Ил Дархан Нерюнгритээҕи лесничествоҕа сырытта уонна КЧС мунньаҕын ыытта

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Нерюнгригэ оробуочай сырыытын кэмигэр Нерюнгритээҕи лесничествоҕа сылдьан, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ.

-Сайын  —  лесничэйдэр үлэлэрин үгэнэ. Билигин оройуоҥҥа  22 ойуур баһаара баар. Лесничество көрөр-истэр зонатыгар нэһилиэнньэлээх пууннарга ойуур баһаарын куттала суох.  Үлэһиттэр кэмигэр сэрэтэр үлэлэри ыыталлар, хонтуруоллууллар. Маны таһынан кинилэр ойуур баһаардарын умуруорууга тэҥҥэ үлэлэһэллэр, — диэн Ил Дархан телеграмҥа ханаалыгар суруйда.

t.me/aisen_nikolaev
t.me/aisen_nikolaev
t.me/aisen_nikolaev

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга маны сэргэ бүгүн Нерюнгригэ  ойуур баһаардарынан КЧС мунньаҕын ыытта. Билиҥҥитэ балаһыанньа тыҥааһыннаах,  118 ойуур баһаара баар.  «Ордук сытыы быһыы-майгы өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр үөскээтэ»,- диэн  иһитиннэрдэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Якутск – исторический!» бэстибээл буолла

Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Дьокуускайга "Эргэ куорат" оройуонугар «Якутск – исторический!» бэстибээл буолла. Тэрээһиҥҥэ…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

15:00 чаас: 30,37 % киһи куоластаата

Бүгүн 15:00 ч. дааннайынан, 30,37 % киһи куоластаата диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр. Улуус…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта оҕолоох ийэ быыбарга көхтөөхтүк кыттар

Аллараа Халыма улууһун Колымскай сэлиэнньэтин (Халарчы нэһилиэгэ) 394 №-дээх быыбардыыр учаастагар алта оҕолоох ийэ,  2025…

49 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Угуйугунан аһара үлүһүйбэккэ…

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн дойду үрдүнэн куйаар ситимигэр угуйук туһунан сокуон үлэтин саҕалаата. Саҥа сокуон…

1 час ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Воин» киин курсааннарын бастакы хамаандата Хабаровскай кыраайтан кэллэ

Бөлүүн түүн Хабаровскай кыраай хамаандата Саха сиригэр «ВОИН суола» байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэригэр кытта көтөн кэллэ. «Амур…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Аарыма тайах Төҥүлү суолугар

Бүгүн социальнай ситиминэн  аарыма улахан тайах суолу туоруур  видеота тарҕаттылар. Тайах Төҥүлүлүүр суолу туораабытын иһитиннэрдилэр.

2 часа ago