Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев «Аармыйа-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы байыаннай-тэхиньиичэскэй пуорумҥа кыттыыны ылар.
Суолталаах тэрээһин атырдьах ыйын 12 күнүттэн РФ Сэбилэниилээх күүстэрин «Патриот» байыаннай-патриотическай култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар саҕаламмыта.
Айсен Николаев пуорум экспозициятын кытта билистэ. Онно Арассыыйа араас тэрилтэлэрэ байыаннай дьайыылар наадаларын учуоттаан оҥорбут сэбилэниилээх күүстэрин уонна тэриллэрин холобурдарын билиһиннэрии буола турар. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Саха сириттэн кыттар тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин кытта кэпсэттэ. Ил Дархан быйылгы быыстапканы «Север» научнай-үөрэтэр киин тэрийбитин бэлиэтээтэ. Бу киин 12 тэрилтэни түмтэ. Оҥорон таһаарааччылар бары байыаннай биригээдэлэри кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр, онон тустаах ирдэбил учуоттанар.
“Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирэ аныгы технологияны тутуһан оҥорон, байыаннай тиэхиньикэни сэриилэһэ сылльар чаастарга ыытар. Ол курдук, “Сокол” квадроцикллара уонна “Хоту-Тент” тэриллэрэ сөптөөхтүк туһанылла сылдьаллар. Бүгүн биһиги саллааттарбытыгар тиэрдиллибит араас оҥоһук киэҥ араҥатын билиһиннэрдибит. Сублимированнай ас-үөл бородууксуйатыттан саҕалаан, саҥа «Рысь» бадараан устун айанныыр тиэхиньикэҕэ, «Тимир ат» электроматаһыыкылга тиийэ”, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Саха сирин оҥорон таһаарааччылара бэйэлэрин бородуукусуйаларынан пуорумҥа үһүс төгүлүн кытталлар. Сыл аайы кыттааччы ахсаана элбиир. Быйыл тэрээһин чэрчитинэн 15 тэрилтэ бэйэтин саҥа бородууксуйатын билиһиннэрдэ. Ол курдук, «Якутия» технопаарка резиденнэрэ «Кангалассы» ТОР уонна «Север» НОЦ, «Север-Тент», «Арктех», Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет, «Лиханов пиэрмэтэ», «ЛАБЫКТА» пиирмэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, «Север-СТТ», «ЛИС», ТД «Восток», «Сахатек-АРМС», АНИЦ, «Сокол-ЯКТ», «Рысь» вездеход тэрилтэтэ, «Зелёная энергия», Дьокуускайдааҕы хочуол собуота тэрилтэлэр кыттыыны ыллылар.
Быыстапкаҕа үрдүк сыананы ылбыт «Якт-Сокол» уонна «Рысь» хаарынан уонна бадараанынан айанныыр тиэхиникэлэр, ону тэҥэ саҥа «Тимир Ат» электроматаһыыкыл, бааһырбыттары таһар «Як-14М» пилота суох платформа тураллар. Маны таһынан, байыаннай оһохтору хочуол собуота туруорда. Пилота суох көтөр тэриллэри уонна дрону утары үлэлиир тэриллэри эмиэ көрдөрөллөр. Ону тэҥэ «Север» — «Север-Тент» научнай-чинчийэр уонна үөрэхтээһин киинин конструкторскай хампаанньатын оптика уонна электроннай прицела, харыстыыр, бүрүйэр уонна маскировкалыыр оҥоһуктара уо.д.а. көрдөрүллэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана бэлиэтииринэн, «Аармыйа-2024» пуорумҥа ыытыллыбыт быыстапкаҕа Саха сирин тэрилтэлэрин кыттыылара сайдыыны түстүүллэр, бу байыаннай сулууспалаахтарга наадалаах саҥа сүүрээннэри тобулууга сонун бырайыактары оҥорууга туһуланар.
Норуоттар икки ардыларынааҕы «Армия-2024» пуорум атырдьах ыйын 14 күнүгэр диэри ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: