Ил Дархан Нерюнгрига оробуочай сырыытын кэмигэр “Култуурунай паарка” хайдах тутулла турарын бэрэбиэркэлээтэ.
Бырайыак ааспыт сылга дьоҕус куораттарга уонна дьон олохсуйбут историческай сирдэригэр куорат эйгэтин эбийиэктэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарын кыайыылааҕынан буолбута, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
“Култуурунай паарка” бырайыагы олоххо киллэрэр үлэ быйыл сайын саҕаламмыта, манна федеральнай бүддьүөттэн 150 мөл. солк. бэриллибитэ.
“Култуурунай паарка турар сирэ Ненрюнгри ортотугар баар буолан, куорат олохтоохторо сөбүлээн сылдьар сирдэринэн буолуоҕа. Хайаан да кинилэр тугу баҕаралларын учуоттуохха наада”, — диэн бэлиэтээн эттэ Айсен Николаев. Билигин манна эргэ тутуулары көтүрэ сылдьаллар, матырыйааллары, оборудованиены атыылаһаллар. Култуурунай паарканы тутуу 2025 сыл сэтинньи 30 күнүгэр түмүктэниэхтээх.
Саҥа уопсастыбаннай эйгэ А.С. Пушкин аатынан Култуура, духуобунас киинин аттыгар баар. Ол иһин “Сибиирдээҕи урбанистика лабаратыарыйатыттан” сылдьар бырайыагы оҥорооччулар култуураны сүрүн тиэмэнэн талбыттара.
Паарка хоту өттө наллаан сынньанарга аналлаах, киин өттүгэр араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара, оттон соҕуруу өттө быдан көхтөөх буолара күүтүллэр. Чуумпу искибиэргэ араас өйдөбүнньүктэр, олорор олбохтор туруохтара. Мантан арт-эбийиэктэринэн киэргэтиллибит сатыы киһи сылдьар суоллара барыахтара.
Култуура, духуобунас киинин иннигэр креативнай олохтоохтор үлэлэрин быыстапкалыыр сирдэрэ баар буолуо. Информационнай истиэндэ туруоҕа. Паарка киин өттүгэр кафелаах “Дьикти түгэн” ичигэс павильон баар буолуо. Аллеяны кыйа уоттаах хачыаллар ыйаныахтара. Бу эйгэ киининэн сырдатыллар уоттаах “Кинигэ” арт-эбийиэк буолуоҕа, манна олохтоох бэйиэттэр айымньылара киириэхтэрэ. Аллея куорат тэрээһиннэрэ ыытыллар сыананан бүтүөҕэ. Сыана утары дьоҕус амфитыйаатыр туруоҕа.
Ыччат эйгэтэ ЗАГС дьиэтин утары баар. Манна доҕотторгун кытта көрсөргөр клумбалардаах олорор сирдэр туруохтара. Клумбаларга олохтоохтор бэйэлэрэ сибэккилэри аҕалан үүннэриэхтэрэ.
Паарка соҕуруу уонна илин өттүлэригэр араас саастаах оҕолорго аналлаах былаһааккалар бааллар. Кыһынын оҕолор оонньуулларыгар анаан мас “горка” тутуллуоҕа.
“Култуурунай паарка” бырайыак көмөтүнэн Нерюнгрига араас саастаах дьон астына сылдьар уопсастыбаннай эйгэлэрэ баар буолуоҕа.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…