Маны таһынан Нерюнгри оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан ыйаах туолуутун хаамыытын дьүүллэстилэр.
Санатар буоллахха, 2026 с. диэри тутуллуохтаах инфраструктура эбийиэктэрэ докумуонунан чопчуланан тураллар. Ол иһигэр, Нерюнгри куоракка доруобуйа харыстабылын 12 эбийиэгэ саҥардыллара уонна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллара, 500 миэстэлээх орто анал үөрэх устудьуоннарын кампуһун бырайыактааһын, 109 миэстэлээх Соҕуруу Саха сиринээҕи технологическай кэллиэс уопсай дьиэтин үһүс блогун саҥардыы, «Арктика» оскуолатын саҥа үөрэнэр куорпуһун итиэннэ Чульмаҥҥа саҥа оскуоланы, мини-стадиону, Иенгра сэлиэнньэтигэр баһаарынай депону тутуу киирэллэр.
Ону сэргэ «Р» квартал 1 түһүмэҕин комплекса тутуллуо, хаарбах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү бырагыраамаларын иккис түһүмэҕэ түмүктэниэ, 39 км итэҕэһэ суох суол ситимэ өрөмүөннэниэ, Нерюнгри куорат уонна да атын нэһилиэнньэлээх пууннар дизайннара оҥоһуллуо.
«Үбүлээһини уонна өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ уонна биэдэмистибэлэрэ кытталларын эрэйэр бары пууннары көрдүбүт. Биһиги иннибитигэр турбут соруктары толорорго ылыстыбыт», – диэн эттэ көрсүһүү түмүгэр Роман Щегельняк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: