Ил Дархан Нерюнгри балыыһатын өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ

Share

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэҕэһээ, ахсынньы 28  күнүгэр, Нерюнгри киин балыыһатын өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ.

Эрэгийиэн салайааччыта Нерюнгри куораты сайыннарыы маастар-былааныгар киирбит балыыһа комплексын «А» эмтиир куорпуһугар туох үлэ ыытыллыбытын көрдө. Алтынньыга манна үлэ бастакы түһүмэҕэ — тас өттүн, киирэр сири, түннүктэрин оҥоруу үлэтэ түмүктэммитэ. Иккис түмүһэҕин, ис өттүгэр үлэни уонна сирин-уотун тупсарыыны кэлэр сыл кулун тутар уонна муус устар ыйдарыгар былаанныыллар.

Нерюнгригэ доруобуйа харыстабылын эбийиэгин саҥалыы уларытан оҥоруу үлэтин туһунан оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Алексей Яворскай билиһиннэрдэ.

«Нерюнгри киин балыыһатыгар үс эбийиэги саҥардан оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Ол курдук, КВД, дьахталлар консультацияланар сирдэригэр  уонна «Б» эмтиир куорпуска«, — диир Алексей Яворскай.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Үүнэр 2024 сылга Нерюнгригэ өссө үс эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллара былааннанар.  Бу улахан дьон көрдөрөр поликлиникаларыгар, акушер куорпуһугар уонна суһал көмөнү оҥорор ыстаансыйаҕа.

«Б» эмтиир куорпуска үлэ саҕаламмыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьиэ иннигэр үлэ ыытыллар, түннүктэрин уларыталлар, ис өртүн оҥороллор.

Балыыһа «А» уонна «Б» куорпустара мэдиссиинэ саҥа тэрилинэн хааччыллыахтара.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Санатан эттэххэ, Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннара Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһуллубуттара.

Сиһилии манна https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3382985 ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

33 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

3 часа ago